Куйаастан хайдах харыстаныахха?

11.07.2020
Бөлөххө киир:

Саха сирин киин өттүгэр 30 кыраадыстаах өҥүрүк куйаас түһэр кэмэ. Ону тэҥэ, харантыын кэмэ буолан, ип-итии дьиэҕэ хаайтаран, буһа олоруу киһи доруобуйатыгар үтүөнү аҕалбат. Куйаас күннэргэ доруобуйабытын хайдах харыстыыбыт?

Куйааска инсульт, инфаркт статистиката үрдүүр. Сыл аайы Арассыыйаҕа 450 тыһыынча кэриҥэ киһи инсульт ыарыынан ыалдьар. Инсультан өлүү Арассыыйаҕа Канадатааҕар, АХШ-ҕар 4 төгүл үрдүк.

Киһи организма өр кэмнээх итиини тулуйбат. Эт сүмэһинэ көлөһүн буолан бычыгырыыр, ууну кытта наадалаах минераллар тахсыһан, электролитнай баланс кэһиллэр. Калий тиийбэт буолан, сүрэх былчыҥа эмсэҕэлиир. Хаан хойдор, иммунитет мөлтүүр, дабылыанньа түһэр-тахсар. Ол иһин инсульт, инфаркт элбиир. Онон сааһырбыт чугас дьоҥҥут – төрөппүттэргит, эбэлэргит-эһэлэргит доруобуйаларын кэтээн көрө сылдьыҥ.

Аһара итииргээтэххэ (перегрев), тумуулуохха да сөп. Онуоха киһи «үрдэрдим быһыылаах» дии саныыр. Ол сөп эрээри, куйаастан иммунитет мөлтөөбүт буолан, киһи тумууга түргэнник бэринэр. Онон олус итииргээбэт да, курдары тыалга үрдэрбэт да курдук дьаһаныахха наада.

Тэттик сүбэлэр

Итии дойдуларга куйаастан хайдах көмүскэнэллэр? Былыр-былыргыттан кинилэр организмнара итиигэ үөрэммит эрэ буолбатах, ону тулуйар араас ньымалардаахтар. Кинилэр тоҕо халыҥ халааттары, паранджалары, бараан түүлээх бэргэһэлэри кэтэллэрий, былаатынан бүрүнэллэрий?

Ол таҥастара тиэрмэс курдук буолар эбит: халыҥ таҥас итиини киллэрбэт, көлөһүн эти сойутар, онон итииргээбэттэр. Оттон биһиги сайын халыҥ таҥаһы кэппэппит биллэр, ол оннугар ууну оборор, сөрүүкэтэр хлопок, лүөн таҥастары кэтиэххэ наада.

Итии дойду олохтоохторо итии чэйи иһэн бурулаталлар. Азия олохтоохторо итии чэйи истэххэ көлөһүн тахсан баран, киһи итииргээбэт уонна хааны убатар диэн өйдөбүллээхтэр. Сахалар эмиэ куйааска итии чэйи иһэллэрин сөбүлүүллэрэ эбээт.

Гаастаах утахтар, пиибэ, кыбаас, гранат, хараҥа виноград суоктара, төттөрүтүн, хааны хойуннараллар, онон куйааска иһэр куһаҕан. Киһи ас буһарыныан, элбэҕи аһыан да баҕарбат. Онон эт оннугар балыгы, кууруссаны, салааттары, оҕуруот аһын, фруктаны хото сиэҥ.

Нууччалар сайын буһарыыны эрэйбэт тымныы окрошка миини оҥороллоро үгэскэ кубулуйбут. Сахалар оту-маһы булкуйан, үрүҥ аһы, балыгы хото сииллэрэ.

Сүрэҕи харыстыыр туһуттан күн аайы 5-10 кураганы сиэххэ сөп: бу хааны калийынан хааччыйар уонна сүрүн уорганы бөҕөргөтөр. Инчэҕэй былааты, соттору моонньуга кэтэ сырыттахха, бэркэ сөрүүкэтэр. Хааны убатарга аспирин иһиэххэ сөп эрээри, бастаан хайаан да бырааһы кытары сүбэлэспит ордук, эми мээнэ иһиллибэт.

Элбэх ууну иһэ сылдьыахха наада. Ону ааһан, исписэлиистэр минеральнай уонна минерализованнай ууну иһэри сүбэлииллэр (көлөһүнү кытары минераллар тахсан, организмҥа тиийбэт буолаллар). Тымныы, муустаах уу ноорго, куртахха куһаҕаннык дьайар, ол иһин сөрүүн уу буолуохтаах. Итииргээн баран, муустаах ууну, кымыһы киллиргэттэххэ, ноор ноҕуруускалаан, киһи көлөһүнэ сарт түһэ сылдьар буолан хаалар.

Минерализованнай ууну маннык оҥоруохха сөп: 1 лиитэрэ оргуйбут ууга 1 ост. нь. саахары, 1 ч.нь. тууһу, биир кымаах суоданы кутан баран, булкуйаҕыт. Күҥҥэ ыстакаан аҥардыынан 2 лиитэрэни иһиэххэ наада.

Кондиционер суох буоллаҕына

Үгүс ыаллар уонча күн куйаас буоларыгар кондиционер туруоруохтарын кэрэйэллэр. Ол эрээри, дьэ, ол уонча күнү нэһиилэ тулуйаллар. Күн көрөрүттэн дьиэ истиэнэтэ сылыйан хаалан, түүн да баанньык курдук буолар.

Маннык түгэҥҥэ суорҕан оннугар бырастыынанан сапталлар. Түннүккэ инчэҕэй бырастыынаны ыйаатахха, быдан сөрүүкэтэр. Грелкаҕа уу кутан, морозильникка уган тоҥорон баран, орон аттыгар уурдахха, түүнү быһа салгыны сөрүүкэтиэ.

Дьиэҕит түннүктэрин күн көрөр кэмигэр аһымаҥ. Сылааһы киллэриэххит. Халыҥ сабыынан, жалюзинан сабыҥ. Күн уотун тэйитэр фольганы сыһыарыҥ.

Хоһу сөрүүкэтэр “кондиционеры” бу курдук оҥостуохха сөп: хордуон дьааһыгы икки өттүнэн быһан, улахан хайаҕастары оҥороҕут. Дьааһык иһигэр муустаах иһити уураҕыт. Вентилятор салгына бу дьааһык түннүгүнэн киирэн, атын хайаҕаһынан тахсарын курдук үрдэрэҕит. Оччоҕо тымныы салгыны дьааһыктан үрэн таһаарыа.

Иккис ньыма. Биэдэрэ иһин фольганан, эбэтэр пеноплаһынан бүрүйэҕит. Хас да сиринэн дьөлөҕөс оҥорон, пластик турбалары угаҕыт. Хаппаҕар эмиэ кыра вентилятор батарын курдук дьөлөҕөһү оҥороҕут. Биэдэрэҕэ муус уган баран, вентилятордаах хаппаҕынан сабаҕыт. Вентилятор үлэлээтэҕинэ, тымныы салгыны турбаларынан үрэн таһаарар.

Муустаах уу оннугар памперс иһинээҕитин туһаныахха сөп. Памперсы көтүрэн, иһинээҕитин туспа иһиккэ кутан баран, ууну кытта булкуйаҕыт. Ууну оборон, желе курдук буолар. Ону салапаан пакеттарга уган, баайан, эбэтэр кытыыларын сыһыаран баран, морозильникка тоҥорон кэбиһэҕит. Бу муустаах уутааҕар ордук сөрүүкэтэр.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0