Куйааска утахпытын ханнарыаҕыҥ

Ааптар: 
28.06.2017
Бөлөххө киир:

Куйааска киһи эрэ барыта улаханнык тиритэр-хорутар. Итинтэн сылтахтанан сылбаахы буолар, утуйуон баҕарар. 

Учуонайдар бэлиэтээбиттэринэн, куйааска киһи организмыттан 1 л уу көттөҕүнэ, утатар. 2 л -толкуйдуур дьоҕура намтыыр, 3 л — мэйиитэ эргийэр. Онон сайыҥҥы куйаас күннэргэ чэбдиктик, сэргэхтик сылдьарга сөп-сөп уута иһиҥ диэн сүбэлииллэр. Маныаха дьон да утах арааһын оҥостор, интэриниэккэ да элбэҕи суруйаллар. Биһиги онтон саамай судургуларын талабыт.

Уу

Куйааска иһэр уугун икки төгүл элбэтиэхтээххин. Маныаха хаһан утатаргын кэтэһэ сатаабакка, сөрүүн ууну ылан кыра-кыратык иһэ сылдьарыҥ ордук диэн сүбэлииллэр.

Сельдерейдээх утах

500 г сельдерей, 250 г дьаабылыка, 100 мл томат суога, саахар, туус. Селдьерейи бытархай гына кырбастыыбыт уонна сүмэһинин ыган ылабыт. Дьаабылыканы түөрт гына быһабыт, ортотун ыраастыыбыт, сүмэһинин ылабыт. Томат, дьаабылыка, сельдерей сүмэһиннэрин булкуйабыт, кыратык туус, саахар кутабыт.

Күөх чэй

Күөх чэйи сылааһы да, сөрүүнү да саахардаабакка иһиҥ диэн этэллэр. Р битэмиинэ хаан эргииригэр, холестерины намтатарга туһалааҕын бэлиэтииллэр.

Кучуттан чэй

Кучу чэйи бардарыы син ханнык баҕарар атын чэйдэр курдук оҥоһуллар. Манна моонньоҕон, дьэдьэн, хаптаҕас, дөлүһүөн сэбирдэхтэрин эбиэххэ сөп.

Үрүҥ ас

Саха дьоно ымдааны, суораты, үүтү, үөрэ отуттан утаҕы былыр-былыргыттан өрө тутан кэлбиттэрэ. Билигин да сөбүлээн иһэр киһи элбэх.  Утаҕы ханнарар уонна киһи сэниэлэнэр диэн этэллэр. Манна кефири, ряженканы эбэн кэбиһиҥ.

Ымдааны оҥорорго, сөрүүн ууга суораты кутаҕын, муус эбэҕин.  Үөрэ отун оҥорор буоллаххына, маҥнай отун ууга буһараҕын. Сымнаабыт оту кырбастыыгын. Буспут сөрүүн ууга от оргуйбут уутуттан кыратык эбэҕин, суораты уонна кырбастаабыт үөрэҥ отун кутаҕын, ытыйаҕын. Бу утахтары хайаларын да амсайан көрөн, суораты (үөрэ отун) бэйэҥ баҕараргынан эбэн биэриэххин сөп.

Морс

Отонтон, моонньоҕонтон, хаптаҕастан морс утаҕы ханнарарын сэргэ, доруобуйаҕа улахан туһалаахтар.

Лимоннаах чэй

Күөх эбэтэр хара чэйи бардарабыт, сойутабыт, кыратык саахардыыбыт. Лимон сүмэһинин эбэбит. Эбэтэр лимон кутабыт. Ууга лимон сүмэһинин эбиэххэ эмиэ сөп.

Оҕурсуттан лимонад

Наада буолаллар: Биир оҕурсу, биир лимон эбэтэр лайм, биир ыстакаан уу, сахар. Оҕурсу хаҕын ыраастыыбыт, кубиктыы кырбастыыбыт. Ыстакаан аҥара ууну кытта оҕурсуну блендердиибит, сиидэлиибит. Ыстакаан аҥарыгар хаалбыт уубутун эбэбит, лимон (лайм) сүмэһинин, саахары уонна эрдэттэн тоҥорон бэлэмнээбит муустарбытын кутабыт. Киэргэтэн ыстакаан кытыытыгар оҕурсу кыбытыахха, кыратык мята эбиэххэ сөп.

Отонноох смузи

Наада буолаллар: Ыстакаан үүт, 100 г сымнаҕас сыыр, 1 ост.нь. саахар, 150 г отон (моонньоҕон, хаптаҕас, дьэдьэн). Үүтү кытта сыыры, саахары холбуу кутан блендердиибит. Отону (моонньоҕон, хаптаҕас, дьэдьэн о.д.а.) эбэбит уонна эмиэ эрийтэрэбит.

Банааннаах смузи

Банааны уонна үүтү холбоон блендердээн, миксердээн бэртээхэй утах оҥороҕун. 250 мл үүккэ банан аҥара сөп буолар. Ыраастаммыт бананы үүтү кытта миксердиибит.

Марокканскайдыы чэй

Наада буолаллар: Биир ыстакаан күөх чэй, 1,5 л уу, 5 мята уктары, 5 ч.ньуоска саахар. Фарфор чаанньыгы оргуйбут уунан сайгыыбыт уонна чэйбитин кутабыт. Ол чэйбитигэр биир ыстакаан оргуйбут ууну кутан баран булкуйабыт. Чэйбит отторо үчүгэйдик илийбиттэрин, түгэҕэр түспүттэрин кэннэ, уубутун сүөкүүбүт. Онтон мятабытын атын иһиккэ уган баран, үрдүгэр оргуйбутунан ууну кутабыт, ылан куурдабыт уонна бытархай гына кырбыыбыт. Бытарытыллыбыт мятабытын чаанньыкпытыгар төттөрү кутабыт, саахардыыбыт, ол кэнниттэн оргуйбутунан ууну кутан булкуйабыт. Чэйбитин сойутабыт, ыстакааҥҥа кутабыт, онтон эмиэ төттөрү чаанньыкка сүөкүүбүт. Итинник хаста да хатылыыбыт. Бүтэһигэр чаанньыктаах чэйбитин салфетканан сабан, 3-4 мүнүүтэ туруорабыт.

Чэгиэн буолуҥ!

Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0