Куйаастан хайдах харыстанабыт?
- Күлүктээх сирдэринэн сылдьыҥ, веердэниҥ, зонтигынан хаххаланыҥ, сэлээппэтэ кэтиҥ.
Күн уотугар сиэттэххэ
- Күн уотугар сиэттэххитинэ, алоэ сүмэһининэн кэмпириэстэниҥ.
Утахпытын ханнарыаҕыҥ
- Сөрүүн уу утаххытын ханнарыа.
- Сылаас чэй сылааска утаҕы ханнарарынан ааттаах.
- Айанньыттар ууга кыратык мята, лимон сүмэһинэ эбэтэр кып-кыратык туус кутан баран иһэргэ сүбэлииллэр.
- Минеральнай уу абырыа
- Кыбааһы бэйэҕит оҥостуҥ
- Күөх чэй хайҕаллаах
- Үрүҥ ас ааттаах
Тугу эбии аһыыр ордугуй
Биллэн турар, сүрүн аһылыгы таһынан, бэйэ оҕуруотун аһыттан эбии аһыы сылдьар туох да куһаҕаны оҥорбот.
- Арбуз, дыня куйааска сииргэ олус үчүгэйдэр.
- Оҕурсу
- Помидор
- Сельдерей
- Хаппыыста
Бэйэ оҕуруотун аһын аһыырга кыһаллыҥ.
Итииргээн сөп буоллахха
- Душтаныҥ. Эбэтэр тымныыны тутуҥ. Сүүскүтүгэр буолбатах. Тарбахтаргытыгар, бэрбээкэйгитигэр, такымҥытыгар, кулгаахтаргыт кэннигэр. Ол гынан баран, аһара тымныыттан сэрэниҥ.
Өйдөөҥ
- Туустаахтан да, минньигэстэн да туттунан эриҥ.
- Кыраадыстаах утахха чугаһаамаҥ.
- Аһара тото аһаамаҥ.
Сүбэлэр
Дөлүһүөнтэн кыбаас
Наада буолаллар:
1 кг дөлүһүөн,
800-1000 г саахар,
20-30 г доруоһа,
1 куһуок килиэп (хара килиэп өссө үчүгэй),
10 лиитэрэ уу.
Бэлэмниибит:
Дөлүһүөнү сууйабыт, ыраастыыбыт, бытархай гына кырбастыыбыт. Саахары кытта мэһийэн баран сылаас ууну кутабыт. Доруоһалаах саахары уонна килиэп куһуогун эбэбит. Сылаас сиргэ туруоран баран, аһыйыытын саҕана маарыланан сиидэлиибит. Иһиттэргэ кутабыт, ыга хаппахтыыбыт уонна эмиэ сылаас сиргэ суукка устатыгар туруорабыт. Ол кэнниттэн сөрүүн сиргэ көһөрөҕүт.
Моонньоҕонтон кыбаас
Наада буолаллар:
1 кг моонньоҕон,
2,5 л тымныы уу,
1,5 ыстакаан саахар,
10 г доруоһа,
изюм.
Бэлэмниибит:
Моонньоҕону сууйан баран, сиидэҕэ аалан сүмэһинин таһаарабыт. Ууга саахары уулларабыт онно сүмэһини кутабыт. Сылаас ууга уулларбыт доруоһабытын эбэбит уонна иһиппитин хаппахтаан түүн устатыгар туруорабыт. Сарсыныгар иһиттэргэ кутуталыыбыт. Хас биирдии иһиккэ 2-3-түү изюм эбэбит, ыга хаппахтыыбыт. Кыбаас сарсыныгар бэлэм. Маннык оҥоһуллубут кыбааһы 3-4 күнүнэн иһэн бүтэриэхтээххит.
Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскалар: интэриниэттэн