Куйаас күннэргэ хайдах харыстаныахха?

04.07.2018
Бөлөххө киир:

Күн итии сыралҕаныттан уулуссаҕа, сөтүөлүүр сирдэргэ эрэ буолбакка, массыынаҕа, оптуобуска айаннаан иһэн  эмсэҕэлиэххэ эмиэ сөп.

edersaas.ru


Күҥҥэ оҕустарыы организм наһаа итийэриттэн тахсар, оччоҕо ньиэрбэ киин систиэмэтэ уонна сүрэх-тымыр, тыҥа, куртах-оһоҕос үлэлэрэ кэһиллэллэр.

Куйаас күннэргэ доруобуйаны харыстыыр туһунан сүбэлэри Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ биэрэр:

— Киһи тириитэ тыынарыгар мэһэйдээбэт уонна организм итийэригэр тириэрдибэт натуральнай матырыйаалтан тигиллибит таҥастары кэтиҥ;

— Утаттаххытына сылаас ууну иһиҥ – сылаас уу утаҕы ордук ханнарар уонна күөмэйи ыарытыннарбат;

— Күнүс 12-14 ч. диэри күн уота ордук күүскэ көрөр. Бу бириэмэҕэ эккитигэр күн сардаҥалара түспэтин курдук харыстана сатааҥ – бүтэй таҥаһы кэтиҥ уонна күнтэн харыстанар кириэмнэринэн соттуҥ;

— Кырдьаҕас уонна сүрэх-тымыр ыарыылаах дьон, оҕолор бу бириэмэҕэ сөрүүн дьиэҕэ олороллоро ордук;

— Төбөҕүтүгэр сэлээппэ кэтэргитин эбэтэр зонтиктаах сылдьаргытын умнумаҥ;

— Арыгылаах утаҕы иһимэҥ – куйаас күннэргэ арыгы организмҥа дьайыыта хас да төгүл күүһүрэр;

— Түргэнник буорту буолар аһылыгы билбэт сиргититтэн атыылаһымаҥ – итии күннэргэ бактериялар олус түргэнник тарҕаналлар, ол араас сүһүрүүгэ тириэрдиэн сөп;

— Элбэхтик душтаныҥ, уу тирии хайаҕастарын ыраастыыр уонна эти-сиини чэбдигирдэр;

— Сөрүүкэтэр тэриллээх хоско температура +23, +25 аллараа буолуо суохтаах;

Күҥҥэ оҕустарбыт киһиэхэ бастакы көмө:

— Бастатан туран, эмсэҕэлээбит киһини күлүккэ таһаарыҥ эбэтэр арыый сөрүүн дьиэҕэ киллэриҥ;

— Төбөтүн өндөтүҥ;

— Таҥаһын устан баран, тымныы уунан ыстарыҥ эбэтэр эти-сиини сөрүүкэтэ охсор туһуттан сииктээх бырастыынанан суулааҥ;

— Төбөтүгэр (төһө кыалларынан төбөтүгэр барытыгар) сииктээх, сөрүүн компреһы ууруҥ;

— Сөрүүн уута биэриҥ.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0