Аан дойдутааҕы хомус түмэлин өр сылларга салайан сүһүөҕэр туруорбут, саха хомуһун аар саарга аатырдыыга сыралаһан үлэлээбит дьоннортон биирдэстэрэ Николай Шишигин: “Киһи хомуска үлүһүйэн оонньоотоҕуна, ураты дьикти турукка киирэн, ханна баарын кытта умнан, Үрдүк Мэҥэ халлаантан кутуллар дорҕооннору доҕуһуоллаан чэпчээн, дайан барыах курдук буолар. Хор, ити Хомус Уйбаан барахсан, хаста даҕаны оннук турукка киирэн тахсыбытын аттыгар сылдьан билэн турардаахпын”, – диэн кэпсээбиттээх. Онон Хомус Уйбаан субу соторутааҕыта таһаарбыт, бэйэтэ улахан монография буолуон сөптөөх кинигэтин “Куйаартан кутуллар дорҕооннор” диэн мээнэҕэ ааттаабатах буолуохтаах…
Бу кинигэтин туһунан Хомус Уйбаан: “Чуолаан, саха тимир хомуһун сайдыытыгар тыын киллэрэн, бүгүҥҥү күннээх өрөгөйүгэр тиийэ үлэлэспит дьоннортон биирдэстэрэ буоларбынан даҕаны, муусука бу тэрилин устуоруйатын билиэх, чинчийиэх да баҕалаахтарга сүбэ-соргу буолуох айылаахтары тиэмэлэринэн салаа-салааҕа түмэн сааһылаатым”, – диир. Ол да иһин кинигэ хас биирдии салаата саҕаланарыгар кичэллээхтик, өйдөнүмтүөтүк “киирии тыл” дэнэр далаһалары суруйталаабыт. Онон хомуска сыһыана да суох эдэр киһи өйдүөн, кинигэҕэ кэрэхсэбилэ үөскүөн сөп курдук көрдүм.
– Араас таһымнаах ырытыылар кэмэ суох элбээн иһэллэр. Ол курдук, хомус түҥ былыр хайа дойдуларга үөскүү сылдьыбытын, хомусчут дьон ол тэрилгэ хайдах оонньообутун сабаҕалааһыннар бааллар эбит. Икки тыһыынчаттан тахса сыллааҕылар сүппэккэ, билигин Арассыыйаҕа эрэ буолбакка, Филиппин, Индонезия эргин эмиэ муусука тэрилэ буолан сылдьар. Ордук Дьобуруопа омуктарын хомустарын устуоруйатын чинчийиини сэргэ, билиҥҥи кэмҥэ хомус тарҕаныытын, биирдиилээн толорооччулар ситиһиилэрин бичийии, бэл, хоһооҥҥо хоһуйуу XIX үйэ ортотуттан ыла саҕаламмыта. Оттон Азия омуктарын хомуһун чинчийии сыччах ХХ үйэ ортотуттан саҕаламмыта диир сөп. Хайдах баарынан эридьиэстээһин (описательное исследование), суруйуулар баарынан бааллар эрээри, (Р.Б. Галайская, К.А. Вертков,
В.А. Брунцев) түмэн ырыппыт холобурдара олох кэлиҥҥи кэмҥэ эрэ көстүтэлииллэр. Бу тиэмэ, дьиҥэр, дириҥ хоннохтоохтук чинчиллэн, билим таһымнаах үлэлэр өссө кэҥиир, дириҥиир туруктаах. Саха хомуһунуун «аймахтыы» тэриллэр сир-дойду аайы сөргүтүллэн, муусукаларын уратыта чопчуланан эрэр, – диэн суруйар Иван Егорович.
Тыһыынчанан сылларга хомус, киһи санаатын сайа этэр дорҕоонноох атас-доҕор буолан, күн бүгүнүгэр диэри тиийэн кэллэ. Өссө ыраах-чугас айаннарга аргыс буолла. «Солко суола» баарына киһи барахсан илин-арҕаа дойдуларынан арҕарарын саҕана дууһаны көнньүөрдэр аналын ыһыктыбатаҕа. Ол туоһута буолбут чахчы кыргыз «Манааһыгар» маннык этиллэ сылдьар: «Саани кыыс саҥата этигэн хомус дорҕоонунуу иһиллэр», – диэн былыр үйэтээҕигэ да кэрэ дорҕоону истэн дуоһуйуу ис дьиҥин, күүһүн этэр. Инньэ гынан, хомуһу харысхал быһыытынан илдьэ сылдьыы саха үгэһигэр эмиэ баар: дөрүн-дөрүн бигии тутан, имэрийэн, уоска-тиискэ өйүү тутан, ахтылҕаннаах-дьаралҕаннаах этигэнин истэн астынаары, эгэлгэ иэйиини иэнигитэн уһугуннараары…
Киһи дьоло – үөрэнээччилэригэр…
Хомус – аныгы сайдыылаах киһи аргыһа буолла. Сир-дойду үрдүнэн билиннэ, бэл, куосумас куйаарыгар ыйы-ыйынан хорсун космонавт доҕоро буолан дьүрүһүйэ туойда. Өксөкүлээх Өлөксөй ыралаабытыныы, хомус аан дойдутааҕы уопсастыбата, Сахабыт сиригэр хомус түмэлэ баар буолла. Дойду-дойду ахсын омуктар бэйэлэрин хомустарын тэрилтэтин иилээн-саҕалаан үлэлэтэллэр. Хомусчут дьон, омугуттан тутулуга суох, доҕордуу или-эйэни түстүүллэр, бииргэ үлэлииллэр, саҥаны-сонуну айаллар-туталлар. Ону барытын Хомус Уйбаан оҥоруста, тутуста, салайыста даҕаны. Киһи дьоло – үөрэнээччилэригэр» дэнэринии, хас эмэ сүһүөх хомусчуттары, хомус учууталларын, хомус билимин иилиэх-салайыах дьону, бэл, виртуоз хомусчуттары иитэн таһаарда. Ити эрэ буолуо дуо, сир-дойду аайы үтүө санаалаах дьону түмэн доҕор-атас оҥостон бииргэ үлэлээн саҥаттан саҥа суолу-ииһи тэлэн кэллэҕэ. Уһулуччу суолталаах түгэннэр Фредерик Крейни, Леонард Фоксу, Джон Райты, Болат Сарыбаевы, Франц Кумплу, Вестад Свейни, Валерий Брунцевы, Лео Тадагаваны, Аюш Мунхчимэгы кытта сирэй көрсөн, хомус кэскилин бигэтик түстээтэхтэрэ.
“Биир дойдулааҕым Эдуард Ефимович Алексеевтыын, норуот уус-уран айымньытын силиһин-мутугун ырыҥалааччы дуоктардыын, дьону түмэн, хомус муусукатын сарпа-садарах кустугун таба көрөн, хайдах үөскүүр айылгылааҕын, ол туохха ордук суолталааҕын ырытан, ону таһынан үөскэтэр эгэлгэ дэгэтин билим таһымынан чинчийиибит бу кинигэ VIII салаатыгар киирдэ. Онно Эдуард Ефимович Эмиэрикэ Холбоһуктаах Штаттарыгар биллэр акустик-учуонай А.В. Никольскайы уонна Саха сириттэн учуонай В.Е. Дьяконова биһиккини кыттыһыннарбыта хомуһу чинчийиигэ саҥа көрүүлэри үөскэттэ” диэн суруйбут ааптар.
Норуодунай дипломатия көстүбэт күүһэ
Иван Егорович кинигэтигэр хомуһу охсор идэтийбит уус дьон туһунан ураты миэстэни ылар. “Ону күөрт күпсүйдэҕинэ, кыһа чыҥыйдаһына” диэн туспа салаа оҥорон суруйбут.
Билиҥҥи кэмҥэ варган (хомус) үөрэҕин научнай төрүккэ олоҕуран чинчийиини саҕалаабыт, аан дойдуга араас омуктарга тус-туспа үөскээбит хомус түмсүүлэрин сомоҕолообут Америка Айова-Сити университетын бэрэпиэссэрэ Фредерик Крейн үтүөтүн-өҥөтүн бэлиэтээн ааптар анал ыстатыйатын бу кинигэтигэр киллэрбит. Хомуһу (варганы) үөрэтии бастакы научнай сурунаалын төрүттээбит, аан дойдуга бу ураты муусука эйгэтин түмсүүтүн тэрийбит дьоһун киһи биһиги Иван Егоровичпытын кытта маҥнай 1987 сыллаахха сибээстэспитэ. Икки уһулучулаах энтузиаст дьон нөҥүө сылыгар сайын Вашингтоҥҥа көрсүбүттэрэ. Биһиги хомуспут, хомусчуттарбыт, хомус эйэтин тэрийиибит бу улахан учуонайы хайдахтаах курдук сөхтөрбүтүн ааҕааччы бу кинигэттэн билэн бэйэтэ быһаарыаҕа.
Фредерик Крейн 2009 сыллаахха Америка Плезант куоратыгар биһиги дьоммутун ыҥыран араас омуктар 595 хомустарын Дьокуускайга баар Аан дойдутааҕы хомус түмэлигэр бэлэхтээһинэ ураты сыанабыл буолар. Ити түгэн туһунан үгүс өрүттээх талааннаах, хас да наука учуонайа, түмэл дьыалатын чахчы баһылаабыт киһи К.Д. Уткин “Ытыс ымыыта” диэн кинигэтигэр маннык суруйан хаалларбыт эбит: «Кини хомуһун суола оҕо сааһыттан, биһигин ыйаабыт сириттэн – Бүлүү Кыбыгыдьааныттан саҕаланар уонна Туймаада тумаратыгар кэлэн, «Алгыһынан» айаннаан, аан дойду аҕыс аартыгынан умсулҕаннаахтык устар. Хомуска сыһыаннаахтары хантан истэн, хантан булаттаан, Арассыыйа, Сойуус нэлэмэн иэннэриттэн, Европа, Азия, Эмиэрикэ дьохсооттуур дойдуларыттан билсиһитэлээн, биир ситим кэлимигэр киллэртээбитэ, Хомус Уйбаан үс курун биир килбиэнин кэтитэ буолуохтаах. Соргутун түөрэҕэ олордьу түһэн дуу, үөһээҥҥи Үрдүк Айыылара ылбаҕайдык ыйан дуу, Хомус Уйбаан Фредерик Крейни көрсүһүүтэ, улуу киһилиин билсиһиитэ, дьоллоох доҕордоһуута саха хомуһун кылбаҥныыр кынатыгар хос кынат буолан, албаралыы айаннатта. Аарыктаах хомус албан сураҕа аҕыс аартыгынан айаннаан, хобо чуораан хомуһугар кубулуйда. Оттон олоҕун ойулгута буолбут хомуһун кэллиэксийэтин «Хомус» мусуойун пуондатыгар бэлэх уунуута – улуу доҕордоһуулар олоҥхоҕо хоһуллар ытык ырыалара, дорҕоон тойуктара буолар. Бу буолар аан дойду илгэлээх илин, чугасаһар тускулун биһирэмнээн бигэргэтэр үйэлээх мэҥэтэ. Маны этиэххэ сөп норуодунай дипломатия көстүбэт күүһэ, сырдык сыдьаайа, сирдиир ситимэ диэн. Илиҥҥи, арҕааҥҥы күөнтэһиилэр күүстэрин өһүлэр истиҥ сыһыан, эйэҕэс эргиир домноох туоһута, кэрэмэс кэскилэ. Бу – култууралар сымнаҕас сыһыаннарын холоонноох холбоһууларын, бараммат байытыһыыларын туомтуу тутан көрдөрөр ытык бэлиэ. Бу – кэлэр кэмнэр алтыһыыларын, айаннааһыннарын тускула буолар”.
Убайбытын, бу саҥа кинигэ ааптарын Иван Егорович Алексеевы аата-суола элбэҕэ уонна улахана бэрт буолан, мин судургутук “Аан дойду бэрэсидьиэнэ” диэн ааттааччыбын. Ол эрээри, бу кинигэтин ырыппыта буолан билиһиннэрэ сатыы олорон кини кимин-тугун туһунан суруйдахха сатанар курдук. Тоҕо диэтэххэ, сэмэйэ бэрт буолан, бэйэтэ ону эһиэхэ эридьиэстии сатыы сылдьыа суоҕа. Саха омугар Хомус Уйбаан диэн таптал аатынан биллэр киһибит тыл билимин дуоктара, бэрэпиэссэр, Айылҕа билимин Дьобуруопатааҕы акадьыамыйатын дьиҥнээх чилиэнэ, Арассыыйа уонна Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, А.Е. Кулаковскай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ, Саха хомсомуолун бириэмийэтин лауреата, Арассыыйа билимин Сибиирдээҕи салаатын бочуоттаах бэтэрээнэ, СӨ култууратын бочуоттаах үлэһитэ, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына, Хомус Аан дойдутааҕы уопсастыбатын бочуоттаах бэрэсидьиэнэ, Хомус Аан дойдутааҕы түмэлин төрүттээччи, Дьокуускай куорат, Бүлүү, Эдьигээн улуустарын уонна төрөөбүт Кыргыдайын нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо уонна да элбэх-элбэх…
Онон, омукпут таптыыр, сүгүрүйэр, ытыс үрдүгэр илдьэ сылдьар киһитэ Хомус Уйбаан элбэҕи, дириҥи эҥсэр санаалара бу саҥа кинигэтигэр түмүллэн киирбиттэр. Саҥа кинигэ билии төрдө, кэрэни дьүһүйэр, үгүс омуктары кытта алтыһар, сомоҕолоһор, наука чыпчаалларын дабайар суолбутун ыйар аналлаах дуу дии санаатым.
Николай Крылов,
суруналыыс.