Сүбэһит: Күһүнү күлбүтүнэн көрсөбүт

09.09.2018
Бөлөххө киир:

Сайыммыт элэс гынан аастаҕа түргэнин. Күһүммүт барахсан күлүмүрдээн кэлэ оҕуста.

Күһүн от-мас хагдары­йар, айылҕа чуумпурар, көтөрдөр сылаас сиргэ талаһаллар, кыыллар уһун, кытаанах кыстыкка бэлэмнэнэллэр. Ол курдук, дьыл кэмэ уларыйыытыгар киһи организма эмиэ “истириэстиир”, бэлэмнэнэр.

Ол түмүгэр киһи курус санаа­ҕа куустарар, ыарыыта көбөр, тумуулуур, бастакы тымныыларга тоҥор-хатар. Ардахтаах-силбиктээх, тымныы күннэргэ халлаан баттыыр курдук буо­лааччы. Хайдах эрэ маннык кэмҥэ киһи иэрэҥ-саараҥ балаһыанньаҕа киирэн хаалар, тугу да гыныан билбэт, сууланан баран, сытыан эрэ баҕарар буолан хаалар. Онон дьон үксүгэр кыс хаар түһэрин, сир тоҥорун кэтэһэр.

Күн кылгыыр, ол иһин киһи сырдыга тиийбэккэ, депрессиялыан сөп. Күн уотуттан Д битэ­миин, серотонин үөскүүрэ биллэр. Ол тиийбэккэ, киһи үөрбэт-көппөт буолан хаалар, санааҕа баттатар.

Дьэ, күһүнү хайдах бэлэмнээх көрүстэххэ, курус санааҕа куустарбат эбиккиний?

Сылаастык таҥныҥ

Кутуйах түүлэннэҕинэ “ычча!” дииринии, киһи күһүн ордук тоҥор. Саас 5 кыраадыс тымныыны олус сылаас курдук ылынабыт. Күһүн кыратык тымныйда да, олус тоҥобут-хатабыт. Сайыҥҥы курдук сото сыгынньах, чараас куопталаах эрэ сылдьыахпытын баҕарабыт.

Ол эрээри, сылаастык таҥна сырыттахха, ханнык да тымныыга бэриммэккин. Плащтары, кууркалары, бэргэһэлэри, үтүлүктэри, соппуоскалары эрдэттэн таһааран бэлэмнээн кэбистэххэ, тымныыны тулуйа сатыаҥ суоҕа. Өссө биир эмэ саҥа таҥаһы атыыластаххына, күһүнү үөрүүнэн кэ­­тэһиэҥ.

Иммунитеты бөҕөргөтүү

Бу кэмҥэ киһи иммунитета мөлтүөн сөп. Онон, иммунитеты бөҕөргөтөргө эхинацея олус туһалаах. Тумуу эпидемиятын кэмигэр муннуга гриппферон диэн иммуномодуляторы таммалата сылдьыахха сөп.

Аптекаттан мелисса, эхинацея, шалфей, календула, кукуруза бытыгын (рыльца) оттору тэҥ-­тэҥҥэ чаастарын ылан, кураанахтыы булкуйуҥ. Биир остолобуой ньуосканы ылан, термоска итии ууга көйөрүҥ. Чаас курдугунан, итиилии иһэн бурулатыҥ. Тумуу киирээри гыннаҕына, маннык чэй көмөлөөх.

Элбэхтик хамсаныҥ

Элбэхтик хамсанар киһи санаа­ҕа баттаппат. Тоҕо диэтэр, хамсаннахха-имсэннэххэ, эндорфин диэн үөрүү гормона үөскүүр. Айылҕа кыһыл көмүс дуйунан сууланан турар кэмигэр дьиэҕэ олорумаҥ. Бэлисипиэттээҥ, сатыы хаамыҥ, бассейнҥа сылдьыҥ, айылҕаҕа тахсан фотосессияны оҥоруҥ. Хас сарсыарда аайы сэрээк­кэлээҥ, саҥа күҥҥэ махтаныҥ. Хаһан да ылса илик саҥа дьарыгы булуҥ, доҕотторгутун кучуйуҥ.

“Перезагрузка”

Күһүн киһи туох эрэ саҥа дьыаланы саҕалыан баҕарар, былааннанар. Биир эмэ өрөбүл күн дьоҥҥутун ханна эрэ ыыталаан баран, төлөпүөнү арааран, сымнаҕас пледкэ сууланан олорон, минньигэстик аһааҥ, өр баҕарбыт киинэҕитин көрүҥ, кинигэтэ ааҕыҥ, хаартыската көрүҥ. Ытаан да, ыллаан да ылыҥ, муусуканы холбоон, үҥкүүлээҥ. Эргэ малларгытын быраҕаттааҥ. Уоскуйан олорон, инники былааннаргытын сурунуҥ.

Бу аата өйү-санааны сынньатыы, “перезагрузка” диэн буолар. Бу кэнниттэн киһи эрчимирэр,  олох олорор баҕата күүһүрэр.

Магнитнай буурҕалар

ФИАН диэн күн астрономиятын рентгеновскай лабораторията балаҕан ыйыгар ханнык күннэргэ магнитнай буурҕалар түһэллэрин иһитиннэрэр.

Ол чэрчитинэн, быйыл балаҕан ыйыгар түһэр магнитнай буурҕалар мөлтөх соҕустар. Балаҕан ыйын 11-16, 23 күннэригэр буолуохтаахтар.

Күүстээх буурҕа кэмигэр киһи мөлтөөн ылыан, дабылыанньата хамсыан, төбөтө ыалдьыан сөп. Онон бу күннэргэ бэйэҕитин харыстаныҥ. Өскөтүн ыарыйдаххытына, хайаан да балыыһаҕа баран көрдөрүнүҥ.

Минньигэстик аһааҥ

Күһүн киһи үчүгэйдик аһыы сылдьыахтаах. Хата, бу кэмҥэ оҕуруот аһа дэлэй. Ону тэҥэ, итии ас – дьиэ­тээҕи миин, торуой хайаан да баар буолуохтаах. Күһүн – сайын быйаҥыттан сомсор кэм. Онон бу кэмҥэ сибиэһэй, битэ­мииннээх аһылыгы дэлэйдик сиэхтээххин.

Хаһаайкалар, бу кэмҥэ саҥа ырысыаптары хасыһан булан, саҥа бүлүүдэлэри буһаран, дьиэлээхтэргитин күндүлээҥ. Тоҥон-хатан, сылайан кэллэххэ, дьиэ иһэ мииньигэс ас сытынан дыргы­йарын саҕа үчүгэй туох баар буолуой?

Итии чэйдэ иһиҥ

Үүттээх итии чэй түргэнник сылытарын бары билэбит. Европа тымныы дойдуларыгар олорор дьон глинтвейн, пунш, грог курдук итии утахтары сөбүлээн иһэллэр.

Оттон имбиирдээх, корицалаах, гвоздикалаах чэйдэр киһиэхэ туһаны эрэ аҕалаллар. Хаһыстахха, интэриниэккэ араас оттордоох, фрукталардаах, приправалаах чэй ырысыаба элбэх.

Мүөттээх бальзам

500 г. грецкэй эриэхэни, 300 г. мүөтү, 100 г. алоэ сүмэһинин, 4 лимону булкуйан баран, аһыах иннинэ биирдии остолобуой ньуосканан сии сылдьыахха наада.

Глинтвейн

Сухуой кыһыл арыгыны (750 мл) 70-80 кыраадыска диэри сылытабыт, 2-3 гвоздиканы, корицаны, 1 лимон суогун, 100 гр саахары эбэбит. Оргуйа сыһыар диэри булкуйабыт. Оргуйуо суохтаах! Кыратык сойута түһээт, итиилии иһэбит.

Имбиирдээх чэй

Имбиир силиһэ – 1 ост.нь, үүт – 0,5 л, уу – 0,5 л., гвоздика – 10 уст., кардамон – 10 уст., мускатнай эриэхэ – 0,5 ч. нь., күөх чэй – 2 ч.нь., хара чэй – 1 ч.нь.

Ууга гвоздиканы, кардамону, күөх чэйи кутан, оргутуҥ. Оргуйбутун кэннэ, үүтү, хара чэйи, кырбаммыт имбиири кутуҥ. Онтон мускатнай эриэхэни эбэн баран, кыратык оргута түһүҥ.

Бэлэмнээтэ Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0