Кустук кыыһа Кучу (кырачааннарга аналлаах остуоруйа)

Бөлөххө киир:
Былыргы, өссө сах Таҥара быдан иннинээҕи кэмнэргэ таҥаралар, абааһылар бары Орто дойдуга олорбуттара эбитэ үһү.

Уордаах таҥаралар сотору-сотору абааһылары кытта сэриилэһэллэрэ. Уот кутааҕа ийэ сири уматаллара.

Үөһээ мэҥэ халлаантан айбыт Айыы таҥара аан ийэ дойду аҕыс иитин-саҕатын көрбүтэ, били бэйэлээхтэрбит кыргыһан, Орто дойдуну бүтүннүү уоттаан кэбиһээри гыммыттар эбит. Ол иһин, хомуһуннаах былыты ыыппыт. Күрүлүүр күнүс Орто дойду үрдүгэр туман курдук хомуһуннаах былыт хоп-хойуутук түһэн, барыларын утутан кэбиспит. Утуйа сытар таҥаралары былыкка олордон, Үөһээ дойдуга таһаарбыт, оттон абааһылары Аллараа дойдуга утаарбыт. Былытын улаатыннаран, халлааҥҥа таһааран, Ийэ сири ардаҕынан сууйбут.

Арай, бу кэмҥэ Кустук кыыһа Кучу үөһээттэн Орто дойдуну одуулуу олорон, сир-дойду уокка умайбыт бааһын көрөн, аһынан сиргэ түспүт. Кыыс хаампыт сиринэн тэтэркэй сибэккилэр үүммүттэр, сири-уоту эмтээн, киэргэтэн барбыттар.

Онтон ыла ханна эмэ сиргэ уот бардаҕына, Кустук кыыһа халлаантан түһэн, ол сиринэн хаамар, Ийэ сиргэ эмтиир сибэккилэрин үүннэрэр буолбута.

Биирдэ Кучу сылайан, күөх симэх быыһыгар киирэн, сибэккигэ кубулуйан утуйан хаалбыта. Арай, утуйа сытан иһиттэҕинэ, кимнээх эрэ кэпсэтэллэр эбит. Хараҕын кылап гына арыйан көрбүтэ, биир кырдьаҕас эмээхсин сиэнин кытта оту-маһы көрө, арааһа, сир астыы сылдьаллар быһыылааҕа. Кучу хараҕын сабан баран: «Сибэккигэ кубулуйбутум бэрт даҕаны, иннинэн сирэйдээх, инчэҕэй харахтаах сиргэ түспүппүн көрбөтө эмиэ да үчүгэй курдук, аны соһуйан сири аймыахтар этэ», – диэн баран, атын ойоҕоһугар эргийэн утуйуох буолбута баара, эмээхсин кэлэн оруобуна кинини одуулуу турар эбит.

Эмээхсин бу Орто туруу дойдуга олорбута да ыраатта, билбитэ-көрбүтэ да элбэх, алааһыгар үүнэр араас оту-маһы барытын билэрэ. 85-с хаарын үктээбитэ, сылын аайы бу сиринэн ааһара да, арай бу тэтэркэй сибэккини аан бастаан көрдө. Чугаһаан, төҥкөйөн: “Чээн, кэрэҕин даҕаны”, – диэт, сибэкки сытын сытырҕалаата уонна “кэрэ нарын халлаан кыыһын курдуккун” – диэтэ.

Ону истээт, Кучу соһуйда. “Миигин көрөр дуу?” – диэн дьиксинэ санаата. Хата, сөрүүн тыал үрэн абыраата, баарын биллэрбэтэ. Эмээхсин: “Маны ылан, чэй оҥорон көөнньөрөн көрбүт киһи”, — диэтэ. Кучу ыксаан хаалан: ”Оҥор-оҥор, ис”, – диэбитин кулгааҕа эрэ истэн хаалла. Сиэним эттэ быһыылаах диэн, эмээхсин сэргээтэ, оргууй сэбирдэҕиттэн, сибэккититтэн ылла. Сиэнэ сүүрэн кэллэ уонна: «Эбээ, наһаа да кырасыабай сибэкки! Боруобалаары гынныҥ дуо? Арай, сүлүһүннээх буоллун? Уой! Эбээ, кыыс олорор дии!”

— Диэн соһуйбутугар, Кучу өйдөнөн кэлбитэ, дьүһүн кубулуммутуттан номнуо уларыйан, бэйэтэ бэйэтинэн олорор эбит.

— Эн кимҥиний? – диэн, сиэн кыыс ыйытта.

Кустук кыыһа Кучубун, – диэтэ соһуйан хаалбыт халлаан кыыһа.

Сиэн кыыс эдэрэ бэрт буолан, иннигэр халлаан кыыһа олорорун сибикилээбэтэ. Оттон эбэтэ сибэкки хомуйа-хомуйа номнуо ырааппыт эбит.— Мин Сандаарабын, эн урут бу сибэккини көрбүтүҥ дуо? – диэтэ сиэн кыыс.

— Суох. Бу мин хаамтахпына, хаампыт сирбэр үүнэн тахсар. Мин урут сиргэ түһэ илигим, бу уот барбыт сирин көрөн, аһынан түспүтүм – диэн, дьиҥнээхтии туох хайдах буолбутун кыыска кэпсээн биэрдэ.

— Оттон эбээм, арааһа, чэй оҥорон иһэн көрүөн баҕарар быһыылаах, чэйгэ барсыа дуо? – диэн кыыс ыйытта.

— Эн ыйытыый киниттэн бэйэтиттэн.

— Ээ, хайдах ыйытыахпыный? Ыйыттахпына даҕаны, эппиэтин сатаан истибэт буоллаҕым дии. Кини — сибэкки, мин – киһибин.

— Кэл манна, – диэн баран, Кучу Сандаара чугаһаабытыгар бу үүнэн турар сибэккини кыыс кулгааҕар уган, ытарҕа курдук ыйаан кэбистэ.

Сандаара тулатын көрбүтэ барыта атын буола түстэ, айылҕа өҥнүүн уларыйда. Арай истибитэ – от-мас барыта саҥарар саҥалаах, кэпсиир кэпсээннээх эбит.

Онтон ыла улаатан, Сандаара бу сибэккини үргээн кулгааҕар уктаҕына, кырдьыар диэри айылҕа кэпсээнин истэр, дьон көрбөтүн билэр-көрөр буолбут.

Бу кыыстан саҕалаан, Орто туруу бараан дойдуга ичээннэр, айылҕалыын алтыһар, кэпсэтэр, сэһэргэһэр дьон баар буолбуттар, улам элбээн испиттэр.

Оттон бу тэтэркэй сибэккини, Кустук кыыһа Кучу сиргэ түһэн сири эмтээбитин ытыгылаан, кини аатынан Кучу диэн ааттаабыттар. Сыл аайы самаан сайын ортотугар, суол кытыытынан, уот барбыт лааҥкыларынан кучу тэтэрэ үүнэн сири-дойдуну бэйэтин күүһүнэн эмтиир. Ким билиэй, баҕар, билигин эмиэ Кустук кыыһа, ханна эрэ Орто дойду устун хааман иһэрэ буолуо эбэтэр үөһээттэн Орто туруу баран дойдуну көрө олороро буолуо.

Остуоруйа ааптара – алгысчыт Анисья Старостина-Таас Кыыһа. Баҕар, ким эмэ: “Алгысчыт киһи диэтэххэ, саха төрүт тылын сүмэтин тоҕо туттубатый, кэрэхсэнэр кэрэкэ тыллар суохтарый?” — диэн сөп. Онуоха Анисья Петровна сүүрбэттэн тахса сыл алын кылаас учууталынан үлэлээбитин санатабыт. Ол да иһин, кырачааннарга аналлаах остуоруйалары, кэпсээннэри күн аайы туттуллар судургу тылынан суру¬йарын ордорор. Билиҥҥитэ оҕолорго аналлаах алта кэпсээннээх. Олортон биирдэстэрэ – “Кучу”.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0