Сарсыҥҥыттан “Кыайыы 50 сыла” Спорт дыбарыаһыгар сыл биир бастыҥ күрэхтэһиитэ — волейбол өрөспүүбүлүкэтээҕи федерациятын Кубога – саҕаланар.
Быйылгы Кубокка эр дьон уон хамаандата күрэс былдьаһыаҕа — «Сбербаан» (Дьокуускай), «Медик» (Дьокуускай), «Хамаҕатта» (Нам), Амма, Чурапчы, Уус Алдан, Сунтаар улуустара, Ленскэй, Алдан уонна «Сэргэлээх» (ХИФУ).
Дьахталларга — «Сбербаан» (Дьокуускай), “Сэргэлээх” (ХИФУ), Хаҥалас, Амма икки хамаандата, балары сэргэ Чурапчы, Үөһээ Бүлүү, Өлүөхүмэ, Алдан, Мииринэй улуустара бүгүҥҥү күҥҥэ хайа хамаанда күүстээҕин быһаарсыахтара.
Роман Попов, “Саха сирэ” хаһыат
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1