Кырдьыга, биһигини астара-ааһара биллибэт ардахтаах сэллээбэт силлиэ Тҥрүт Эбэ нэлэмэн сыһыыларыттан кыйдаабыта. Сааскы булт умсулҕаныгар курдары охсор тыалы, үҥһэттэн-аллараттан ууну ханнык да сааһыт саха тулуйуон сөбө да, хайа кынаттаах көтүөҕэй – ол быһымахтаах кыйдааҥҥа? Онон, биһиги көтөр хорҕойуох, киһи да бүгүөх булуҥ сирин тайанаары, киэҥ Төрүтү түгэҕиттэн түөрэйдээн кэлэн, бу лиҥкир сис ортотугар сытар элгээни булбуппут.
Тиитинэн үүммүт булгунньах анныгар түһүүлэнэн, күдьү-хадьы үссэнэ түһээт, күөлбүтүгэр киирбиппит.Муоҕу бүрүммүтүнэн киирбит, биллибэт дьикти кыыллар уулаары өҥөйбүттэринии, адаарыспыт даркылаах элгээн бараммыт мууһун тобоҕолоон харылата сытара. Икки өттүлэринэн барар чэкээлэринэн, төһө да чордообуттарын үрдүнэн лиҥкинэс хара тыа куугунуу-хааҕыныы турара. Хоту баһыгар, талах быыстаах хатыҥ аабы тумул уҥуор, биһиги түспүт булгунньахпыт баара, оттон соҕуруу өттүнэн, Сата барбах туртайар үрүҥ иэдэстэрдээх хайаларын диэкиттэн, хараҥа бэс чагдалары бысталаан, элэҥнэс куруҥ мастаах намыһах ыарҕа айаан киирэрэ.
Элгээн ол баһыгар, хаһааҥҥыта эрэ син обургу ходуһалааҕа кыырыктыйа күкээрийбит дулҕанан, мутуктары соһуллубут мас быраҕыллыбыт тобоҕунан туолан, адаарыйан дьаргыллана сытара. Былыты бүрүммүт тыа, силистэри арбайбыт даркы, күөрэ-лаҥкы ыһыллыбыт мас уонна ол үрдүк булгунньах – харах далыгар барыта баара.
Күөл ортотуттан икки үөр умсаахтар өрө куһугурайан тахсан, холорук курдук ытыллымахтаат, хоту саҕах уҥуор сүппүттэрэ. Биһиги кустары көрөн эгди буолларбыт да, элгээммитигэр төрүнэн дурда-отуу тэриммэтэхтэриттэн, хайдах эрэ ороһуйа саныы-саныы, күөл икки баһыгар хаппыт талаҕы кур лаҥханан үүйэн, көтөр уйатыгар майгынныыр намыһах дурдаларбытын туттубуппут. Тыалга үүрүллэн сүүрэ сылдьар кыракый эрэһиинэ тыыбытын үрдэринэн, мончууктарбытын бэрт эрэйинэн түһэртиэхпитигэр диэри күммүт киэһэрэн барбыта. Оттон биһиги ону эрэ күүтэрбит.
“Бу киэһэ кус кэлиэ”, — диэн эрэлин үтүө сааһыт хаһан да ыһыктыбат, онон төһө да бултуйбатар, тоҥнор-хаттар, аӨардас ити эрэлинэн, инчэҕэй таҤаһын этигэр куурдунан, утуйар уутун умнан, эмиэ дурдаҕа киирэрэ. Итинник хас киэһэ аайы, хайдах да буолбутун иһин, хатыланан иһэрэ.
Оо, сааскы түүннэр!.. Ама, сааһыттартан ордук оччотооҕу ол кэрэ түүннэри билбит баар үһүө?!
Мин, бу санаатахпына, ол кинилэр барахсаттар хойутаабыт күнү эрдэ таһааран, тыа баһыгар күн көмүс сардаҤаларын ыстарарга, сааскы үөрүү сарсыардатын аҕаларга дылылар… Убайым биһикки отуубутугар тахсан, хойуу буруолаах, көҕө суох сыыгыныыр уоппут аттыгар олорон, буолары-буолбаты кэпсэтэ-кэпсэтэ аһаабыта буолаат, дурдаларбытыгар тарҕаспыппыт. Арҕааттан тыал күүһүрэн эрэрэ…
Тыал өрө эҥсэн, эбиллэн испитэ. Быһыыта, мин ханна эрэ ардахтаах силлиэҕэ түбэспит курдугум. Бу сибиниэстэн кутуллубут иһиирэр, куугунуур-хааҕыныыр хараҥа түүн тоҕо эрэ мин уйулҕабын олус хамсаппыта. Һйэлэр тухары үүммүт баараҕай тииттэр, уһуутуу-уһуутуу иэҕэҥнии байааттаҥнаһаллара. Бэл, кинилэр логлоруттаҕас хатырыктара, хаппыт мутуктара хаһыытаһарга, часкыһарга дылылара. Ол ынырык силлиэҕэ хара тыа хараҥа түүн тиллибит, тыыннаах быһыылаахтара. Тыал олус илбиһирбитэ. Лүҥкүрэ ыаһырбыт былыттар сүүрүүлэрэ тохтообута. Биһиги олорор элгээммит дурдалыын-майырдыын эриллэр-мускуллар, улуйар тыатыныын быһымах айаҥҥа ыйылаабытынан-орулаабытынан туруммут курдуга. үрүҥ күүгэннээх кыырыктыйар долгунунан өрүтэ үллүбүтүнэн, кумаламмыт мууһа курулаабытынан, сир-халлаан күдьүс дьүрүлгэнигэр холбоһон, билбэтэх дойдум аартыгын дабайан иһэргэ дылыта… Биһиги көтөн эрэрбит.
Дьэ, ол кэмҥэ… Айаммыт аартыгын туһуттан, былыт халҕаһатыттан быстан, икки үрүҥ күдэрик биһиги диэки намтаан, чугаһаан иһэллэрин түүл курдук көрбүтүм…
“Ыы-тым-маа-аа!.. Ытым-маа-аа! Ытымаа!..”— диэн күөл анараа баһыттан, убайым быһытталанар хаһыыта саппаҕырбыт харахпын астаран, ол түүлбүттэн төлөрүппүтэ.
үөрүйэхпинэн, саам тымныы тимирин бигээт, өрө көрө түспүтүм – бу иһэллэрэ! Бу иһэллэрэ, мин ыһыллыбыт кыракый дурдам үрдүнэн хаар маҥан улуу кыыллар – былыттан быстыбыт күдэннэрим. Кубалар! Бу көтүөхтүүүөмэхтэһэ сылдьар мончууктарга түһэрдии, хара атахтарын таһааран, намчы үөннүү уһун моойдорун бүгүллэҥнэппитинэн, сүүнэ кынаттарын даллатан, төбөлөрүн эрэ барбах күөрэӨнэппитинэн, элиэтээн суодаһан эрдэхтэринэ… быһыыта, кэм кэһиллибитэ, түгэн тохтообута! Оо! Билиҥҥээҥҥэ диэри харахпар көстөллөр ол маҥан кубалар, хараҥа түүнү бүрүйэн, халлааҥҥа тиириллэ тайаарыылара.
Онуоха этэ… эмискэ, дохсун силлиэ астыыта, элгээн хара уута утуйбуттуу налыйыыта, талахтарга чыычаахтар сэрэнэн чыбыгыраһыылара, утуйбат үгүрүө сирилээһинэ… оннооҕор кумаар кытта дыыгынааһына. Бэл, мастарга мустубут бөкүнүк таммахтар тохтор тыастара иһиллэргэ дылыта.
Онно этэ, ол тохтообут түгэн, мин ити күҥҥэ диэри испэр иитиэхтээбит “кэрэ, нарын” диэн туман-имэн өйдөбүлбүн үрэйиитэ. Баҕар, олус ынырыктыйыа да буоллар, уйулҕабын аймаан, өйбөр өспөт мөккүөрү хаалларан ааспыттара эбээт, ол көстүөхтэр. Ол былыттан быстыбыт туналы маҥан улуу дьаалылар сабарайдаан сабдыҥнаһалларыттан, айылҕа ийэм ордук ыаһыра лүҥкүрбүтүн, халлааным аҥарын былдьаабыт түһээтэхтээҕи кубалаҥ күлүктэриттэн этим сааһа аһыллыбытын, куйахам күүрбүтүн өрүү умнубаппын. Умнар кыаҕым суох.
Суох… Поэт чэпчэки, үрдүк тылын кэрэ көтөрдөрө — кубалар эбэтэр истибит ырыам кыталыктарым буолбатахтара! Куппун куттаары, сүрбүн сүүдүтээри улуу дьаалылар даркылаах элгээним тымныы уутугар охсуллан эрэллэрэ. Кинилэр бэйэлээхтэр кэмнэммэт кэрэ, ойууламмат уран сүдү күлүктэрин анныгар мин, сир оҕото – босхо бастаах урааҥхай, быт саҕа бытааһах быһыылааҕым. Оннооҕор киэҥ халлаан ытыс саҕа буола аччаабыкка дылыта. Оннооҕор арыллан эрэр саҕах өлбөөдүйэ өспүтэ… Оттон мин эбии бүрэтийбит, кырдьыбыт курдук буолбутум.
Иитиилээх элбэрээктэн илиибин арааран, сирэйбин саптыбыппын өйдөөбөккө хаалбытым.
Ол да буоллар, мин маннык, хаҕыс сирим үрдүгэр барыны бары баһыйар күүс баарын, уонна ити күүс мин аһыллыбыт эппэр-хааммар итии иэйиинэн кутуллан эрэрин билбитим. Аттыбар баары анаарбакка, туойуллубат номоҕон таһаалары дьүүллээн көрүмүнэ, үгүс кэрэни үстээх эрдэхпиттэн кэһэн ааһан, олоҕум аҥарын аһарбыппыттан хараастан, харахпын үрүҥ кубалартан кистээбитим. Хайа баҕарар айыы киһитэ бэйэтин ис эйгэтин айылгыта уларыйар кэмигэр кини уйулҕата хамсаан, кута-сүрэ тостон, кэхтэн ылара буолуо. Ол курдук, саас кэлээри… уһун кыһын буолар. Ол курдук, сэбирдэх тыллаары… хатан түһэр, күн эмиэ тахсаары… хараҥа түүн кэлэр буоллаҕа…
Мин төһө да сааскы түүн угуттуур, сииктээх сүмэтин толору эҕирийдэрбин, тыыным кылгаабыта, кулгаахпар сүрэҕим тэбэн тиҥийбитэ. Өйдөөбөппүн… Көппүт ийэ кутум төннөрүгэр төһө-хас түһүмэхтээх түгэн ааспытын…
Күүстээх кынаттар, быарыктаах атыырдар дьалыҥырбыттарыныы лиһиргэччи охсуналларын кытары, үрүҥ чөмчүүк ардах ууттан ыһыллан бырдаҥалыы түһүүтүгэр, харахпын бүрүйбүт туман көппүтэ. Иннибэр, сэтиэнэҕэ көтөн бараммыт талах дурдам анныгар килбэйэ эриллэр уу талаанын ортотугар, улуу удаҕаттар үҥкүүлээн күөрэлдьийэн, уунаҥнаһан эрэллэринии, сүдү көтөрдөр дагдаҥнаһан барбыттара.
Мин одуулуурум. Көннөрү буолбатах… Мин ситэри сиппит чымаан кэрэ сигили муҥутуур кэрэнииһин кистэлэҥэр… киирбит быһыылааҕым. Ону кинилэр тумарык куруһубаларын хас биирдии нарын куорсуннара, чэпчэки күдэриктии үргэҥниир үрүҥ түүлэрэ ибигириириттэн, ураты ураннык күөгэйэр үрүҥ моойдорун намчы хамсааһыныттан, оннооҕор ып-ыраас уу таммахтара хара тумустарыттан, мөтөгөр маҥан түөстэринэн мөлбөйө сүүрэн түһэриттэн билбитим. Хайа да бэйэлээх художник, поэт эбэтэр тойуксут ситэ хоһуйан туойбат, киһиэхэ “кэрэ” диэн иҥэриллибит туман дьэргэлгэнин арыйыах курдугум да…
Бу! Мончууктар сэлэлэрин силэйэн, хара эрдии атахтарынан сыыйа анньынан, улам чугаһаан иһэллэрэ. Сэрэхэдийбэккэ-сэрэммэккэ!..
Кинилэр долгуҥҥа дьиримниир үрүҥ күлүктэриттэн ураты бары барыта, бу муоҕу бүрүммүт даркылаах элгээнтэн күрэммит, саһан иһийбит курдуга. Чугаһаабыттара…
Улахан төбөлөөх, имигэс, маҥан, нарын моойдоро холбоһон барбыттара. Хара харахтарын чараас бүрүөтэ, куолайдара хамсаан сүүрэлиирэ көстөрө… Дьэ, ити кэмҥэ тулуйбатаҕым! Ынырык кутталга хам куустаран, мин ойон туран куотуохпун баҕара сылдьыбытым. Миэхэ, икки атахха, сибилигин чыпчылыйыах түгэнигэр төбөбөр уйалаах адьырҕа кыылым уһуктуон сөптөөҕө… Мин саалаах сахабын… Байанайым диэтэҕинэ баҕар…
Эмискэ кыылым туран, оботтоох-соллоҥноох уҥа хараҕым аҥардастыы дьөлөкыҥаатаҕына аана суох алдьархай тахсыаҕыттан дьулайан, ханна баҕарар, аҥхайдаах ыдьыгыҥҥа да түһэргэ бэлэм этим. Ол кэмҥэ этэ, мин иккис киһим – сүрэҕим саҥатын чуолкайдык истибитим. Сүрэҕим: “Эн өйгүн истимэ, кини мэлдьи угаайыга киллэрэн, эйигин, бокуйар сүһүөхтээх богдону, сууллубат-сотуллубат халыҥ аньыыга анньан, сааһыҥ тухары, сору-муҥу соһо сылдьарга дьылҕалыыр эбээт! Аан дойду албына-көлдьүнэ, сымыйата-кырдьыга, ымсыыта-обото барыта киниттэн, өйтөн төрүүллэр, доҕоччуок. Өйүҥ — эн өстөөҕүҥ! Миигин, тэбэр сүрэххин, мин аман өс амалыйыыбын, сылаас саҥабын иһит! Кэрэ-үтүө төрдө миэхэ, эн сүрэххэр баарын, өрүһүктээх өркөн өй эмиэ эн төбөҕөр буолбакка, итии сүрэххэр баарын өйдөөрүүй! Кэбис! Адьырҕа, баламат өйүҥ уһуктуон иннинэ миигин, үс кутуҥ уйатын – тэбэр сүрэххин иһит. Болҕой – кыдыйыма, кыргыма! Оо, дьон!.. Мин саҥабын бары истэллэрэ эбитэ буоллар, ньии!..” – диэн сахалыы саӨарбыта.
Дьэ, онно эрэ, бу сүдүүрүҥ кубалар, мин уйулҕам ис айылгытын төннүбэттии эргиппиттэрин, бу үрдүк айыылар үтүө көтөрдөрө миигин, бэҕэһээҥҥи иһээччини, ситэри сиппит кэрэ сигили муҥутуур кэрэнииһин кистэлэҥэр, бэйэм дьарамай түөһүм иһигэр тыынар, сойбот итии сүрэхпэр киллэрэн, нарын имэҥнээх иэйиинэн ириэрэн, мин кыыллыҥы кырыктаах, хаҥыл майгыбын уулларан, дьилэй-бүтэй эппин аһан, ийэ айылҕа бары кыракый даҕаны саҥатын, ким да истибэт ырыатын истэргэ, дьүһүннээн дьүһүйүллүбэт үгүс өҥүн өтө көрөргө, өркөн оҥоһуулаан эрэллэриттэн… мин үөрбэтэҕим. Кырдьык!
“Ити аата, эмиэ эрэйи көрүөх эрэйдээх эбиппин”, — дии санаабытым. Билигин да, соҕотох чуҥкуйар күннэрбэр ааһан-араҕан быстыбат. Миэхэ, бэрт кып-кыраны да уйаннык, чугастык ылынарым олус ыарахан буолуохтааҕыттан, бу дьалхааннаах, аньыылаах, албын дойду киэҥ дуолугар мин туспар муннук-ханнык көстүө биллибэтиттэн мунчаарбытым. Кытаанахтык… муҥатыйа мунчаарбытым. – “Күннээҕинэн көччүйэн, ааным айаҕыттан аһаан, тиэргэним иһиттэн тэйэн айылҕа оҕото аатыран аарыгыра сылдьарым ыыра ордук буолсу дуу?”, – диэн мунар санаабыттан эмиэ оччо мунчаарбытым.
Уонна… Мин ис хааммыттан, ол маҥан кубалардыы кыырпаҕа, кырымаҕа суох, ырааһырыахпын баҕарарым аһара күүстээҕин үрдүнэн, ол бэйэлээх уран, талба мааны, үп-үрүҥүтүөкэн көтөрдөрү сир кэрэтигэр – сүүрэн түөрэҥэлиир кыракый уолчааҥҥа, симик кыыс күлэригэр, талыы дьахтар таһаатыгар, ахсым атыыр сиэллээх кутуругар эбэтэр халдьаайы харалдьыгар үргэҥниир кэрэ, нарын кулгааҕар эбэтэр… Оол-ол, эбириэн былыт быыһыгар санньыардык ытыыр-соҥуур элиэҕэ, оннооҕор оҕо эрдэхпиттэн охсуһан улааппыт, хара тураахпар даҕаны… ханыылаабакка-тэҥнээбэккэ, атын харахпынан оччойон атыҥырыы көрбүппүттэн, эбиитин сэттээх сэбим кэнтигэр киллэрээри, өлөр өлүүнэн өҥөйө сылдьыбыппыттан, амырыыннаах аньыыны оҥоһуннаҕым ханнык диэн оччотооҕуга, сааскы түүн хараҥа элгээҥҥэ, кыл түгэнигэр элэс гына чаҕыллыбыт санаабыттан туохтан да ордук, муҥура суох мунчаарар, айманар буоллаҕым…
Оо! Оннук дьүөрэтэ суох дьулаан, аҥкыйар тоҥ буола, ынырыктыйан көстүбүттэрэ ээ, ол көстүөх үөһээҥҥилэр – дьү-һүйүллүбэт улуу дьаалылар!
Көр, кинилэргэ, мин соноҕос сааспын сүүдүйэн барбыттарыттан, быарбар мөҥөр, дохсун-бардам аһыҥастаахпын үүрэннэр, төһө да санаарҕаан сүөм түстэрбин курутуйуох-хоргутуох туһум суоҕа. Мин Люцифер буолбатахпын, кубалаах түүн саҥаттан төрөөбүтүм!
Онтон ыла сүрэхпэр саҕыллан симиктик да буоллар… айыылартан бэриллибит уот тырымнаан, хадаар хараҕым дьүккэтин бүрүйбүт чараас-чараас үрүмэ туманын көтүтэн киэһэ-сарсыарда, түүн-күнүс атаҕым анныгар хара буорга, төбөм оройугар күөх халлааҥҥа миэхэ, киһи киирбэт-кэпсээбэт эйгэтэ арыллыаҕыттан мин умайан тыһыргыыр оһох кэпсээнин, кэбинэ турар ынах ким туһунан саныырын ытык мас бүппэт ынчыгын иһиллиир чуор аһаҕас эттэммитим, доҕотторуом.
Мин кэрэни көрдүүбүн… мунньабын,
Кини – айыылар кэхтибэт күүстэрэ…
Кини эрэ! Кэрэ эрэ, сыылла сылдьар сымыйа иннигэр модун модьоҕолуу аһарбаттыы сытыаҕа, кини эрэ, үтүөмсүк үөнүн үөһэттэн өтөрү көрүөҕэ уонна…
Һтүө санаа үүрүллэр үлүгэригэр, амарах айылгы атаҕастанар алдьархайыгар үс сахаҕа өрүһүктээх өркөн буолуо турдаҕа. Дьэ, ол иһин кэрэни, кэрэ төрдүн булаары, үгүс эрэйи-муҥу, үөрүүнү көхсүбэр сүгэн, бу холоруктуу эҥсиллэр куйаар ортотугар күөрчэхтии ытыллар алдьархайдаах аан дойду аппаларынан, аҥхайдарынан, дьон быыһыгар, мин, быыкайкаан киһи, өрө дабайан, таҥнары түһэн түгэҕэ көстүбэт, киэлитэ биллибэт киҥкиниир киэҥ далай устун быыра-дьэллик көтүһэн, түҥ-таҥ түсүһэн истэҕим. Симик уот, умуллубатар ханнык…
Саабын өйөннөрөн, көһүйэн, истибэт сүһүөхтээх атахтарбар сэрэнэн туран кэлбитим. Кубалар төбөлөрүн ууга уган үрүҥ муустар курдук лөглөһөн, от хостоон аһыы сылдьаллара. Иннилэригэр баар буолбут икки атах сирэйэ кытаран, арбаҕастаах көхсө нөрүллэн турарын сонно тута кэриэтэ көрбүттэрэ. Маҥнай хамсаабакка ып-ырааһынан көрөн олорбохтоот, атыыра быһыылааҕа, мин диэки уһун моойунан тоҥхолдьуйа-тоҥхолдьуйа кэтит сабарай кынаттарынан ууну охсумахтаан ылбыта. Онуоха бүтүн бэйэтин туналҕаннаах түүтэ өрүкүнээн, өрө туран ылаттыырыттан кини ордук улаатан, суоһуран көстүбүтэ. Миигин тургутан көрбүтэ дуу?
Мин ыппаппын биллэрэн илиилэрбин нэлэҥнэтэ-нэлэҥнэтэ мичээрдээбитэ буолан ымаччы туттубутум. Дьиҥэ, ис сүрэхпиттэн мичээрдээбитим эбээт. Эйэнэн. Эйэҕэстик.
Сотору атыыр куба барахсан тыһытын иннигэр уктан, мин диэки итэҕэйбэтэхтии көрө-көрөүөс диэки, икки үрүҥ ааллар айанныы турбуттарын санатан, устан күөгэлдьиһэн барбыттара. Эрдээх үрүҥ доҕорун иннигэр кини таптала – кырпай маҥан кыраһа хаардыы сандааран, кыыс куба кынтайа уста тураахтаабыта.
Кубалар элгээн ортотугар тиийиилэригэр эмиэ барбах көстөр күдэрик буолбуттара, онтон сотору сэниэлээх кынаттар өрө көтөн тахсар тыастара лаһыгыраабыта. Һрдээбиттэрин кэннэ “Кыҥ-хаҥ… Кыҥ-хаҥ” дэһэр дьикти сөҥ, бүтэҥи саҥаларынан сирдэтэн көрбүтүм – ыраатан эрэллэрэ. Кэлбит айааннарынан Сата маҥан хайаларын диэки налбыҥнаһан иһэннэр, симэлийэн сүппүттэрэ. “Кыҥ-хаҥ” — дөрүн-дөрүн саҥалара өссө да уһуннук иһиллибитэ.
Эмискэ элгээн баһыгар саа тыаһа дэлби барбыта. Онтон утуу-субуу тохтообокко сатараабыта. Убайым ыппалаабыта, оттон миэхэ кус биллибэтэҕэ. Ол да буоллар, ону эрэ санаабат буолан олорбутум. Мин, быһыыта, ыллыыр этим.
Төһөөр буолбутум буолла? Күн уота чаҕылыйа тыкпыт этэ. Бөлүүҥҥү силлиэ, былыт, ол кубалары кытта көтөн барбыкка дылыта. Сир ийэ уһуктан, өрөгөйдөөх сарсыардааҥҥы тойугунан туолбута. Ол тойугу, “чэки-чэки-чээкии-ии-ии” дэһэн чөкчөҥөлөр саҕалаабыттара. Ону ойууртан чыычаахтар, маҥнай сэмэйдик “чып-чыып, чып-чыып, чыып, чып-чып-чыып” диэн, онтон төтөлө суох салҕаан эрдэхтэринэ, аччыктаабыт тураахтар ырыаһыттарга холбоһон дааҕырҕаспыттарыгар, кытаран көстөр талахтарга, сибилигин аҕай утуйбут чаччыгыныардар уһукта охсон, саҕаламмыт саҥа күн тойугун биир күдьүс үөрүүлээх, дохсун күрүлгэҥҥэ кубулуппуттара. Төрүт сыһыыларын диэкиттэн сүүрбэччэ үөрдээх умсаахтар кылабачыйан киирэн, тоҕо эрэ мончууктарга саараабакка, көҕөрө дьиримниир нарын долгуннаммыт элгээн, үөс өттүгэр таҥнары сатыылаан түспүттэрэ. Барахсаттар айылҕа анаабыт кутталын умнан, сааскы имэҥнээх оонньууларын саҕалаан сырсан кэдэҥэлэһэн, умсаахтаан бараахтаабыттара. Кэлин, биирдиилээн кустар куһугураһан киирэн, оонньооччуларга холбоһон испиттэрэ.
Биллэн турар, мин убайым саата ньиргийиэр диэри…
Онно-манна саалар хам-түм сатарыыллара. Ол тыастар сааскы тойугу хайдах эрэ ситэрэргэ дылылара. Оттон мин ити үөрүү тойугар минньигэстик бигэнэн утуйан барбытым.
“Доҕоор! Уһугуун-уу-уун! До-ҕоо-оо-оор, кээ-ээл!” – диэн булгунньах анныттан убайым үөгүлүүрүттэн эрэ уһуктубутум. Умайбыт талах, мутук минньигэс сыта кэлэрэ. Харахпар бары барыта саҥа, дьикти кэрэ курдуга. Убайым үөгүүтэ, аны санаатахха, туохтааҕар даҕаны күндүтүйэн, кэрэтийэн мин кулгаахпар иһиллибитэ ээ ол саас, сис ортотугар тимирбит элгэҥҥэ.
Аны, кубалаах түүнү сааскы ыраас сарсыарда солбуйбута. Ол эмиэ ураты күндү этэ…
1995 с.
«Чолбон» 7-с №-н, 2007 с.