Куола наһаа да булт абылаҥар ылларбатар, иллэҥ буоллаҕына хам-түм, тэһитэ астаран сааланарын сирбэт. Ол гынан баран, быйыл гараас туттараары мас бэлэмин үлүскэнигэр сылдьар. Ону баара Бүөккэ, Куола «Урал» матассыыкылыгар саантаан, кустуу барыахха диэн, үс күнү быһа сулуйда. Бүөккэ кэпсээнинэн куһу балтарыктыахтарын сөп эбит. Булт сурунаалыгар бэрт дьиктини аахпытынан буоллаҕына, кус бэйэтин дьаалатынан түһэр албаһын билбит буолуон сөп. Кистэлэҥин туох да иһин эппэт. Барсан көрдөҕүнэ эрэ табыллар балаһыанньата үөскээтэ, кылаабынайа ботуруон элбэҕэ быһаарар үһү.
Инньэ гынан, киэһэлик “Урал” матассыыкыл барахсан Бүөккэ олбуорун таһыгар, чохчоломмут мал аттыгар битигирээн кэлэн тохтоото. Икки хоно барар дьон маллара элбэх буолар эбит, кэлээскэҕэ нэһиилэ батардылар.
-Хайа, онтон били, кус дьаалатынан түһүөхтээх тэрилин баар ини? – Куола куулга угуллубут маччыыттартан уратыны көрбөккө ыксаан чуолкайдаста.
-Чэ, аҕалыахха, — Бүөккэ саһаан диэки батыччахтаата, өрүкүйбүт ахан. Мэктиэтигэр барбах эрэ сэлиинэн сылдьар буолбут.
Куола саһаан күлүк өртүн өҥөйөн көрбүтэ, арай доҕоор, хап-хара сиргэ, ханан да кир-хох сыстыбатах, муус маҥан кубата олорор эбит. Соһуйбут омунугар бөтө бэрдэрэн, саҥатыттан матта.
-Бу куба, – Бүөккэ кубатын төбөтүттэн имэрийэр. Куба баар күөлүгэр кус ууга тааһы бырахпыттыы түһэрин туһунан Бүөккэ бэрт элбэҕи кэпсээтэ. Көтөҕүөх буолбуттара икки киһи кыаҕын таһынан ыарахан эбит.
-Хайа доо, бу, туох ааттааҕын симтиҥ? – Куола пенопылаас ыараханын сөҕөн саҥа аллайда.
-Мин симиэм дуо, бэйэтигэр тимирдээх этэ.
Хайыыр да кыах суох, матассыыкылларын иһирдьэ киллэрэн, малларын бэрт өр хат-хат саамылаан, нэһиилэ кубаларын олоҕун буллардылар. Дьон сүөлүргүө диэтэхтэрэ, бириһиэнинэн бүрүйэн баран, ыга кэлгийэн кэбистилэр. Икки көстөөх “Уулаах” диэн алааска тиийдилэр. Күөл халдьаайы өртүгэр маччыыт бөҕө бачыгыраабыт, онтон үтүрүттэрэн куулаҕа түстүлэр.
— Кус көтөр киэһэтэ буолла, түргэнник кубабытын ууга түһэрэ охсуохха. Оҥосто сатыы сырыттахпытына, баҕар, биир эмэ акаары чыркымай кэлэн түһүө, — Бүөккэ ыра санаата ситэн эрэриттэн көнньүөрбүтэ сүр. Эрэһиинэ тыыны үрдэрэн сурдурҕаттылар, кубаларын состорон киллэрэн күөл ортотугар ыыттылар, тулатыгар маччыыттары түһэрдилэр.
-Хайа доо, Куола, алааспыт иһэ биирдэ киэргэйэ түстэ дии, – кырдьык даҕаны, күөлгэ куба уста сылдьара киэһээҥҥи саҕахха бэрт уратытык көһүннэ. Оннооҕор күөл нөҥүө олорооччу киһи уу кытыытыгар киирэн бэрт уһуннук одуулаата. – Доо, киһи маннык манньыйа көрөр буоллаҕына, кустар өйдөрө көтүүһүк. Чэ, түргэнник дурдабытын тутта охсуохха, сааҕын бэлэм тута сырыт, – Бүөккэ саҥата киэһээҥҥи чуумпуга алааһы ылан кэбистэ.
Сааһыттар оннуларын булан иһийэн хааллылар. Кэҕэ этэн чоргуйара, чыычаах ыллаан дьурулатара, тыыраахылар көтөн дайаҥнаһаллара барыта киһи дууһатын иһинэн.
Кубалаахтар сир аһаттылар быһыылаах, бастаан сибигинэһиэх курдук буолан иһэн саҥа-иҥэ хойдон, улаатан киирэн барда. Биир дурда иһигэр батан кэпсэппэккэ, күөл нөҥүө олорооччуга ыһыытаатылар:
-Доо, эн кимҥиний?
-Миитэрэпээммин.
-Тугу гына олороҕун?
-Кус кэтэһэ олоробуон.
-Өлөрдүҥ дуо?
-Суох, — онтон сотору “Оо, тоҕо, тоҕо, тоҕо ньургуһун тылларый?” диэн ырыа бэрт кимиэллээхтик дьиэрэйбитин истэн, Миитэрэпээн “аат дьоно кэлбиттэр” диэтэҕэ, хомуммутунан барда.
Ол түүн тылбыйар кынаттаах төһө көппүтүн айбыт таҥара бэйэтэ билэн эрдэҕэ. Биһиги дьоммут утуйан оҥторон хаалбыттар. Арай, Куола тоҥон аҕай уһуктан кэлэн, ханна сытарын бастаан өйдөөбөтө, онтон түүл-бит курдук өйүгэр кус, куба охсуллан ааста.
Бэркэ сэрэнэн өҥөйөн көрбүтэ күн ойон ырааппыт. Кубаларын төбөтө туллан түспүт, үрдүгэр тыыраахылар олороллор эбит. Бүөккэтин нэһиилэ уһугуннаран, хомуммута буоллулар. Баҕар кэнники наада буолуо диэтэхтэрэ, ууну дэлби оборон өссө ыараабыт кубаларын бэрт эрэйинэн тиэнэн дьиэлиир аакка бардылар.
Кэнники куба күөлгэ уста сылдьарын ким да көрбөтөҕө. Онон ити ньыма биһирэммэккэ хаалбыт бадахтаах. Арай, “Уулаах” алааһын “Кубалаах” диир буолбуттара.