Куһаҕан убаҕаспытыгар буккуллан эрэбит

03.12.2017
Бөлөххө киир:

Ирбэт тоҥноох Сахабыт сиригэр аҕыйах сылтан бэттэх иккис улахан кыһалҕа тирээтэ. Бөһүөлэктэр бөдөҥсүйдэхтэрин ахсын, бөххө көмүллэр иэдээн улаатан иһэр буоллаҕына, аны тэрилтэлэр, ыаллар дьиэни-уоту толору хааччыллыылаах оҥостоллоро элбээн, куһаҕан, кирдээх убаҕаспытыгар, малтаччы эттэххэ, иикпитигэр-саахпытыгар буккуллар аатыгар киирдибит.

Промышленнайга – баар, тыа сиригэр – суох

Саха сиригэр уопсай балаһыанньа хайдаҕый? Өлүөнэ өрүс кытылыгар турар улахан нэһилиэнньэлээх пууннартан Өлүөхүмэ куоракка, Үөһээ уонна Аллараа Бэстээхтэргэ, Сангаарга, Эдьигээҥҥэ туттуллубут убаҕаһы ыраастыыр станциялар төрүкү суохтар. Ленскэйгэ былырыын саҥалыы сөргүтүллэн үлэлии турар. Покровскай, Дьокуускай куораттар станциялара арыый амалар. Жатайга эргэ механическай, чохтоох Хаҥалас бөһүөлэгэр биологическай станциялаахтар. Бүлүү сүнньүгэр сахалар олорор нэһилиэнньэлээх пууннарыгар ханна да суох. Мирнэйгэ, Удачнайга, Айхалга, Светлэйгэ, Чернышевскайга ыраастыыр тэриллээх­тэр. Нерюнгрига, Алдаҥҥа бааллар.

Кыһыл көмүс хостуур-сууйар кэмбинээттээх, 5,5 тыһ. киһилээх Уус Ньара куораттыы тииптээх бөһүөлэк туттубут куһаҕан убаҕаһын Индигиир өрүскэ бу курдук 9 сиринэн быһаччы сүүрдэ олорор. Ол балыгын сиикэйдии сиибит…

Оттон бу Баатаҕай бөһүөлэгиттэн Дьааҥы өрүскэ сүүрдэ сытар, быстыбат, мэлдьи «ириэнэх» уулаах фекалка-үрэх көстүүтэ.

Ассенизация массыыналара Дьокуускай куорат аннынан Даркылаахха киллэрэн сүөкүүллэрэ Өлүөнэҕэ халыйан киирэрэ…

Онтон 2013 с. куорат туттубут убаҕаһын ыраастыыр станция ситэриллиэҕиттэн фекалка ыраастаныллан эрэ баран түһэр

Үгэс курдук, тыа сирин улуустарыгар итинник тутуу сэбиэскэй саҕаттан көрүллүбэтэх. Ол тоҕото биллэр: былыр-былыргыттан оҕолуун-оҕонньордуун таһырдьа «тахсан киирэ» сырыттахпыт. Хата, өбүгэлэрбит балаҕаннарын кытта хотонноро силлиһэ турар буолан, кыһыҥҥы тымныыга онно сылааска «чэпчэтинэллэрэ» үһү диэн ордугургуу саныыбыт. Кэлин бөхпүт-сахпыт элбэҕэр өссө толору хааччыллыылаах таас оскуолалар, тэрилтэлэр уонна ыаллар эбиллэннэр, чуолаан, улуустар киин сэлиэнньэлэрин тулатынааҕы алаастар баранан эрэллэр. Холобур, Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Майа нэһилиэнньэтэ үһүс алааһыгар, Амма уонна Бороҕон сэлиэнньэлэригэр эмиэ туолан иккистэригэр киирэн эрэллэр.

Тыа нэһилиэктэригэр толору хааччыллыылаах дьиэ элбии илик уонна «норуот ньыматын» туттар буоланнар, маннык кыһалҕа сытыытык тура илик эрээри, аҕыйах сылынан син биир үөскүүрэ чуолкай. Иккис өттүнэн, хонтуруоллуур-кэтиир тэрилтэлэр айылҕа харыстабылыгар ирдэбил күүһүрбүтүнэн үлэлэрин кытаатыннарыахтара. Чурапчы сэлиэнньэтигэр чугас-ыраах алаастарын бүтүннүү бөҕүнэн толорон баран, кыһалҕа хабырҕалаабытыттан ыксаан, сууккаҕа 500 куб. м туттуллубут убаҕаһы ыраастыыр станцияны тутан,  быйыл ахсынньыга киллэрээри бэлэмнэнэллэр. Бу – тыа сиригэр «бастакы хараҥаччы».

Алаҕар аҕа көлүөнэтин алҕаһа

Чурапчы улууһугар Алаҕар нэһилиэгин ыаллара “Саха Кирэдьиит” кэпэрэтиип көмөтүнэн улуус нэһилиэктэриттэн биир бастакынан хас даҕаны сыллааҕыта толору хааччыллыыга туруммуттарын билэбин. Чыаппараҕа уонча ыал септиктээх. Саҥа саҕалыылларыгар биир оччо ыал баара. Ол аата, сайдыы өттүгэр улахан хамсааһын барбакка турар эбит. Тоҕо тохтоото, туохтан харгыстанна?

Нэһилиэк баһылыгынан быйыл күһүн иккис болдьоҕор талыллан үлэлии олорор Ньургун Попов быһаарарынан, ыаллар септиктэриттэн туттубут убаҕастарын оскуола ассенизационнай массыыната оборторон, оскуола анаан тоҕор сиригэр илдьэн сүөкүүр эбит эрээри, бөһүөлэктэн чугаһын ааһан, сааскы хаар, сайыҥҥы-күһүҥҥү ардах уутун кытта үрэххэ түһэн, бөһүөлэк иһинэн ааһар. Онон, моһуоктаах, кыбыстыылаах быһыы-майгы үөскээбит. Сайын ол үрэххэ оҕолор сөтүөлээн чомполоноллор.

“Мин кэлиэм иннинэ быһаарыллыбыт боппуруос этэ, — диир Ньургун Петрович. – Баар докумуону көтүртэрэн, саҥа сири анатарга Москванан эргийэр буолан, моһуоктаах. Тула өттүбүтүнээҕи алаастарга бөх толору этэ. Онтон иккитин ыраастаттым. Аартыкка баар алаас­ка сэбиэскэй саҕаттан мунньуллубут бөҕү тыраахтарынан астаран, уматан, күрүөлэппитим. Бөһүөлэги тупсарыы үлэтигэр исписэлиис тута сылдьыбыппыт. Кини ыаллар тиэргэннэринэн сылдьан, тимир буочукаҕа бөхтөрүн уматалларын хонтуруоллуура. Пластик бытыылкалары, салапааны, кумааҕыны-хортуону  уматтарабыт, уот сиэбэтин эрэ бөх кутар сиргэ таһаартарабыт.  Аны иккис кыһалҕанан куһаҕан убаҕаһы харайар миэстэни быһаарыы соруга турар. Аҕа көлүөнэ алҕаһын көннөрдөххө эрэ, ыраастык-чэнчистик олорор усулуобуйа тэриллиэн өйдүүбүн”.

“Туолбат” омуһахтаах ороһулар

Үөһээ Бүлүү нэһилиэктэриттэн Ороһу уонна Кэнтик олохтоохторо тупсаҕай олоххо маҥнайгынан ылсыбыттара. Ороһу нэһилиэгин баһылыга Анатолий Антоновтан туоһуласпытым, эмиэ ахсаан өттүнэн үөтэлээбэтэхтэр эбит. “Мин ааҕарбынан, 12 ыалга баар. Дьиҥэр, 30-ча ыал оҥосторо буолуо диэн суоттаммытым. Ити аҥаардас саҥа дьиэлээх­тэри ­этэбин”, — диир баһылык. Ыаллар туттубут убаҕастарын ханна тоҕоллорун ыйыппыппар, Анатолий Васильевич: “Биһиэхэ тоҕо эрэ оннук айдаан суох. Улуус кииниттэн чугаспыт, онон массыына ыҥыран тиэйтэрэр кыах толору баар гынан баран, массыына кэлэн сүүрэ сылдьара эмиэ көстүбэккэ дылы…” – диэн хоруйдаата.

Бу ороһулар курдук кумах сирдээх буолан эбэтэр кумаҕа да суох бадараан-туой сиргэ кыһалҕаттан (фекалка тиэйэр массыына суоҕуттан), омуһах хаһа түһэн баран, маһынан ытыыстаан кэбиһэр ыаллары элбэх сиргэ көрбүтүм. Амма Чапчылҕаныгар муус ылан иһэр күөллэрэ Халбы киртийбитигэр уонна Сунтаар аннынан өрүскэ муус-хаар үрдэ оҕус иигинии кытархай тааҥнаммытыгар, ханнык да алмаас-көмүс хостооччулар буруйдара суох ээ. Бэйэбит «аньыыбыт-харабыт» аллараттан аллан-чаалыйан тахсар буоллаҕа. Кэлин Саха сирин төрүт олохтоохторун ортолоругар сүрэх-тымыр, искэн ыарыылара аһара дэлэйэн эрэллэрэ – бэйэбит кэп-дьэбэрдик туттан-дьаһанан олорорбутун кытта ситимнээҕэ чахчы. Бу курдук киэҥ нэлэмэн Саха сирин тухары «бытааннык дэлби тэбэр миинэ» үрдүгэр олороохтоотохпут эбээт!

Эксперт санаата

Сергей Сивцев, РФ айылҕаны туһаныы эйгэтигэр кэтэбил федеральнай сулууспатын Саха сиринээҕи управлениетын салайааччытын солбуйааччы:

Айылҕаны харыстааһыҥҥа туһуламмыт сокуон 2014 сылтан кытааппыта. Ол сүнньүнэн олоххо-дьаһахха туттуллубут тобоҕу харайыы боломуочуйата былырыыҥҥыттан регионнааҕы оператордарга бэрилиннэ. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр түбэлэринэн 5 оператор үлэ ыытыахтааҕыттан, билиҥҥи туругунан, 2-гэр кыайыылаах тэрилтэ быһаарылынна.

Саха сиригэр тобоҕу кутарга көҥүллээх 7 эрэ полигоннаахпыт. Ирдэбил быһыытынан, туттуллубут кирдээх убаҕас станция нөҥүө ыраастаныллан эрэ баран, тоҕуллуохтаах. Сиргэ кутан-сүөкээн кэбиһэр эбэтэр биирдиилээн ыаллар септиги туһаммакка, сиргэ курдаттыы ыыта олороллоро – дьиҥ иһигэр, көбүччү ыстарааптаныллар быһыы. Балаһыанньаттан тахсар атын суол суох буолан эрэ, тутуспакка-хабыспакка олоробут. Бөҕү уматар эмиэ көҥүллэммэт, бөҕү ­саамылыыр-таҥастыыр собуот нөҥүө аһарыллыахтаах. Аныгы химия үйэтигэр убаҕас тобох дьон доруобуйатыгар, тулалыыр эйгэҕэ өссө сэрэхтээх. Улуустарга, нэһилиэк­тэргэ чурапчылар федеральнай бырагыраама көмөтүнэн 69 мөл. солк. кээмэйдээх  кыттыгас үбүлээһининэн убаҕаһы ыраастыыр станцияны туппут уопуттарын батыһалларыгар баҕарабын.

Василий НИКИФОРОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0