Тымныы оҕуспут аҥаар муоһа тостон, халлаан сылыйбычча, чэччийэ, салгын сии таарыйа Кыайыы болуоссатыгар хаампыта буола түһэн баран, ыскаамыйаҕа олорунан кэбистим.
— Кэпсээниҥ! – диэбитинэн, сулламмыт, эриллэ хаппыт кыыкынаабыт- хаахынаабыт мас курдук, аҕамсыйа барбыт киһи иэҕэҥнээн кэлэн сэргэстэстэ.
— Көхсүм хараарыар диэри харантыыҥҥа хаайтаран баран, субу таһырдьа тахсыбыт киһи туох сонуннаах буолуохпунуй. Эйиэхэ? — диэччи буоллум. Соһуйуом иһин, саҥаран баран бүппэт, тоҕо-хоро кэпсээнньит буолан биэрдэ.
— Абааһы ковидтарыгар хаптаран, ыарыы бөҕөнү ыалдьан, атахтарбын тэҥнии сыһан баран өрүттүннүм. Быраастар элбэхтик ыраас салгыҥҥа сырыт диэбиттэрэ. Ол иһин бу иэҕэҥнии-куоҕаҥныы сылдьабын. Дьэ доҕоор, “үчүгэй да куһаҕаннаах, куһаҕан да үчүгэйдээх” диэн уот харахха да эппиттэр эбит. Үтүөрүөхпүттэн, соһуйуом иһин, амтаны да, сыты да туура билбэт буолан хааллым. Бэрт баҕайы. Ыалдьыам иннинэ сытымсаҕым, сиргэмтэҕэйим дэлэ этэ дуо. Аһыйбыт сыттаах, хос амтаннаах дии-дии сириксэннээн аанньа да аһаабат, араас кырааскалаах, уонах-бэнсиин, оптуобуска анньыһыыга холоҥсо-луук, чочунаах, ол-бу буруо-гаас сытын-сымарын тулуйбакка эрэй бөҕөнү көрөр этим.
Билигин тугу барытын көҥүл аһаан кимиритэбин, сыттаах эрэ, амтаннаах эрэ, биллээ суох! Кыракый сиэммин түһэхпэр олордон ньууһунньукка көҥүл ииктэтэбин-саахтатабын. Сытырҕыы сатыыбын да, туох да сыт суох, мэлиһээй. Бу Хабаарап, Чернышевскай уулуссаларын кыйа хааман истэхпинэ араас сүүнэ массыыналар, самасыбааллар хара өһөх буруонан сирэйбэр “сөтөллөн” ааһаллар да, көннөрү туман быыһынан киирэн тахсар курдукпун. Арай харахтарым эрэ аһыйан ылаллар. Инньэ кынан, ковидтыыр да туһалаах эбит. Абыранным, бэрт баҕайы, — дии-дии соһуччу сэһэргэһээччим болуоссат устун иэҕэҥнии-куоҕаҥныы, халҕайбыт ыстаанын кэннэ, киһи күлүөх, имиллэҥнии-хомуллаҥныы турда…
Биэтэс Билээхэп