Өктөмнөөҕү научнай-үөрэтэр киин аһаҕас былаһаакката 180-ча учууталы муста
Өктөмнөөҕү научнай-үөрэтэр кииҥҥэ “Совершенствование методической культуры современного учителя” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи үөрэх аһаҕас былаһаакката үлэлээтэ. Былаһаакканы СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтэ, Өктөмнөөҕү научнай-үөрэтэр киин, “СӨ сыл учуутала кулууп” өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай тэрилтэ кыттыһан тэрийдилэр. Саха сирин араас улууһуттан 160-ча учуутал мустан маастар-кылаастарга, аһаҕас уруоктарга сырытта.
edersaas.ru
Научнай-үөрэтэр киин бэрэсидьиэнэ Юрий Семенов: “Бүгүн биһиги кииммитигэр өрөспүүбүлүкэ 20-тэн тахса бастыҥ учуутала, кыайыылааҕа, мэтэдиистэрэ мустан аһаҕас уруоктары, маастар-кылаастары көрдөрдүлэр, улуустартан кэлбит учууталлары кытта уопуттарын атастастылар. Теоретиктэр, учуонайдар буолбакка, көннөрү уруоктары уратытык, саҥатык, сонуннук ыытар быраактык-учууталлар биир интэриэстээх кэллиэгэлэригэр уруогу хайдах ыытыахха сөбүн көрдөрдүлэр. Ыалдьыт быһыытынан Москваттан Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл бастыҥ учуутала-2004” куонкурус кыайыылааҕын, “Москва куорат бастыҥ учуутала” кулууп бэрэссэдээтэлин Андрей Лукутины ыҥырдыбыт. Кини үөрэтии уопсай методикатыгар лиэксийэ аахта. Оттон үөрэнээччилэр хас биирдии уруоктан элбэҕи иҥэриннилэр, билиилэрин хаҥаттылар”, — диэн санаатын үллэһиннэ.
Өктөмнөөҕү тустаах киин тарбахха баттанар биир бастыҥ көрдөрүүлээх үөрэх кыһата. Ол да иһин буолуо, тэрийээччилэр 30-ча киһиэхэ суоттаммыттар эрээри, сүүстэн тахса киһи кэлбит. Оскуола онтон элбэх киһини батарар кыаҕа суох буолан, сайаапканы ылары тохтоппуттар. Тэрээһиҥҥэ кыттыбыт учууталлар үгүс саҥаны, сонуну биллибит диэн махталларын биллэрэллэр.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.[vc_tta_accordion][vc_tta_section title=»Секция 1″ tab_id=»1509858146068-ba9e08b3-8ed2″][/vc_tta_section][vc_tta_section title=»Секция 2″ tab_id=»1509858146089-58f0d49e-1464″][/vc_tta_section][/vc_tta_accordion]