Өктөмнөөҕү научнай-үөрэтэр кииҥҥэ “Совершенствование методической культуры современного учителя” диэн үөрэх өрөспүүбүлүкэтээҕи аһаҕас былаһаакката буолан ааста. Былаһаакканы СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтэ, Өктөмнөөҕү научнай-үөрэтэр киин, “СӨ Сыл учуутала кулууп” өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай тэрилтэ кыттыһан тэрийдилэр.
edersaas.ru
160 учуутал
Саха сирин 11 улууһуттан уонна Дьокуускай куораттан 160-ча учуутал кытынна. Ону таһынан, 20-чэ уруок ыытар учуутал, ыҥырыылаах ыалдьыттар кэлбиттэр. Өрөспүүбүлүкэтээҕи “СӨ Сыл учуутала кулууп” (бэрэссэдээтэл Ю.В.Кынатов) чилиэннэрэ — куонкурус муҥутуур кыайыылаахтара, бастыҥ учууталлар, ол эбэтэр, күннэтэ оҕоҕо билии иҥэрэр диэн тугун эттэринэн-хааннарынан билбит учууталлар мустан, уопуттарын үллэһиннилэр. Аны көннөрү уруок ыытыытынан эрэ муҥурдаммакка, санаа атастастылар, үөрэтии кистэлэҥ ньымаларыгар үөрэннилэр.
Тэрээһин арыллыыта Өктөмнөөҕү научнай-үөрэтэр киин бэрэсидьиэнэ Ю.И.Семенов, Хаҥалас улууһун үөрэҕин управлениетын начаалынньыга Е.А.Мартынова, “СӨ Сыл учуутала кулууп” уопсастыбаннай тэрилтэ бэрэссэдээтэлэ Ю.В.Кынатов, Москва куорат үөрэҕин департаменын методическэй киинин исписэлиистэрин эбии анал үөрэхтээһиҥҥэ (квалификацияны үрдэтии) дириэктэрин солбуйааччы А.В.Лукутин дискуссияларын быһыытынан ааста. Тиэмэтэ — “Открытые инновации: сотворение будущего”.
Учуутал — учууталга
Тэрээһин арыллыытын кэнниттэн тута уруоктар саҕаланнылар. Манна биэс аһаҕас уруоктан талан, бүгүҥҥү күҥҥэ саамай тоҕоостоох буолаарай диэн, Дьокуускай куораттааҕы 33-с №-дээх оскуола историяҕа учуутала, “Сыл учуутала-2017” өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус муҥутуур кыайыылааҕа Прокопий Батюшкин ыыппыт “Арассыыйаҕа Өктөөп өрөбөлүүссүйэтэ” уруогун киирэн көрдүм. Кини уруогун түһүмэхтэринэн ыытта. Ол курдук, “Өрөбөлүүссүйэ диэн тугуй?” диэн, үөрэнээччилэри оччотооҕу ыһыллыы-тоҕуллуу, аймалҕан кэмигэр “тиэртэ” уонна уруогун онтон саҕалаата. Маҥнай оҕолор өйдөөмүөхчэ курдук этилэр, онтон ылыннылар. Тиэксинэн, хаартанан үлэлээтилэр, хас биирдии сабыытыйаны тоһоҕолоон биэрдилэр.
Салгыы Амматааҕы 2-с №-дээх оскуола нуучча тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала, “Сыл учуутала-2013” өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус муҥутуур кыайыылааҕа Ирина Бочкарева ыыппыт өйтөн суруйууга бэлэмнэнии түмүктүүр уруогар аастым. 11-с кылаас үөрэнээччилэрэ буолан, быйылгы өйтөн суруйууга ханнык хайысхалар киирэллэрин номнуо эрдэттэн билэллэр итиэннэ уруккуттан дьарыктанар да буолуохтаахтар. Арааһа, ол иһин буолуо, учуутал өйтөн суруйуу тутулугар, хайдах суруллуохтааҕар тохтуу барбакка, айымньылары ырыттылар. Маныаха учуутал кими даҕаны “арыылаан” хаалларбакка, хас биирдии оҕону барытын саҥарта, санаатын иһиттэ.
Итини сэргэ, история учуутала, дириэктэри научнай-методическэй үлэҕэ солбуйааччы, “Сыл учуутала-2014” куонкурус муҥутуур кыайыылааҕа Артур Моисеев ыыппыт “Бункер” диэн кылааһы таһынан аһаҕас дьарыга дьон болҕомтотун тарта. “Бункер” диэн ааты учуутал киинэни көрөн уонна Кадеттар оскуолаларыгар баар бункертан сиэттэрэн толкуйдаабыт. Улахан кылаастарга үөрэнээччилэри түмэр оонньуу быһыытынан барыан сөп. Оҕо бэйэтин санаатын арыйар, көрүүтүн көмүскүүр усулуобуйатын тэрийэр сыаллаах. Хайа эрэ анал тиэмэҕэ мөккүөрү таһаарар, кылаас чааһыгар туһаныллыан сөп ураты ньыма буолар.
Москваттан — лектор
Москваттан кэлбит Андрей Лукутин чаастан ордук бириэмэ устата лиэксийэ аахта. Лектор 21 сыл оскуолаҕа үлэлээбит история учуутала.
Балачча киэҥ аактабай саалаҕа дьон лыык курдук симилиннэ, миэстэ тиийбэккэ, сорохтор эбии олоппос киллэрэн олордулар, атыттар аттынааҕы хоско олорон быһа сибээһинэн көрдүлэр.
Уопуттаах учуутал диэх курдук, күннээҕи уруокка көстөр чахчылары сонуннук, атын өттүттэн көрөн арыйар. Бэйэтэ этэринии, маастар-кылаас туһунан маастар-кылааһы ыытта. Маныаха кини – учуутал, саалаҕа олорооччулар (учууталлар) үөрэнээччи оруолун толордулар. Интэриэһинэйэ диэн, кэмиттэн-кэмигэр дьону сэргэхситэн күллэртээн ылар, олохтон араас холобурдары кыбытан биэрэр, информацияны сонуннук тиэрдэр. Лиэксийэни истэ олорон, “чахчы даҕаны”, “сөп ээ”, “хайдах эрдэ толкуйдаабатахпыный” диэн санаалар киирэн ааһаллар. Ити курдук, балтараа чаас чыпчылыйыах бэтэрээ өттүгэр ааһан хаалла. Интэриэһинэйэ диэн, история эрэ тиэмэтин таарыйбакка, араас биридимиэти кыбытта.
Түмүк
Өктөмнөөҕү научнай-үөрэтэр киин өрөспүүбүлүкэҕэ тарбахха баттанар үөрэх кыһата диэтэхпинэ, бука, сыыспатым буолуо. Манна оҕолор сүүмэрдэнэн киирэллэр, учууталлар кинилэри салгыы сайыннарар, атыттартан ордук дириҥ билиилээх буолалларын ситиһэр соруктаахтар. Үөрэх бу былаһааккатын тэрийэн, бэйэлэрин оскуолаларыгар, улуустарын иһигэр эрэ буолбакка, атыттар эмиэ кэлэн үөрэнэллэригэр кыах биэрдилэр. Тэрээһин үрдүк таһымнаахтык ааста. Бары биир көрүүлээх, оҕо билиитин туһугар туруулаһар дьон, ким эрэ соруйуутунан буолбакка, бэйэлэрин баҕаларынан кэлэн үгүһү иҥэриннилэр.
Санаалар
Юрий Семенов, Өктөмнөөҕү научнай-үөрэтэр киин бэрэсидьиэнэ:
— Бүгүн биһиги кииммитигэр өрөспүүбүлүкэ сүүрбэттэн тахса бастыҥ учуутала, кыайыылааҕа, мэтэдиистэрэ мустан аһаҕас уруоктары, маастар-кылаастары көрдөрдүлэр, улуустартан кэлбит учууталлары кытта уопуттарын атастастылар. Теоретиктэр, учуонайдар буолбакка — көннөрү уруоктары уратытык, саҥатык, сонуннук ыытар быраактык-учууталлар. Оттон оҕолор уруоктартан букатын харахтара “уоттанан” тахсаллар. “Это было классно!”, — дииллэрин истэр олус үчүгэй. Ыалдьыт быһыытынан Москваттан Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2004” куонкурус кыайыылааҕын, “Москва куорат бастыҥ учуутала” кулууп бэрэссэдээтэлин Андрей Лукутины ыҥырдыбыт. Кини үөрэтии уопсай мэтиэдикэтигэр бэрт интэриэһинэй, сэргэх лиэксийэни аахта.
Мария Карамзина, Намнааҕы 1-кы №-дээх оскуола учуутала:
— Тэрээһин олус үчүгэйдик ааста. Алын кылаастарга тулалыыр эйгэ диэн уруоктаахпыт, онно ханыылыы тутан, 11-с кылаастарга да буоллар, биология уруогар сырыттым. Алын кылаас үөрэнээччилэригэр даҕаны, 11-с кылаас тиэмэлэриттэн быһа тардан киллэриэхпитин сөп эбит диэн санааҕа кэллим. Иккиһинэн, нуучча тылын уруогун көрдүбүт. Эдэр учуутал диэтэххэ, эмиэ интэриэһинэйдик ыытта. Биһиги оҕолорбутугар эмиэ барсыыһы. Олохтоох худуоһунньук Чикачев хартыынатыгар олоҕуран, оҕолорго тыл эгэлгэтин булларан, уруок бүтүүтэ тиэкис аттаран таһаардылар.
Маша Корякина, Өктөмнөөҕү научнай-үөрэтэр киин 11 кылааһын үөрэнээччитэ:
— Мин өйдүүрбүнэн, учууталларга аналлаах үөрэх аһаҕас былаһаакката аан маҥнайгытын буолла. Маннык аһаҕас уруоктар ыытыллаллара учууталларга, үөрэнээччилэргэ даҕаны туһалаах дии саныыбын. Уруоктар олус интэриэһинэйдик аастылар. Холобура, история уруогар өрөбөлүүссүйэ аймалҕана туохтан буолбутун уонна ол туохха тиэрдибитин биллим. Нуучча литэрэтиирэтин уруогар, түмүктүүр өйтөн суруйуу “Отзывчивость и равнодушие” диэн хайысхатын дириҥэтэн, тиэмэтин өссө арыйан үөрэттибит.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru