КТ-аппараакка быраас быһаарыытынан эрэ түһүөххэ сөп

02.10.2020
Бөлөххө киир:

Ил Дархан көмпүүтэр томографитын быраас быһаарыытынан эрэ ааһарга эттэ. 

КТ-аппараат доруобуйаҕа охсуулаах, онон быраас быһаарыытынан эрэ ааһаллар. Бу туһунан Айсен Николаев быһа эпиир кэмигэр бэлиэтээн эттэ.

«Дьон чопчу диагноһы анаалыһынан буолбакка, КТ нөҥүө билиэххэ сөп диэн өйдөөбүт. Ол эрээри маны кириип утары быһыыны ылар курдук, бары ааһабыт диэн санаабыт. Көмпүүтэр томографията — мэдиссиинискэй анал чинчийии. Куттала суох диэн буолбатах. Бу сардаҥардыы буолар, онон таах мээнэ бу аппараакка түһүү эрэкэмэндээссийэлэммэт», — диэн Айсен Сергеевич эттэ.

Кини этэринэн, Дьокуускайга баар КТ-аппарааттар бары тиһиктээхтик үлэлииллэр. Итиэннэ күнү быһа уонна өрөбүлэ суох үлэлиир буолбуттарын эбэн эттэ.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0