Ксения Туралысова -– Саха тыйаатырын бастакы артыыстарыттан биирдэстэрэ

Бөлөххө киир:

1930-с сыллартан Саха судаарыстыбаннай национальнай тыйаатыра атаҕар турарыгар уонна сайдарыгар саамай уустук, ол эрэн, култуурунай, кэрэхсэбиллээх түгэннэринэн баай кэрдиис кэм саҕаламмыта.

edersaas.ru

1931 сыл күһүнүттэн Национальнай тыйаатыр урукку Троицкай кафедральнай собуор дьиэтигэр үлэлээбитэ. Тыйаатыр дириэктэринэн Тарас Павлович Местников анаммыта. Уус-уран салайааччынан Москватааҕы оробуочай ыччат тыйаатырын (ТРАМ) урукку режиссера Анатолий Андреевич Глебов ыҥырыллан үлэлээбитэ, сүрүн худуоһунньугунан Үрдүкү уус-уран-тиэхиньиичэскэй институту бүтэрбит Георгий Михайлович Туралысов анаммыта (кэлин САССР норуодунай худуоһунньуга, РСФСР ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, Саха сирин худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ буолбута).
Бу кэмҥэ Национальнай тыйаатырга артыыстары бэлэмнииргэ уонна маастарыстыбаларын үрдэтэргэ тиһиктээх үлэ саҕаламмыта. Ол эбэтэр, 1932 сыллаахха икки сыллаах тыйаатыр устуудьуйата аан бастаан аһыллыбыта, 12 эдэр киһини сүүмэрдээн ылбыттара. Устуудьуйаҕа дьарыктанааччылар тыйаатыр туруорууларыгар кыттан барбыттара. Инникитин артыыс буолуохтаах эдэр дьону кытары уопуттаах артыыстар, драматурдар үлэлээбиттэрэ.
Бастакы устуудьуйаны 1934 сыллаахха бүтэрээччилэр дипломнай үлэлэригэр А.П.Чехов «Сыбаайба», В.Г.Чиряев «Саһыл Сыһыы» испэктээкиллэрин уонна А.Н.Островскай «Хаарчаанатыттан» быһа тардыылары талбыттара уонна ситиһиилээхтик оонньоон, учууталларын үөрдүбүттэрэ, тыйаатыр инники репертуарын оҥорорго сана санаалары сахпыттара.

Бастакы национальнай устуудьуйаны бүтэрбиттэртэн үгүстэрэ кэриэтэ олохторун тыйаатырга анаабыттара. Дмитрий Федорович Ходулов ССРС норуодунай артыыһынан, Петр Михайлович Решетников РСФСР уонна САССР норуодунай артыыһынан, Виктор Афанасьевич Саввин РСФСР үтүөлээх артыыһынан уонна САССР норуодунай артыыһынан буолбуттара. «САССР үтүөлээх артыыһа» үрдүк ааты устуудьуйаны бүтэрбиттэртэн Георгий Парфенович Алексеев, Михаил Васильевич Жирков, Прасковья Семеновна Петрова ылбыттара. Ксения Петровна Туралысова, Федот Николаевич Андреев, Иннокентий Пантелеймонович Местников, Афанасий Ильич Попов курдук талааннаах артыыстар көрөөччүлэр тапталларын ылбыттара. Манна сыһыаран эттэххэ, 1932-34 сылларга ыччаттар эмиэ иккис национальнай устуудьуйаҕа үөрэммиттэрэ.
Аны Национальнай тыйаатырга анаан артыыстары дойду үрдүкү театральнай үөрэҕин кыһаларыгар үөрэттэрэр сорук турбута. 1931 сыллаахха Национальнай тыйаатыр бастакы артыыстарыттан биирдэстэрэ В.В.Местников ГИТИС режиссерскай факультетыгар киирбитэ. Онтон эһиил күһүнүгэр ити институкка 22 устудьуону талан үөрэттэрэ ыыппыттара. Кинилэр истэригэр бастакы национальнай устуудьуйаны бүтэрбиттэр эмиэ бааллара…

 х х х

Бүгүн төрөөбүтэ 115 сылын туолар Ксения Туралысова Саха тыйаатырын төрүттэспит уонна саха ускуустубата сайдарыгар улахан сыратын биэрбит бастакы артыыстартан биирдэстэрэ, 1934 сыллаахха тыйаатыр бастакы устуудьуйатын бүтэрбит артыыска.
Ксения Петровна Орджоникидзевскай оройуон II Малдьаҕар нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1932-1968 сылларга Саха судаарыстыбаннай тыйаатырыгар дыраама артыыһынан үлэлээбитэ.
Кини  артыыс дьоҕурдааҕа устуудьуйаҕа үөрэнэр кэмиттэн биллибитэ. Устуудьуйаҕа 22 эрэ саастаах эдэркээн кыыс кэлэн баран,  отучча сыл устата 170-ча араас уобараһы уонна быстах оруоллары арыйбыта. Олортон сүрүннэрэ — П.Ойуунускай «Кыһыл ойуунугар» Айыы Куо, С.Ефремов «Ини-бии» дырааматыгар ийэ оруола, Д.Фонвизин «Төннүбүт төрүөҕэр» Простакова, М.Шолохов «Тиэриллибит кырыһыгар» Лушка, Т.Сметанин «Лоокуут уонна Ньургуһун» дырааматыгар Далбардаах, И.Избеков «Оотуй уонна Тоотуй» пьесатыгар бандьыыт уруута Хобордоох уо.д.а.

Аҕам саастаах көлүөнэ көрөөччүлэр кини оонньообут оруолларын ахтан-санаан ааспыттарын билигин оччотооҕу кэм хаһыаттарыгар булан ааҕабыт.
«Ксения Туралысова оруоллара киһи өйүгэр-санаатыгар тута хатаммыттара. Ол курдук, Николай Мординов «Оҕолор аҕалара» сценкатыгар олус нарын, ыраас дууһалаах Наташа кыыс оруолун итэҕэтиилээхтик оонньообута. Кини К.Симонов «Нуучча дьонноро» диэн туруорууга ийэ оруолун толорбутугар көрөөччүлэр кистии-саба харахтарын уутун соттоллоро. Кини сиэхсит фашист иннигэр төһө да холкутук туттан тура сатаабытын иһин, санаарҕаабыт харахтара алдьархайдаах быһылааннары илэ-чахчы көрбүттэрин мэлдьэспэттэр. Ол эрээри, ийэ ис-иһиттэн кыынньа, оргуйа турара. Ол кыһыы-аба дохсун баала субу, сибилигин таска төлө мөҕөн тахсыах айылааҕа. Ол киэһэ Ксения ити оруолу олус да умнуллубаттык оонньообута», — диэн суруналыыс Федора Егорова артыыска эдэр, эрчимнээх сааһыгар үлэлээбит кэмнэрэ ыарахаттарын туһунан 1968 сыллаахха «Кыым» хаһыакка ахтан-санаан ааспыта.
«Ксения Туралысова төһө да анал үрдүкү театральнай үөрэҕэ суоҕун иһин, ис дууһатынан, тус баҕатынан дьаныһан туран, өр сыл үлэлээн айбыт умнуллубат ийэлэрин уобарастара биир сэмэй боччумнаах өйдөбүл быһыытынан биһиэхэ хаалыахтара», — диэн биир дойдулааҕа Н.А.Петухова артыыска арыйбыт ийэлэрин уобараһын үрдүктүк сыаналаабыта.
Ксения Туралысова 1985 сыллаахха күн сириттэн күрэммитэ. Түөрт уол оҕоҕо күн сирин бэлэхтээбититтэн элбэх сиэн, хос сиэн, хос-хос сиэн билигин күндү киһилэрин аатын ааттаталлар.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0