Быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ ыччат ортотугар киэҥ далааһыннаах үлэни ыытар «Амма кырдалын ыччата» уопсастыбаннай тэрилтэ биэс сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир.
edersaas.ru
Ыччат уопсастыбаннай тэрилтэтэ саха саарына А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй кэскиллээх толкуйдарын уонна көрүүлэрин олоххо киллэрэр соруктаах “Өксөкүлээхтии олоруохха!” диэн ыҥырыынан салайтаран, ыччакка бэйэ кыаҕар тирэнэн, дьоҕус бизнескэ ылсан, тыа сиригэр олохсуйар толкуйу саҕар.
Бу тосхолунан салайтаран, 5 сыл устата «Амма кырдалын ыччата» Амма Эбэ кырдалыгар тарҕанан олорор Алдан, Амма, Чурапчы, Таатта улуустарын отучча нэһилиэгиттэн үлэтэ суох уонна араас кэскиллээх көрүүлээх бэйэтин көрдүү сылдьар, дьоҕус бизнескэ суолларын саҥа тэлэн эрэр ыччаттары түмэн үөрэхтээһин форумун ыытар.
— Тэрээһини тэрийэр нэһилиэктэрбит сыл аайы уларыйа сылдьаллар. Кыыс Амма кырдалыгар олорор Таатта, Чурапчы, Амма улуустарын нэһилиэктэрэ быйылгы тэрээһиннэрэ төрдүс төгүлүн ыытыллар. Бастакы форум Амма Покровкатыгар, иккис — Чурапчы Мындаҕаайытыгар буолбуттара. Үһүс форум Таатта Чычымаҕар “Дьаам” туристическай базатыгар ыытыллыбыта. Амма, Таатта, Чурапчы улуустарыгар ыытыллыбыт форумнар олус үрдүк таһымнаахтык ааспыттара.
Быйылгы ыччат үөрэхтээһинин форума саха улуу бөлүһүөгэ А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй — 140, Кыыс Амма айылҕатын айгыраппат туһугар олоҕун анаабыт Ольга Иванова-Сидоркевич — 85 сылларыгар ананар. Ыччат үөрэхтээһинин “Өксөкүлээхтии олоруохха” V форума бу күннэргэ от ыйын 21-23 күннэригэр Амма улууһун Покровка нэһилиэгэр буолуоҕа. Манна 21 нэһилиэк ыччата кыттыаҕа. Былырыын 13 нэһилиэк ыччата кыттыыны ылбыта. Өрөспүүбүлүкэ араас нэһилиэктэриттэн көхтөөх ыччат кэлэн, алта хайысханан үөрэммиттэрэ. Былырыыҥҥы ыччат үөрэхтээһинин форума Өксөкүлээх Өлөксөй 140 көрсө ыытыллыбыта. Ол иһин Амма өрүскэ сүгүрүйүү Мэҥэ тааһын уонна “Кыыс Аммаҕа кырдалыҥ ыччаттарыттан” диэн анал сэргэни туруоруу сиэрин-туомун лиидэр ыччаттар улуу бөлүһүөк төрөөбүт нэһилиэгэр Чычымахха анаан кэлэн туруорбуттара.
Бу форумтан саҕыллыбыта ыччат «Өксөкүлээхтии олоруохха!» диэн ыҥырыы хамсааһына, — диэн кэпсиир “Амма кырдалын ыччата” уопсастыбаннай тэрилтэ салайааччыта Саргылаана Неустроева.
Былырыыҥҥы ыччат үөрэхтээһинин форумугар “Амма кырдалын ыччата” уопсастыбаннай тэрилтэ тэрээһин уопутун атастаһа Нам, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү нэһилиэктэрин эдэр баһылыктара кэлэн көрө-истэн барбыттара. Суолталаах тэрээһиҥҥэ Өлөөн, Бүлүү, Кэбээйи, Өймөкөөн курдук ыраах улуустартан кытта кэлбиттэрэ быйыл түмүктээх буолла. Ол курдук, Ольга Иванова-Сидоркевич аатынан «Амма кырдалын ыччата» улуустар икки ардыларынааҕы коммерческайа суох ыччат уопсастыбаннай тэрилтэтэ көҕүлээһининэн «Бүлүү өрүс кырдалын ыччата», Индигир өрүс кырдалын ыччата» уонна «Алдан өрүс кырдалын ыччата» уопсастыбаннай тэрилтэлэр тэриллэн эрэллэр. Онон үтүө дьыала батыһыннарыылаах диэн бу да чаҕылхай холобуртан көрстөр. Онон “Амма кырдалын ыччата” уопсастыбаннай тэрилтэ ыытар үлэтэ киэҥ далааһыннанан, ыччаттар үлэлиир уопуттара өрөспүүбүлүкэ улуустарын устун тарҕанарыгар олук уурулунна. Манна Ыччат, дьиэ кэргэн уонна Айылҕа харыстабылын министиэристибэлэрэ, уонча өрөспүүбүлүкэ бөдөҥ биэдэмистибэлэрэ кыттыыны ылаллара, ыччаты түмүүгэ олус күүстээх үлэ барара харахха быраҕыллар.
Тэрээһиҥҥэ кыттар ыччаттар «дьиэтээҕи сорудахтаах» кэлэллэр. Ол толкуйдарын икки күн үөрэхтээһин бырагырааматыгар кыттан баран, үһүс күнүгэр бырайыак быһыытынан оҥорон, үөрэхтээһини тэрийбит экспердэр иннилэригэр көмүскүүллэр. Бастыҥ бырайыак өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэр меценат-урбаанньыт туруорбут харчынан бирииһин ылар. Бу үбүнэн өйөбүлүнэн туһанан, үгүс ыччат бэйэтин бырайыагын олоххо киллэрдэ. Сорох ыччаттар форумҥа этиллибит сонун сүүрээннэри болҕомтоҕо ылан ситиһиилэнэллэр. Холобура, Амма улууһун «Соморсун нэһилиэгэ» муниципальнай тэриллии баһылыга Алексей Кононов санаатын бу курдук үллэстэр:
— 2015 сыллаахха ыытыллыбыт ыччат үөрэхтээһинин форумугар сылдьан, бырайыактарын көмүскээччилэр «кластер» диэн өйдөбүлү олоххо киллэрэргэ граннары көмүскүүр санаалаахтарын истэн, олус интэриэһиргээбитим. Ыччаттарбар кэлэн бу идиэйэни кэпсээбиппэр, дьонум ылынан, «Саҥа саҕалааччы» граҥҥа кыттарга санаммыттара. Ол онно кыайан, 2016 сыллаахха сүөһү ииттэр кластеры тэрийэн, 5 бааһынай хаһаайыстыба чааһынай дьоҕус хотоннору туттан үлэҕэ киллэрбиттэрэ.
Инньэ гынан, Ольга Иванова-Сидоркевич аатынан «Амма кырдалын ыччата» уопсастыбаннай тэрилтэ ыытар үлэтэ олус кэскиллээх диэн сыаналыыбын. Билигин биһиги ыччаттарбыт бэйэ дьыалатын тэринэн, олохтоох бородууксуйаны дэлэтэр соруктаахтар.
… Кэрэхсэбиллээҕэ баар, меценат быһыытынан төрөөбүт Сахатын сирин ыччатын, дьонун-сэргэтин үтүө хамсааһынын истэ-билэ сылдьар меценат-урбаанньыт үгүс. Саха народнай бэйиэтэ Семен Данилов:
“Өбүгэлэргин кэриэстээбит эбит буоллаххына,
Кэлэр кэнчээри ыччаккар ахтыллыаҥ,
Бар дьонуҥ туһугар олорбут эбит буоллаххына,
Бар дьонуҥ кэхтибэт кэс тылыгар дуораһыйыаҥ”, — диэн эппит тыллара кинилэргэ анаммыт курдуктар. Ол да иһин О.П. Иванова-Сидоркевич аатынан “Амма кырдалын ыччата” уопсастыбаннай тэрилтэ ыытар “Өксөкүлээхтии олоруохха!” диэн үлэтэ суох уонна араас кэскиллээх көрүүлээх бэйэтин көрдүү сылдьар, дьоҕус бизнескэ суолларын саҥа тэлэн эрэр ыччаты өйөөн, бу дьыл от ыйын 21-23 күннэригэр Амма улууһун Покровка нэһилиэгэр ыытыллар Ыччат V форумугар ыччат ох курдук оҥостон тэринэн кыттаары бэлэмнэнэр буоллаҕа.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.