Өксөкүлээхтии олорорго үөрэтэр Вера Лиханова

Ааптар: 
21.07.2017
Бөлөххө киир:

«Амма кырдалын ыччата» уопсастыбаннай тэрээһин быйылгы форумугар бэйэ дьыалатын арыйан үлэлэтиигэ араас ис хоһоонноох үөрэхтээһин ыытыллыаҕа.

edersaas.ru

Туох-ханнык толкуйдаах, уопуттаах дьон тыа сирин ыччатын Өксөкүлээхтии олорорго көҕүлүүр эбиттэрий диэн санааттан, мин тэрээһин биир кыттыылааҕын, СӨ бааһынай хаһаайыстыбаларын уонна кэпэрэтииптэрин ассоциациятын толорооччу дириэктэрэ Вера ЛИХАНОВАНЫ кытта көрсөн анаан кэпсэттим.

— Вера Петровна, биллэн турар, ыччаттары «Өксөкүлээхтии олоруохха!» диэн ыҥырыыга көҕүлүүр соруктаах киһи туох эрэ «өттүк харалаах» буолаары турар форумҥа кыттан эрдэҕиҥ. Мин бу этиибинэн тугу этээри гынарбын өйдөөтүҥ ини?

— Өйдөөн бөҕө буоллаҕа. Кырдьык, ыччаты туох эрэ үйэлээҕи оҥорорго, бэйэтин суолун тэлэн, сонун сүүрээни олоххо киллэриигэ көҕүлүүр киһи бэйэтэ туспа суоллаах-иистээх, холобур туттар идиэйэлээх буоллаҕына эрэ, кини тыла-өһө тустаах киһиэхэ тиийэрэ чахчы.  Онон эн, бастатан туран, ыччакка кэпсиир туох холобурдааххын диэн ыйытаргын өйдөөтүм.

Арааһа, идиэйэлэрбин кэпсиэм иннинэ бу билигин үлэлии олорор дуоһунаспар хайдах кэлбиппин билиһиннэрдэхпинэ табыллара буолуо. Мин, үгүс урбаанньыт курдук, бэйэм суолбун солуурбар араас мэһэйдэри көрсүбүтүм. Ол курдук, Тыа хаһаайыстыбатын академиятын бүтэрэн баран,»Россельхозбааҥҥа» дьоҕус кирэдьиити биэриигэ аналитик быһыытынан үлэлээбитим. Икки үрдүк үөрэхтээх киһиэхэ (бастакы идэм — үүт-эт бородууксуйатын технолога, иккиһим — юрист) үлэлииргэ чэпчэки этэ. Ити үлэлии сылдьан тыа сирин дьоно үбүлээһин боппуруоһун докумуонугар, бизнес-былааны,  отчуоттары оҥорууга олус ыарырҕаталларын бэлиэтии көрбүтүм. Ол иһин 2014 сылтан бу боппуруостары быһаарыыга ылсан, бэйэ дьыалатын тэриммитим. Ол эрээри барыта мин санаабытым курдук судургу буолбатаҕа. Дьиэм арендатыгар эбии ый аайы 7 тыһ. солк. — интернет төлөбүрүн уйунуу, уопсайа, ыйга 25 тыһ. солк. төлүү олоруох диэтэххэ уустук этэ.  Үлэм хайысхата өй-суот үлэтэ буолан, килийиэниҥ ааҥҥар уочараттаан турбата чахчы. Туох кистэлэ кэлиэй, дьиэбэр олорон, бэйэм ыйыталаһан, уулуссаҕа кэпсэтэн, мин өҥөбөр наадыйар дьону көрдүүрүм сотору кэминэн сылаппыта. Ол сылдьан, СӨ бааһынай хаһаайыстыбаларын уонна кэпэрэтииптэрин ассоциациятын салайааччыта Валерий Ефремовы кытта билсибитим. Кини мин «Россельхозбааҥҥа» үлэлээбиппин билэр буолан, үлэ көрдүүрбүн истэн, бииргэ үлэлииргэ ыҥырбыта.

— Уопсастыбаннай тэрилтэ хамнаһа суох дии…

— Миэхэ үлэлиир сир наада этэ. Бэйэм хамнастанар буоллаҕым. Валерий Николаевичка докумуонугар көмөлөһөн, иккиэн бэйэ-бэйэбитин өйөһөн, бииргэ үлэлээбиппит номнуо үһүс сыла буолла. «Росагролизинг»тэрилтэ нөҥүө сатабыллаахтык үлэлээн, иллэрээ сыл өрөспүүбүлүкэ бааһынайдарыгар 16 тыраахтары аҕалбыппыт. Былырыын эмиэ анал бырагыраамаларга үлэлэһэн, 9 тыраахтары аҕалтарбыттара.

— Эн тыа сирин олохтоохторо үбүлээһин боппуруостарыгар ыарырҕаталларын бэлиэтии көрбүтүм диэн эттиҥ дии? Бааҥҥа үлэлээбит киһи быһыытынан, саҥа саҕалыыр дьоҥҥо онно эн туох сүбэни биэриэҥ этэй?

— Дьоҕус бизнес эйгэтигэр үлэлиир дьоҥҥо өрүү этэбин: «Бизнес-былаан — урбаанньыт сиэркилэтэ», — диэн. Баан үлэһиттэригэр бу үлэ эйгэтин билэр буолан, өрүү сүбэлиибин: «Эһиги килийиэннэргит толкуйдарынан, кинилэр тылларынан кэпсэтэ сатааҥ», — диэн. Холкутук, киһи өйдүүр гына судургутук быһаарар менеджер килийиэни өрүү бэйэтигэр тардара баар чахчы. Уустук баҕайы өйдөбүллээх докумуону мин куопуйалаан баран, харандааһынан эбии  уу сахалыы  быһааран суруйааччыбын: «Нолуок  ыспыраапкатын маннык болдьоххо кэҥэтэн оҥорторон аҕалаҕын«, — диэн. Оччоҕо дьонум: «Чэ, хата быһаартаран абыранным. Боростуой да эбит. Киһи өйдүүр гына быһаарыахтарын«, — диэччилэр.

— Чэ, аны күүтүүлээх сонун сүүрээннэргин билиһиннэр.

— Горнай улууһугар бэйэ дьыалатын тэриммит Сергей Петровка «биогумус» курдук олус барыстаах дьыаланан дьарыктан диэн этии киллэрбитим. Ол аата балбаахтан уоҕурдуу оҥоруу. «Калифорнийскай» дэнэр кыһыл чиэрбэни ынах сааҕар ыытан кэбиһэҕин. Онтуҥ сууккаҕа бэртээхээй уоҕурдууну оҥорон биэрэр. Ол аата, ынах сааҕын сиэн, бу чиэрбэ бэйэтин хойуутун ыытан, уоҕурдуу оҥорор. Мэҥэ Хаҥалас Төхтүрүгэр бааһынай хаһаайыстыбатынан дьарыктанар Матрена Павлова бэртээхэй эспэримиэни оҥорон турар. Ол курдук, кини икки оҕуруот кирээккэтигэр биэрэһи олордубут. Онно бииригэр «калифорнийскай» чиэрбэ оҥорон таһаарбыт уоҕурдуутунан «аһаппыт». Иккиһигэр — көннөрү буор. Бастакы кирээккэтэ өлгөм үүнүүнү биэрэн соһуппут. Уоҕурдуу убаҕаһын — биир киилэни 10 лиитэрэ ууга суурайан, оҕуруокка куттахха, үүнүүҥ өлгөм буолара чахчы. Бу ньыманы ордук куорат сиргэ олорор дьон даачаҕа туттуохтарын сөп. Урбаанньыт Сергей Петров быйыл саас ынах сааҕын хаһаанан, «калифорнийскай» чиэрбэлэриттэн уоҕурдууну ылан, биир дойдулаахтарыгар босхо тарҕатта. Быйыл дьон үүнүүлэриттэн көрөн, эһиил Сэргэй килийиэн бөҕөлөөх буола түһүөҕэ. Онуоха эбии урбаанньыт бу үлэтин улуустааҕы урбаанньыттары өйүүр тэрилтэ салалтата болҕомтоҕо ылан, өйүүр санаалаах.

Иккис сонун сүүрээн — Амма Сэргэ Бэһин хортуоппуй үүннэрээччитэ Александр Фоминтан биирдэ: «Бытархай хортуоппуйгун хайдах батардыҥ?» — диэн ыйыппыппар: «4 тн бырахпытым«, — диэбитигэр соһуйбутум аҕай. Дьиҥэр. хортуоппуй крахмала моонньоҕоҥҥо бэртээхэй уоҕурдуу ээ.

Чэй курдук моонньоҕон плантациятын оҥор уонна ону хортуоппуйгунан уоҕурт. Аны күһүн сууйан баран, салапааннарга уган  «морозильникка» тоҥордоххо, кыһын «мундир» хортуоппуйу сибиэһэйдии сииртэн ордук баар үһүө! — диэн этиибин эмиэ болҕомтоҕо ылбыта.

Вера Лиханованы кытта ити курдук кэпсэтэ олорон, бэрт үгүс интэриэһинэйи биллим. Анал үөрэхтээх киһи диэх курдук, билэрэ-көрөрө да элбэҕэ бэрт эбит. Онон  Амма улууһун Покровкатын «Үс Хатыҥ» туристскай базатыгар от ыйын 21 күнүттэн 23 күнүгэр диэри  ыытыллар үлэтэ суох  уонна дьоҕус бизнеһинэн дьарыктаныан баҕалаах 17-35 саастаах ыччаты үөрэтэр-такайар форумҥа  СӨ бааһынай хаһаайыстыбаларын уонна кэпэрэтииптэрин ассоциациятын толорооччу дириэктэрэ Вера ЛИХАНОВА курдук уопуттаах исписэлиистэр маастар-кылаастары ыытан, ыччаттары саҥа сүүрээннэри тобуларга үөрэтиэхтэрэ.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0