Быйыл “Өксөкүлээх эргимтэтэ” уопсастыбаннай тэрилтэ актыбыыстара А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй “Труды по якутскому языку” уонна “Ырыа-хоһоон” кинигэлэрэ бэчээккэ тахсыытын өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник бэлиэтээтилэр.
Ол курдук, соторутааҕыта С.Ф.Гоголев аатынан Дьокуускайдааҕы педагогическай колледжка Өксөкүлээх “Труды по якутскому языку” кинигэтин сүрэхтэниитэ буолла.
Чуолаан бу үөрэх кыһатыгар Өксөкүлээх Өлөксөй кинигэтэ сүрэхтэммитэ ылбычча буолбатах. Алексей Елисеевич 20-с сылларга Дьокуускайдааҕы педтехникумҥа учууталлыы сылдьыбыта биллэр. Оттон уолаттара Ясон, Алексей бу педтехникуму үөрэнэн бүтэрбиттэрэ. Реас Алексеевич бастаан эмиэ педтехникуму бүтэрбитэ. Атос Реасович манна үөрэнэ сылдьыбыта. Онон, Кулаковскайдары уонна бу, учууталлары бэлэмниир, баай историялаах үөрэх кыһатын ситимниир элбэх.
Биллэрин курдук, бу кинигэни Өксөкүлээх Өлөксөй сиэнэ, эһэтин баай литературнай, научнай нэһилиэстибэтин чинчийиигэ, тарҕатыыга, кини аатын үйэтитиигэ олоҕун анаабыт Людмила Реасовна Кулаковская хомуйан, бэлэмнээн, киирии тылларын, комментарийдарын сиһилии суруйан, бастакы эрэдээксийэлээһинин оҥорон, хаалларбыта. Кинигэни салгыы ситэри Людмила Реасовна кыыһа Анастасия Кузнецова-Кулаковская эрэдээксийэлээбит.
Хомуурунньукка, архыып пуондаларыттан көстүбүт үлэлэр киирбиттэр. Ыстатыйаларга Алексей Кулаковскай саха тылын сайдыытын туһунан кэнсиэпсийэтэ арыллан көрдөрүллэр, Саха сиригэр ХХ үйэ 20-с сыллардааҕы тыл бэлиитикэтин проблемалара сырдатыллаллар.
Өксөкүлээх манна баар “Новая транскрипция якутского языка”, “Якутский язык”, “Русские слова, перенятые и усвоенные якутами (кроме собственных имен и названий)”, “Ол бу сирдэр, улуустар, уокуруктар тыллара. Наречия разных местностей, улусов и округов с прибавлением архаизмов, специальных охотничьих терминов, омонимов и синонимов”, “О происхождении слова “якут”, “Правила якутского стихосложения”.., о.д.а. ыстатыйалара, учуонайдары, устудьуоннары эрэ буолбакка, хайа баҕарар ааҕааччыны интэриэһиргэтиэхтэрэ. Маны таһынан кинигэҕэ Өксөкүлээх Э.К Пекарскайга, И.С.Говоровка, С.А.Новгородовка, И.Н.Бараховка, П.А.Ойуунускайга суруктара бааллар.
Өксөкүлээх Өлөксөй саха тылыгар научнай үлэлэрэ “Историческая память” партийнай бырайыак чэрчитинэн итиэннэ “Саханефтегазсбыт” АУо генеральнай дириэктэрэ, Ил Түмэн дьокутаата И.Ю.Никитин үбүнэн өйөбүлүнэн, туспа кинигэ буолан таҕыстылар. Учууталлары иитэн таһаарар үөрэх кыһатыгар ыытыллыбыт бу тэрээһиҥҥэ Игорь Никитин кыттыыны ылла, тыл эттэ.
Итиэннэ кинигэ сүрэхтэниитигэр “Саха сирин Суруйааччыларын ассоциацията” коммерческайа суох тэрилтэ бэрэссэдээтэлэ, М.К.Аммосов аатынан ХИФУ суруналыыстыкаҕа кафедратын сэбиэдиссэйэ Олег Сидоров, “Чолбон” сурунаал кылаабынай эрэдээктэрин солбуйааччы, “Тыл кыһата” эдэр суруйааччылар айар холбоһуктарын салайааччы Гаврил Андросов, Өксөкүлээх Өлөксөй сиэнэ, РФ уонна СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Раиса Реасовна Кулаковская, “Өксөкүлээх эргимтэтэ” уопсастыбаннай тэрилтэ учредителэ Саргылаана Неустроева, «Саха сирэ» хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ Прокопий Бубякин, ф.н.д., М.К.Аммосов аатынан ХИФУ профессора Прасковья Сивцева, о.д.а. кытыннылар. Кинилэр бу кинигэҕэ Өксөкүлээх научнай үлэлэрэ, суруктара олус дьоһуннаахтык, дириҥник бэриллибиттэрин, кинигэ суолталаах өрүттэрин бэлиэтээтилэр. Ураты сыаналааҕынан бу кинигэҕэ Людмила Кулаковская оҥорбут комментарийдара буолаллар, диэтилэр.
Тэрээһиҥҥэ ыччаттар, устудьуоннар кыттыыны ыллылар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай култуура уонна искусство институтун устудьуона Анастасия Алексеева Өксөкүлээх Өлөксөй “Ойуун түүлэ” бэйиэмэтиттэн быһа тардыыны ааҕан иһитиннэрдэ.
Татьяна МАРКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru