Өксөкүлээх туруорбут сэргэлэригэр саҥа бырайыак сүрэхтэннэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

 Бу күннэргэ Алексей Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй үс улууска туруорбут сэргэлэригэр  айар куттаах уопсастыбанньыктар икки нэдиэлэлээх айан эспэдииссийэлэрэ тэриллэн эрэр.

 Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru


Эспэдииссийэ “Үс сэргэ — үс кут” диэн көрүк (концепция) бырайыак чэрчитинэн үлэлиэҕэ. Бу туһунан уопсастыбанньыктар  Ил Дархан сүбэһитигэр Андрей Борисовка билиһиннэрдилэр, санаа атастастылар.

Көрүк (концепция — нууччалыы) сүрүн соруга – Өксөкүлээх Өлөксөй тус бэйэтинэн оҥорон хаалларбыт аһаҕас халлаан мусуойун экспонаттара – мас сэргэлэрэ кини олоҕун уонна үлэтин кэрэһиттэринэн буолан туралларын үйэтитии. Саха норуотун духуобунай лиидэрэ Өксөкүлээх Өлөксөй Саха сиригэр үс эрэ улуус нэһилиэктэригэр – Чурапчы Арыылааҕар, Үөһээ Бүлүү Оҥхойугар уонна Өймөкөөн Томторугар Өйдөбүнньүк сэргэлэри туруорбута. Ол мас историческай өйдөбүнньүктэр күн бүгүнүгэр диэри бу улуустар олохтоохторо сүгүрүйэн ааһар ытык сирдэринэн буолаллар. Ил Дархан сүбэһитигэр Өксөкүлээх сиэнэ, “Өксөкүлээх Өлөксөй эргимтэтэ” уопсастыбаннай тэрилтэ духуобунай лиидэрэ, “Үс сэргэ — үс кут” бырайыак ааптара Людмила Кулаковская көрүк ис хоһоонун билиһиннэрдэ.

Өксөкүлээх туохха эмэ ылсарыгар, барытын олохтоохтук толкуйдаан оҥорор эбит. Онон Саха сиригэр үс араас улууска ҮС СЭРГЭНИ туруоруута — туох эрэ үйэлээх толкуйтан саҕыллыбыт буолуохтаах. Бастакы сэргэни туруорууну Чурапчыттан саҕалаабыт. Оччолорго Боотуруускай улуус — илин эҥээр улуустар хабыллар ортолоро, — диэн саҕалаата кэпсэтиини Людмила Реасовна. Кини салгыы сэргэлэр үс улууска турбут төрүөттэрин быһаарда. Ол курдук, 1904 сыллаахха Чурапчы улууһун Арыылаах нэһилиэгэр Өксөкүлээх кэлэн өбүгэ сиэрин-туомун тутуһан, арыгыта суох уруу тэрийбит. Манна кини саҥа олох түстэниитин бэлиэтин — ИЙЭ КУТ бастакы сэргэтин туруорбут. 1905 сыллаахха Үөһээ Бүлүү улууһугар эмиэ Арыылаах нэһилиэгин Оҥхой учаастагын олохтоохторугар от охсор тэрили илдьэ тиийэн, оһуохай тэрийэр. Кини манна үлэни, или уонна уйгулаах олоҕу түстүүр БУОР КУТ — иккис сэргэтин туруорбут. 1924 сыллаахха эйэлээх олох кэлбитин, судаарыстыбаннас түстэммитин уруйдаан, Өймөкөөн улууһун Томтор нэһилиэгин Үрэх Төрдө диэн сиргэ өбүгэ үгэһин барытын тутуһан ыһыах ыһар уонна манна – САЛГЫН КУТ үһүс сэргэтин туруорбут. Оттон улуу бөлүһүөк төрөөбүт дойдутугар, Таатта Чычымаҕар баар Учай – Өксөкүлээх киинэ түспүт Ытык сирэ.

—  Улуу бөлүһүөк Алексей Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүтэ 140 сылын бэлиэтииргэ туһуламмыт түөрт улууска икки нэдиэлэлээх “Үс кут – үс сэргэ” диэн айан эспэдииссийэни тэрийии сүрүн соруга — Саха сиригэр баар үс уникальнай мас өйдөбүнньүгү Бүтүн Арассыыйатааҕы култуурунай, духуобунай ис хоһоонноох өйдөбүнньүктэр реестрдэригэр киллэрии, — диэн бэлиэтээтэ Людмила Кулаковская. История өйдөбүнньүктэригэр икки эспэдииссийэ сылдьара былааннанар. Ол курдук, бастакы эспэдииссийэҕэ айар куттаах дьон сылдьыахтара. Бэс ыйыгар ыһыах кэмэ буолан, дьон сахалыы тыына, толкуйа уһуктар кэмэ. Онон эспэдииссийэ кыттыылаахтара наука уонна култуура диэйэтэллэрэ, уопсастыбанньыктар бу үс улуус нэһилиэктэринэн ыһыахтарга сылдьыахтара.

— Туризм араас көрүҥнээх. Бу тэрээһининэн биһиги духуобунай туризм хайысхатын сайыннараары гынабыт.  Эспэдииссийэҕэ туспа айылҕалаах дьону сыһыарарга кэпсэтии ыыта сылдьабыт. Мин Мандар Ууһу кытта бу бырайыак туһунан сүбэлэспиппэр, кини олуһун үөрбүтэ уонна: «Маннык ис хоһоонноох бырайыагы олус кэтэспитим», —  диэбитэ. Эспэдииссийэҕэ Мандар Ууһу таһынан Эдьиий Дораны, Куланы кытыннарарга толкуйдуубут. Бу дьону саха норуота олус убаастыыр.  Оттон иккис эспэдииссийэ бу үс улууска сылдьан, Өксөкүлээх сэргэлэрин историческай өйдөбүнньүк быһыытынан докумуону — анал пааспары оҥорторорго үлэлэһиэҕэ. Онно анал идэлээх топографтар, географтар  сылдьыахтара, — диэн эттэ «Үс сэргэ — үс кут” бырайыак ааптара Людмила Кулаковская.

Чурапчы, Үөһээ Бүлүү, Таатта уонна Өймөкөөн улуустарыттан кэлбит нэһилиэктэр баһылыктара уонна уопсастыбанньыктар бу бырайыак ис хоһоонун туһунан иһитиннэриини толорон биэрдилэр.

Чурапчы Арыылааҕар Мэҥэ таас туруоҕа

— Биһиги улууспут кыраайы үөрэтээччилэрин Үөһээ Бүлүүттэн Өймөкөөҥҥө тиийэ сылдьар эспэдииссийэҕэ кытыннарыахпыт. Оттон Чурапчы улууһунан ааһалларыгар эспэдииссийэ кыттыылаахтарын уруккута Хайахсыт нэһилиэгэ, билигин Арыылаах диэн ааттаах сиргэ сырытыннарыахпыт. Манна Сыромятниковтар аймах урууларыгар Өксөкүлээх арыгыта суох чөл урууну тэрийбитэ биллэр. Эргэ Сурт алааска 2016 сыллаахха эспэдииссийэнэн тахса сылдьыбыппыт.  Онно олорор кырдьаҕастартан ахтыылары хомуйан, устан, хаартыскаҕа түһэрэн кэлбиппит.  Өксөкүлээх сэргэтэ онно сууллан сытар эрээри, ойуута-бичигэ ырылыччы көстөр, киһи араарар. Сэргэ турбут сиригэр Мэҥэ таас уонна саҥа сэргэ туруорарга былаанныыбыт. Соторутааҕыта ол таас туруохтаах сиригэр сиэр-туом ыытан кэллибит. Тааска Өксөкүлээх хас сыллаахха туох уруутун тэрийбитин туһунан суруйдубут. Эспэдииссийэ кыттыылаахтарын бэс ыйын 19 күнүгэр ыһыах ыһан көрсүөхпүт. Өксөкүлээх сэргэ туруорбут алааһа суола-ииһэ суох сир. Ол эрээри, манна дьон тиийэр усулуобуйатын тэрийиэхпит, — диэтэ Чурапчы улууһун баһылыгын солбуйааччы Октябрина Петрова.

Арыылаах нэһилиэгин баһылыга Николай Сыромятников уруу ыһыаҕа ыһыллыбыт Сыромятниковтар сыдьааннара. Онон Өксөкүлээх туруорбут сэргэтигэр ураты сыһыаннаах. Николай Егорович центнертэн тахса ыйааһыннаах Мэҥэ тааһы дабааҥҥа бэйэтэ көтөҕөн таһаарда.

Онон кэлэр көлүөнэҕэ анаммыт таас үйэ-саас тухары туруоҕа. Ыччаттарбыт биһиги дойдубутугар Өксөкүлээх туруорбут сэргэтэ баар диэн саныы сылдьыахтара, — диэн  Чурапчы улууһун дьаһалтатын култуураҕа отделын салайааччы Дмитрий Попов санаатын үллэһиннэ.

Үөһээ Бүлүүгэ эспэдииссийэни көрсөргө бэлэмнэр

1905 сыллаахха Чурапчы Арыылааҕар сэргэ туруоран баран, эһиилги сылыгар Үөһээ Бүлүү Оҥхойугар сэргэ туруорбута. Кини 1904 сыллаахха Дьокуускайга кулубалар улахан мунньахтарыгар сылдьан, Марха улууһун кулубатын кытта көрсөн Оҥхойго кэлэргэ быһаарсыбыт. Сэмэн Криговорницын 26 сылы быһа кулубалаабыт киһи. Дьон-сэргэ кинини  «баттыгаһа суох баай» диэн ытыктыыр эбит, — диэн билиһиннэрэн туран, «Оҥхой» нэһилиэгин баһылыга Герман Отов саха ынаҕын ииппит  Криговорницын баайга анаан мусуой-уһаайба тутары былаанныылларын кэпсээтэ.

Ону таһынан, бу уһаайба аттыгар саха киһитин олоҕун-дьаһаҕын көрдөрөр мусуойу тэрийэр торумнарын билиннэрдэ. Бу сүрүннээн саха ынаҕын иитиитин пропагандалыыр түмэл буолуоҕа. 2015  сыллаахха Оҥхойго 32 саха ынаҕын аҕалбыттара 56  төбө буолбут. Оҥхой нэһилиэгэ федеральнай трассаттан 12 км. Онон сайыннары-кыһыннары суола үчүгэй буолан, туризм салаата сайдарыгар бэртээхэй усулуобуйалаах дойду эбит.

Эспэдииссийэ Үөһээ Бүлүүттэн саҕалыыр ыһыаҕын аҥаардас соҕотох Оҥхой эрэ нэһилиэгэр найылаабакка, улуус дьаһалтата тэрээһиҥҥэ эмиэ көхтөөхтүк  кыттыаҕа. Бачча ыраах тиийбит дьон, аҥаардас биир эрэ нэһилиэккэ сылдьыбаттарын курдук, өссө эбии тэрээһини толкуйдуохпут, — диэн Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччы Спиридон Борбуев эрэннэрдэ.

 Үрэх төрдө Өксөкүлээхтиин сибээстээх

Өймөкөөн Томторун Үрэх Төрдө сиригэр Өксөкүлээх Өлөксөй мас ууһугар оҥорторбут дьикти сахалыы мандар оһуордаах сэргэлэрэ билигин да тураллар. Хата, атын улуустарга турар сэргэлэргэ холоотоххо, 93 сыл устата турбут сэргэлэр билигин да сэнэхтэр.

«Үс сэргэ — үс кут” бырайыак ааптара Людмила Кулаковская «Мэҥэ өйдөбүл» федеральнай партийнай уопсастыбаннай бырайыак салайааччыта Саргылана Неустроеваны кытта бу саас Үрэх Төрдүгэр сылдьан, ытык сиргэ сүгүрүйэн кэлбиттэрэ. Өймөкөөн улууһуттан кыраайы үөрэтээччилэртэн, урбаанньыттартан, суруналыыстартан, алгысчыттартан турар 15 киһилээх дэлэгээссийэ бу эспэдииссийэҕэ кыттар былааннаахпыт, — диэн эттэ Өймөкөөн урбаанньыта Семен Сивцев.

Учай — удаҕаннар уонна ойууннар түөлбэлэрэ

Өксөкүлээх төрөөбүт Уучайа «уу сир» диэн өйдөбүллээх. Чычымахтан 3,5 км курдук ыраах сиргэ баар. Өрүстэн балтараа биэрэстэ курдук хааман тиийэҕин. Биһиги, олохтоохтор, олус ытыктыыр дойдубут. Уучай — улахан, ааттарын киһи улаханнык ааттаабат удаҕаннар уонна ойууннар түөлбэлээн үөскээбит ытык дойдулара. Бу сиргэ дьон мээнэ сылдьыбат сирэ. Булчуттар уонна сылгыһыттар сылдьаллар.  Ол иһин суол-иис да манна суох. Бэс ыйын 20 күнүгэр нэһилиэк дьоно-сэргэтэ Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүтэ 140 сылынан сибээстээн, улахан үбүлүөйдээх ыһыаҕы ыһаары сылдьабыт. Бэс ыйын  21 күнүгэр улуу бөлүһүөк төрөөбүт дойдутугар, Уучайга Амма өрүһүнэн устан тиийэр былааннаахпыт. Өксөкүлээх төрөөбүт балаҕанын аттыгар төгүрүччү олорон, инникини, кэнэҕэскилээҕи кэпсэтиэхпит диэн толкуйдаахпыт, — диэн санаатын үллэһиннэ Чычымах нэһилиэгин баһылыга Степан Соров.

“Үс сэргэ – үс кут» көрүк «Мэҥэ өйдөбүл» бырайыагы кытта сибээһэ

— Өксөкүлээх «Саха интеллигенциятыгар суруга» билигин да салгыны хамсата турар. “Үс сэргэ – үс кут” көрүк дьон толкуйун улуустаһыы өйдөбүлүттэн арааран, биир сомоҕолоһууга тиэрдэр улахан соруктаах. Ол да иһин «Амма ыччата» уопсастыбаннай тэриллии кыымыттан саҕыллан, билигин Бүлүү, Дьааҥы, Алдан, Индигир өрүстэр кырдалларын ыччаттара түмсэн эрэллэр. Аны “Үс сэргэ – үс кут” көрүк Үөһээ Бүлүү Оҥхойунан сирэйдээн, Бүлүү эҥээр улуустарын, Чурапчы Арыылааҕынан — киин улуустары, Өймөкөөн Үрэх Төрдүнэн — хоту улуустары түмүөҕэ.  Өксөкүлээх убайбыт туруоран хаалларбыт үс сэргэтэ историческай духуобунай материальнай сыаннас — мас өйдөбүнньүк быһыытынан  “Мэҥэ өйдөбүл” федеральнай партийнай уопсастыбаннай бырайыак биир сүрүн хайысхатын — Арассыыйа духуобунай өйдөбүнньүктэрин ахсаанын хаҥатыахтара. Биһиги 8 улууска сырыттыбыт. Хас да чаастаах кэпсэтиилэргэ дьон ынах ыамын умнан, аһыы да барбакка, санаатын атастаста. Бу — саха норуота Өксөкүлээххэ чугаһын бэлиэтэ. Онон бу үс сакральнай сиргэ кэнэҕэс туристическай кластеры тэрийии — кэм ирдэбилинэн буолла, — диэн бэлиэтээтэ “Мэҥэ өйдөбүл”федеральнай партийнай уопсастыбаннай бырайыагы салайааччы Саргылана Неустроева.

Иккис сылбын «Саха сирин сакральнай сирдэрин туһунан» сокуон барылын оҥорон, үлэлэһэ сылдьабын. Докумуон силигин ситэн бүтэһик инстанцияларга бигэргэтиигэ барда. «Сакральнай» диэн өйдөбүл ытык сиртэн уратылаах. Саха сиригэр баар өйдөбүнньүктэр, сүрүннээн, мас тутуулар. Ол тутуулар эмэҕирэн сүттэхтэринэ, дьоҥҥо материальнай сыаннас курдук буолбакка, номох эрэ быһыытынан хаалаллар. Оттон ытык өйдөбүнньүктэр турар сирдэрэ үксүгэр нэһилиэктэр эбэтэр улуустар кыраныыссалаһыыларыгар киирэн хаалан, бу өйдөбүнньүктэри ким да көрөрө-харайара биллибэт курдук буолуон сөп. Онон мин оҥоро сылдьар сокуонум барылыгар сөп түбэһиннэрэн холобурдаатахха, “Үс сэргэ — үс кут» көрүк ытык сирдэрин «Өксөкүлээх манна кэлэн ыһыах ыспыт сирэ» диэн сокуон быһыытынан сири сиринэн, алааһы алааһынан көмүскүөххэ сөп. Бу сокуон барыла Арассыыйаҕа соҕотох. Маннык ис хоһоонноох сокуон ханна да суох. Онон уустуктардаах эрээри, биһиги ону тиһэҕэр тиэрдэн иһэбит, — диэн санаатын үллэһиннэ Ил Түмэн дьокутаата, “Мэҥэ өйдөбүл” федеральнай партийнай бырайыагы сүрүннээччи Дмитрий Семенов.

«Өксөкүлээх эргимтэтэ» Коммерческайа суох тэрилтэ улуустарынан сылдьан, Өксөкүлээх идиэйэлэрин дьоҥҥо тарҕатан, биир сомоҕолоһуулаах буоларга туһуламмыт үлэни ыытар. Онон “Үс сэргэ – үс кут” көрүк бырайыагын олоххо киллэриигэ тус бэйэм көмөлөһөргө уонна өйүүргэ бэлэммин, — диэн санаатын үллэһиннэ «Өксөкүлээх эргимтэтэ» Коммерческайа суох тэрилтэ салайааччыта Прокопий Бубякин.

«Дириҥ силистээх-мутуктаах бырайыак быһыытынан тилиннэ»

Санааҕытын истэн баран, олус кэскиллэх бырайыагы олоххо киллэрэн эрэр эбиккит диэн түмүккэ кэллим. Хас да уонунан сыл устата уон аҥы сылдьан үлэлиэххэ сөп. Ол эрээри, ол биир бырайыакка түмүллүбэтэҕинэ,  туох да сайдыыта, кэскилэ суох хаалан хаалар. Эһиги көрүккүт бэйэтэ улахан бырайыакка кубулуйбут үлэ эбит!

Өксөкүлээх им бэлиэ  олоҕу хамсатар диэн толкуйунан, бэйэ-бэйэлэриттэн ыраах эрээри, ыкса сибээстээх ити үс улуус ытык сирдэригэр ыһыах ыһан, сэргэ туруордаҕа дии. Дьиктитэ баара, науканан үөрэтиллибэккэ эрэ, кэмэ кэлэн, бэйэтэ дириҥ силистээх-мутуктаах бырайыак быһыытынан тилиннэ уонна арылынна. Ол ону эһиги миэхэ бүгүн билиһиннэрдигит. «77 дьиибэ дьибэргэттэрин, 88 араас албастарын, ийэ куппутун, салгын куппутун, 99 кудай кубулҕаттарын, буор куппутун буоҕалдьытыаҕыҥ» ,— диэн, Өксөкүлээх «Ойуун түүлүгэр» суруйбута баар. Ким да бу күлүүс  тыллар кистэлэҥнэрин була илик. Мин санаабар, бу бырайыакка сылдьар быһыылаах бу тыллар ис тутуллара. Бырайыак суолтата тоҕо күүстээҕий диэн толкуйга кэллим. Эһиги оҥоро сылдьар көрүккүт улуустары ситимниир оҥкуллаах эбит. Онтугут аны «Мэҥэ өйдөбүл» федеральнай партийнай бырайыагы кытта ыкса сибээстээх буолан, регионнар икки ардыларыгар сибээс олохтонор төрдө баар. Билигин «Регионнары кытта ыкса сибээс олохтонуохтаах» диэн ирдэбил турда. Арассыыйа иһигэр «Евразийство внутри России»  диэн тосхол «дьааһыйан» таҕыста. Онон бу бырайыак бары өттүнэн олус кэскиллээх уонна сүдү суолталаах эбит диэн сыаналаатым. Аны бырайыаккытыгар сокуон базата үөскээри сылдьар. Онон биир баҕа санаам — «Өксөкүлээх эргимтэтэ» уопсастыбаннай тэрилтэ, «Үс кут -үс сэргэ бырайыак», сакральнай сирдэри харыстааһын сокуон барыла — бу бэйэ-бэйэтин кытта ыкса сибээстээх тосхоллору сааһылыаххытын наада. Бырайыактыыр департамеҥҥа судаарыстыбаннай-уопсастыбаннай хайысхалаах бырайыак быһыытынан көмүскүөххэ наада. Онно тустаах докумуону оҥорон бэлэмнээҥ, мин өйүөҕүм, — диэн санаатын этэн Ил Дархан сүбэһитэ Андрей Борисов сүбэ мунньаҕы түмүктээтэ. 

Онон бу суолталаах мунньаҕы Өксөкүлээх туруорбут сэргэлэригэр айан эспэдииссийэтин бырайыагын сүрэхтэниитинэн  ааҕыахха сөп.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0