Өксөкүлээх пааматынньыгар көрсүөҕүҥ

Бөлөххө киир:

Күндү биир дойдулаахтарбыт!

Кулун тутар 4 күнэ — саха уус-уран литературатын төрүттээччи, олоҕун бүүс-бүтүннүү саха тылын, фольклорун, итэҕэлин үөрэтиигэ анаабыт учуонай, бөлүһүөк, бэйиэт Алексей Елисеевич Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй  төрөөбүт күнэ.

Бу күн төрөөбүтэ 141 сылын бэлиэтээн, бука бары күнүс 11 чааска, Доҕордоһуу болуоссатыгар Өксөкүлээх Өлөксөй пааматынньыгар түмсүөҕүҥ, тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн ууруоҕуҥ!

                  Өксөкүлээх эргимтэтэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0