Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан уулуссаҕа өйдөбүнньүк бэлиэ баар буолла
Алексей Елисеевич Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүтэ 144 сылыгар анаан кулун тутар 16 күнүгэр кини аатын сүгэр уулуссаҕа өйдөбүнньүк бэлиэ арылынна.
Бу «Саха Сирэ» хаһыат уонна Олоҥхо тыйаатыра 2019 сылтан саҕалаабыт улуу суруйааччылар ааттарын ыччакка уонна Дьокуускай ыалдьыттарыгар билиһиннэрэр хамсааһыннарын салгыыр тэрээһин буолла. 2019 сыл күһүнүгэр Алампа аатын сүгэр уулуссаҕа, онтон икки ый буолан баран Николай Неустроев аатынан уулуссаларга маннык өйдөбүнньүк бэлиэлэр ыйаммыттара.
Тэрээһин саха сиэринэн алгыһынан саҕаланна. Олоҥхо тыйаатырын артыыстара сиэдэрэй бэйэлээх сахалыы таҥаһынан симэнэн, үөрүүлээх тэрээһин бырааһынньыгын киэргэттилэр.
Бастакынан тылы улуу суруйааччы сиэнигэр Раиса Реасовна Кулаковскайаҕа биэрдилэр. Раиса Реасовна маннык өйдөбүнньүк куоракка баар буолбутуттан олус диэн үөрэрин эттэ:
— Олоҕум тухары Өксөкүлээх Өлөксөй сиэнэ буолан улахан эппиэтинэһи сүгэн кэллим. Аҕабын кытта үйэм сааһым тухары саха литературатын халыҥ хаарын сиэлэн, тэпсэн кэллим диэххэ сөп. Кини “Аҕам олоҕо” диэн сэһэнин суруйарыгар Алексей Елисеевич Сеймчаҥҥа олорбут кэмин туһунан тугу да булбатаҕа, Өймөкөөҥҥө, Сеймчаҥҥа тиийэн даҕаны. Онтуката кинигэ тахсыбытын, аҕам күн сириттэн барбытын кэнниттэн эһээбит ол кэмнээҕи суруйуулара көстөн кэлбиттэрэ. Бу күннэргэ ол ахтыылара кинигэ буолан киэҥ эйгэҕэ тахсыбыта, онтон үөрэбин. Аата ааттана турара, дьон ытыктыыра уостубата миигин олус үөрдэр. Кыра эрдэхпинэ дьонум атын аймахтары кытта чугастык алтыспат этилэр. Ол эһээбит аата самнарылла сылдьыбыт кэмигэр куттанан тэйсэ сылдьыбыттар эбит. Онтон хомойон аҕам биир даҕаны аймаҕын кытта билиһиннэрбэтэҕэ. Аҕыйах сыллааҕыта Кыйыга Өлөөһөлөр диэн аймахтар мунньустан улахан ыһыах ыыппыппыт, 400-кэ киһилээх ыһыаҕы. Онно билбитим, хайдахтаах курдук үчүгэйин, халыҥ аймахтаах буолар! Онон сахалар бары аймах курдук санаһан бииргэ буолуоҕуҥ, өбүгэлэрбитин умнумуоҕуҥ диэхпин баҕарабын! Уонна бу хаһыаппытыгар “Саха сиригэр” махталбын тиэрдиэхпин баҕарабын!
Бу кэнниттэн куорат дьаһалтатыттан, суруйааччылар сойуустарыттан, Кулаковскай институтуттан бэрэстэбиитэллэр бэлиэ күнү өрөгөйдөөн тылларын эттилэр.
Тэрээһини бачыымнаабыт “Саха сирэ” хаһыат эрэдээктэрэ Родион Кривогорницын “улуу дьоммутун ааттата туруоҕуҥ” диэн мустубут дьону ыҥырда:
— Бу өйдөбүнньүк бэлиэ номнуо үсүһүнэн буолар. 2019 сыл Олоҥхо тыйаатырын кытта Анемподист Иванович Софронов-Алампа, Николай Денисович Неустроев аатынан уулуссаларга, төрөөбүт күннэригэр, оҕолор, ыалдьыттар билэ-көрө сылдьалларын курдук ким туох дьон буолалларын туоһулуур суруктары ыйаабыппыт. Ааспыт сылга хамсык туран бу хамсааһыны тохтоппуппут, онтон бүгүн, улуу киһибит Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүт күнүгэр үлэбитин сөргүттүбүт. Куоракка элбэх биллэр-көстөр дьоммут аатын уулуссалар элбэхтэр эрээри, ким, туох өҥөлөөх дьон буолалларын кэпсиир туох даҕаны суох. Ону көннөрөр сыалтан икки тылынан суруллубут өйдөбүнньүк суруктары ыйыырга санаммыппыт.
Өйдөбүнньүк бэлиэ Кулаковскай аатынан уулусса 28 дьиэтин (Якутагропромпроект) сирэй өттүгэр ыйанна.
«Саха Сирэ», edersaas.ru, Егор Карпов, ааптар хаартыскалара