Крым баһылыга Сергей Аксенов Саха сиригэр эҕэрдэ ыытта

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Крым өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Сергей Аксенов Саха сирин олохтоохторун Саха сирэ Арассыыйа састаабыгар киирбитэ 390 сылынан уонна Саха АССР тэриллибитэ 100 сылынан эҕэрдэлиир, доруобуйаны, табыллыыны, Арассыыйа уонна өрөспүүбүлүкэ туһугар саҥа саҕалааһыннарга ситиһиилэри баҕарар.

Сергей Аксенов бэлиэтииринэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтэ дириҥ устуоруйалаах, үйэлэргэ түмүллүбүт үгэстэрдээх, айылҕа баайдаах Арассыыйа ураты эрэгийиэнинэн буолар. «Ол эрээри Саха сирин сүрүн баайынан кини олохтоохторо буолаллар. Эһиги өрөспүүбүлүкэҕит социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыы улахан соруктарын ситиһиилээхтик быһаарар», — диэн бэлиэтиир.

Сергей Аксенов этэринэн, Саха сирин уонна Крым олохтоохторун дойдуга таптал, дойдуну өссө модун уонна сайдыылаах оҥорорго дьулуһуу түмэр.

«Саха сирин сайдыыта, Крым курдук, эйэҕэ, сомоҕолоһууга, гражданскай уопсастыба уонна былаас биир буолуутугар баар. Биһиги эрэгийиэннэрбит бииргэ үлэлээһиннэрэ кэҥээн иһэр. Ол курдук, Крым өрөспүүбүлүкэтин миниистирдэрин сэбиэтэ уонна Саха сирин бырабыыталыстыбата сөбүлэҥ түһэрсибиттэрэ», — диэн Крым баһылыга инникитин даҕаны өрөспүүбүлүкэлэр сибээстэрэ бөҕө буоларыгар эрэллээҕин эттэ.

Санатан суруйдахха, тустаах сөбүлэҥ 2015 сыллаахха олоххо киирбитэ. 2021 сыллаахха Петербургтааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы экэнэмиичэскэй форумҥа Айсен Николаев уонна Сергей Аксенов эргиэн-экэнэмиичэскэй, научнай-тиэхиньиичэскэй уонна социальнай-култуурунай бииргэ үлэлэһии туһунан  боротокуолга илии баттаабыттара.

Бу туһунан  Ил Дархан уонна бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0