Бүгүн — норуодунай суруйааччы Андрей Кривошапкин төрөөбүт күнэ
Бүгүн, алтынньы 17 күнүгэр, Саха сирин норуодунай суруйааччыта, биллэр уопсастыбаннай уонна судаарыстыбаннай диэйэтэл, СӨ Хоту дойду аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын ассоциациятын бэрэсидьиэнэ Андрей Васильевич Кривошапкин 80 сааһын туолла.
Андрей Васильевич 1940 сыллаахха Кэбээйи оройуонун Сэбээн-Күөлүгэр күн сирин көрбүтэ.
1970 сыллаахха А.И.Герцен аатынан Ленинградтааҕы педагогическай судаарыстыбаннай институту туйгуннук бүтэрбитэ. Социологическай наукалар хандьыдаата, Хотугу форум академиятын академига.
1960-1961 сс. — Сэбээн-Күөл сэттэ кылаастаах оскуолатын учуутала.
1961-1962 сс. — «Кировскай» сопхуос хомсомуолун тэриллиитин сэкирэтээрэ.
1962-1963 сс. — А.И.Герцен аатынан Ленинградтааҕы педагогическай судаарыстыбаннай институт устудьуона.
1963-1966 сс. — Сэбиэскэй аармыйаҕа сулууспалаабыта.
1966-1970 сс. — А.И.Герцен аатынан Ленинградтааҕы педагогическай судаарыстыбаннай институт устудьуона.
1970-1977 сс. — Сэбээн-Күөл орто оскуолатын дириэктэрэ.
1975-1977 сс. — РСФСР Үөрэҕин министиэристибэтин иһинэн баар научнай-чинчийэр институт Дьокуускайдааҕы филиалын младшай научнай үлэһитэ.
1977-1979 сс. — «Кировскай» сопхуос парткомун сэкирэтээрэ.
1979-1980 сс. — Сэбээннээҕи сопхуос отделениетын салайааччыта.
1980-1981 сс. — Саха АССР миниистирдэрин сэбиэтин инструктора.
1981-1990 сс. — Дьокуускайдааҕы КПСС обкомун отделын сэбиэдиссэйин салайааччы, инструктор.
1990-1993 сс. — РСФСР норуодунай дьокутаата, Саха АССР норуодунай дьокутаата, РСФСР Үрдүкү Сэбиэтин бастайааннай чилиэнэ, Хоту, Сибиир уонна Уһук Илин аҕыйах ахсааннаах норуоттарын боппуруостарыгар подкэмитиэт бэрэссэдээтэлэ.
1994 сылтан — СӨ норуодунай дьокутаата, РФ Федеральнай мунньаҕар Ил Түмэн бастайааннай бэрэстэбиитэлинэн үлэлээбитэ.
2008 сылтан — Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы.
1982 сылтан — ССРС суруйааччыларын сойууһун силиэнэ.
Андрей Кривошапкин айымньылара 1962 сылтан бэчээттэнэллэр. Бастакы кинигэтин аата «Опо» диэн, 1969 сыллаахха эбээн тылынан тахсыбыта. «Олени моего детства», «Уйамкане идут на Север» сэһэннэрэ, «Берег судьбы», «Золотой олень» арамааннара уо.д.а. ааҕааччы киэҥ билиниитин ылбыттара.
Суруйааччы Эрилик Эристиин аатынан уонна Арассыыйа улахан литературнай бириэмийэлэрин лауреата, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ бочуоттаах олохтооҕо буолар.
edersaas.ru
СИА хаартыската.