«Ковиды» эмтиир саҥа ньыманы туһаналлар

Бөлөххө киир:

2-с №-дээх өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһа-Суһал мэдиссиинэ көмөтүн киинэ аан бастакынан “ковидынан” ыалдьыы ыарахан көрүҥнэрин эмтииргэ эфферентнэй ньымалары туттан саҕалаатылар. Бу ньыма хааҥҥа иһии цитокиннарын таһаарарга уонна организм иһиигэ эппиэтин намтатарга туһуламмыт.

Бүгүҥҥү күҥҥэ биһиги бу ньыманы туһанан эмтээһиммит үтүө түмүктэри биэрдэ. Ону тэҥэ, киһи олус ыараханнык тыынар, тыын былдьаһар буоллаҕына, “экстракорпоральнай мембраннай оксигенация” ньыматын туһаммыппыт. Ол эбэтэр, бу – тыҥа тыынарын быстах кэмҥэ солбуйар инвазивнай ньыма буолар, — диэн балыыһа инфекционнай отделениетын сэбиэдиссэйэ Захар Рожин кэпсиир.

Билигин бу балыыһа быраастара: сэбиэдиссэй, анестезиолог-реаниматолог З.М. Рожин, пульмонолог-быраас Н.И. Гаврильева, анестезиолог-реаниматолог А.С. Харлампьева, терапевт-быраас Н.Н. Устинова Арассыыйа биир биллэр балыыһатыгар – Москватааҕы 52-с №-дээх килиниичэскэй балыыһаҕа стажировкалана сылдьаллар.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: sakhagov.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0