2-с №-дээх өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһа-Суһал мэдиссиинэ көмөтүн киинэ аан бастакынан “ковидынан” ыалдьыы ыарахан көрүҥнэрин эмтииргэ эфферентнэй ньымалары туттан саҕалаатылар. Бу ньыма хааҥҥа иһии цитокиннарын таһаарарга уонна организм иһиигэ эппиэтин намтатарга туһуламмыт.
— Бүгүҥҥү күҥҥэ биһиги бу ньыманы туһанан эмтээһиммит үтүө түмүктэри биэрдэ. Ону тэҥэ, киһи олус ыараханнык тыынар, тыын былдьаһар буоллаҕына, “экстракорпоральнай мембраннай оксигенация” ньыматын туһаммыппыт. Ол эбэтэр, бу – тыҥа тыынарын быстах кэмҥэ солбуйар инвазивнай ньыма буолар, — диэн балыыһа инфекционнай отделениетын сэбиэдиссэйэ Захар Рожин кэпсиир.
Билигин бу балыыһа быраастара: сэбиэдиссэй, анестезиолог-реаниматолог З.М. Рожин, пульмонолог-быраас Н.И. Гаврильева, анестезиолог-реаниматолог А.С. Харлампьева, терапевт-быраас Н.Н. Устинова Арассыыйа биир биллэр балыыһатыгар – Москватааҕы 52-с №-дээх килиниичэскэй балыыһаҕа стажировкалана сылдьаллар.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru