Бүгүн, ахсынньы 9 күнүгэр, коррупцияны утары охсуһуу күнэ бэлиэтэнэр. Итинэн сибээстээн, бу хайысханан борокуратуура уорганнарын үлэтин билиһиннэрэбит.
Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ», https://edersaas.ru/
Биллэрин курдук, “коррупция” диэн өйдөбүлгэ сулууспа, доуһунас балаһыанньатынан, боломуочуйаларынан туһаныы, бэриги ылсыы-бэрсии, коммерческай подкуп о.д.а. ньыманан, албаһынан бэйэ хармаанын хаҥатыныы киирэр. РФ Холуобунай кодексатыгар ити дьайыылар иһин эппиэти сүгэр хас да ыстатыйа баар. Маны сэргэ, “Коррупцияны утары” федеральнай сокуон өйдөтөр-сэрэтэр үлэни ыытары эмиэ ирдиир. Бу сокуон туолуутун борокуратуура уорганнара үлэлэрин биир сүрүн хайысхата оҥостон, тиһигин быспакка хонтуруоллууллар, кыраҕытык кэтииллэр.
Ол курдук, СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, муниципальнай уонна судаарыстыбаннай сулууспа туһунан сокуону толоруу эйгэтигэр ордук элбэх кэһии тахсыбыт. Бу дьыл 9 ыйыгар борокуратуура итинник 3 тыһыынча кэһиини булбут, 520 киһи эппиэккэ тардыллыбыт, холуобунай дьыаланы тэрийэр туһунан боппуруоһу быһаарарга диэн силиэстийэ уорганнарыгар 27 бэрэбиэркэ матырыйаалын ыыппыт.
Холобурга, итинник бэрэбиэркэлээһин кэмигэр биир министиэристибэ уонна икки департамент судаарыстыбаннай сулууспалаахтара дохуоттарын, ороскуоттарын, баайдарын-малларын туһунан ыспыраапкаларын көрдөрүүгэ ситэтэ суох биитэр сымыйа сибидиэнньэлэри биэрбиттэрэ биллибит. Борокуруор ирдэбилинэн, ити ыйыллыбыт тэрилтэлэр 28 дуоһунастаах сирэй, 23 үлэһит дьиссипилиинэ эппиэтинэһигэр тардыллыбыт.
Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бу сыл 9 ыйыгар коррупцияҕа сыһыаннаах 130 буруй оҥоһуллубут.
Борокуратуура бэлиэтииринэн, муниципальнай тэриллиилэр баһылыктара сулууспаларын балаһыанньатынан туһанан, бүддьүөт харчытын уорар чахчылара тахсаллар. Коррупцияҕа “охтумтуо” эйгэлэринэн үөрэҕи, холуонньаларга сокуону тутуһууну, суолга куттала суох айаннааһыны, гражданнарга уонна юридическай тэрилтэлэргэ судаарыстыбаннай өҥөлөрү оҥорууну ааттыыллар, ону тэҥэ, хонтуруоллуур тэрээһиннэри ыытыыга эмиэ булаллар.
Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ», https://edersaas.ru/