Коронавируһу бохсууга үлэлэһэр суһал ыстаап иһитиннэрбитинэн, кэнники хонукка 318 киһи үтүөрбүт.
Балыыһаҕа 28 киһи киирбит, бу 157 киһи ыалдьыбытыттан. Итинтэн Дьокуускайга регистрацияламмыта 40,8%, улуустарга — 59,2%. Бүгүҥҥү күн туругунан стационардарга 17,8% киһи эмтэнэр, тастан – 82,2%.
Өрөспүүбүлүкэ лабораторияларыгар кэнники хонукка 3 570 анаалыс, пандемия саҕаланыаҕыттан 2 245 230 тест бэрэбиэркэлэммит.
Быһыы бастакы компоненын 614 621 киһи ылбыта бэлиэтэнэр. 156 590 киһи ревакцинацияламмыт.
Мэдиссиинэ көмөтүн дьиэҕэ 409 биригээдэ оҥорбут.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1