Коронавирус дьаҥын кыайар үс бородууктаны ааттаатылар

04.12.2020
Бөлөххө киир:
Хотугу Каролина университетын учуонайдара коронавирус дьаҥын кыайар үс бородууктаны чинчийэн быһаарбыттар. Ол туһунан Flontiers in Plank сурунаалга тахсыбытын РИА саайт иһитиннэрэр.

 SARS-COV-2 вируһу күөх чэй, какао бороһуок уонна виноград отоно кыайара биллибит. Күн ахсын бу бородуукталары аһылыгар туттар киһи бу дьаҥҥа сыстыбатын туһунан сырдаппыттар.

Бэлиэтээн эттэххэ, коронавирус дьаҥар ыалдьан баран чөлгө түһүүгэ ордук Д уонна С битэмиин туһалаахтарын быраастар ыйбыттара. Ону сэргэ элбэх мүлүгүр ууну иһии туһалааҕа биллибитэ. Имбиир, чосунуок туһалаахтара коронавирус тарҕанаатын кытта суруллубута.

Имбииргэ гингерол диэн бэссэстибэ дьарҕа ыарыылаах дьон дьаҥҥа хат сысталларын  намтатарын туһунан учуонайдар чинчийэн быһаарбыттара.  Оттон дьаҥҥа сыстыыны намтатар туһуттан киһи күн ахсын күөх чэйи, какаолаах аһы уонна виноград отонун сиирин туһунан быһаарыылара дьоҥҥо саҥа эрэли үөскэтиэҕэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0