Коронавирус дьаҥа улуустарга сытыырхайда

Ааптар: 
22.10.2020
Бөлөххө киир:

Таатта улууһугар коронавирус дьаҥар сутуллубут дьон ахсаана күннэтэ элбии турар. Улуустааҕы суһал ыстаап иһитиннэрбитинэн, алтынньы 22 күнүгэр ковидтан эмтэнэр киһи ахсаана 172 буолбут. Мантан алта киһи үтүөрдэ, эбии 36 киһи ыарыйда.

edersaas.ru

Икки нэдиэлэлээх анаалыс мунньуллан кэлбитин түмүгэр эбиллии биллэр диэн Суһал ыстаап этэр.

Нэһилиэктэринэн  ылан көрдөххө, саамай элбэх киһи Ытык Күөлгэ – 295 киһи ыалдьа сылдьар. Итиэннэ Туора Күөлгэ – 38 киһи, Уус-Тааттаҕа – 36 киһи, Кыйыга – 27 киһи, Харбалаахха – 22 киһи, Баайаҕаҕа – 14 киһи. Уоннааҕы нэһилиэктэргэ уон иһинэн киһи ыалдьыбыта бэлиэтэнэр.

Таатта улууһун Ытык-Күөлүн олохтооҕо Зинаида Дедюкина: «Бу бэйэбит улууспут иһинээҕи статистика көрдөрөрүнэн олус элбэх киһи ыалдьар. Дьон-сэргэ ол иһин куттанара, мунаахсыйара ханна барыай. Бары орохпутун хастан, ыарыы кэлэригэр бэлэм олоробут. Сорох-сорохтор түргэнник ыалдьа охсон үтүөрбүт киһи диэн баҕалаахтар», — диэн санаатын этэр.

Билигин Саха сирин үрдүнэн бу дьаҥҥа сутуллубатах биир да улуус суох. Улуустарга коронавирус тарҕаныытын хонтуруолга тутар, ыарыыны сэрэтэр үлэ күүскэ барар. Ол да буоллар ыарыы сытыытык тарҕанара дьиксиннэрэр.

Өрөпүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев хас биирдии киһини, хас биирдии тэрилтэни, итиэннэ муниципалитет баһылыктарын санитарнай эпидемиологическай миэрэлэри кытаанахтык тутуһарга ыҥырбыта. Онон бэйэ-бэйэҕэ харыстабыллаах сыһыан, тус эппиэтинэс диэн баарын умнумаҥ.

Ирина Ханды, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: Интэриниэт ситимиттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0