Коронавирус туһунан кыралаан…

02.04.2020
Бөлөххө киир:

Дьокуускай куорат 1 №-дээх поликлиникатын кылаабынай бырааһа Алевтина Эверстова:

– Онкологияҕа мэдиссиинискэй көмөнү оҥоруу туһунан СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин бирикээһинэн, коронавирус инфекциятын бопсорго үрдүк бэлэмнээх буолуу эрэһиимин кэмигэр искэн ыарыылаахтары уонна аан бастаан кэлэр ыарыһахтары көрүү тохтотуллубат.

Биһиги онкологтарбыт аҥаардас ааспыт нэдиэлэҕэ меланомаҕа уорбаланар түөрт киһини буллулар. Билигин чинчийии үлэтэ барар. Искэн ыарыылаахтары эбии кутталга киллэрбэт туһугар, биһиги поликлиникабыт химиотерапияны өрөспүүбүлүкэтээҕи онкодиспансер күнүскү балыыһатыгар оҥорорго быһаарда. Онон, диспансер уопсай балаһыанньаны өйдөн, бэйэтигэр эбии ноҕуруусканы ылла.

Николай Тихонов, оҕо сыстыганнаах ыарыыларын килиниичэскэй балыыһатын кылаабынай бырааһын солбуйааччы:

Биһиги эмиэ өрөспүүбүлүкэтээҕи килиниичэскэй балыыһа сыстыганнаах ыарыыларга отделениетын эрэһиимин курдук үлэлии олоробут. Быраас, мэдиссиинискэй сиэстэрэлэр уонна санитаркалар састааптаах биригээдэлэр кинилэри кытары үлэлииллэр. Бэйэ-бэйэлэрин түөрт чаас буола-буола солбуйсаллар. Балыыһа ыарыһахтары тутар отделениета эмиэ уруккутун курдук үлэлиир.

Людмила Неустроева, өрөспүүбүлүкэтээҕи килиниичэскэй балыыһа кылаабынай бырааһын солбуйааччы:

– Икки төгүллээх “отрицательнай” анаалыс кэнниттэн 3 ыарыһах муус устар устар 1 күнүгэр балыыһа коронавируснай отделениетыттан таҕыста Кинилэр туруктара үчүгэй.

Иван Луцкан, Дьокуускай куорат Мэдиссиинэҕэ киинин куорат таһынааҕы нэһилиэктэр отделениеларын сэбиэдиссэйэ:

— Жатайга омук сириттэн кэлбит 50-ча киһиттэн анаалыстары ылыы салҕанар, обсерваторга миэстэ бэлэмнээтибит. Отделение кэлэктиибэ “ыраахтан” үлэлиир, ыарыһахтар, ол иһигэр оҕолор, дьиэҕэ эмтэнэллэр.

Саргылана Васильева, Дьокуускай куорат 2 №-дээх балыыһатын кылаабынай бырааһа:

– Биһиги үлэһиппит анаалыһа “положительнайынан” бигэргэммэтэҕинэн, балыыһаҕа харантыын устулунна. Эмтэнээччилэрбитигэр регистратура колл-киинин уонна “суһал линия” төлөпүөннэрин ыйан туран, саҥа маршруту оҥордубут.

Кузьмин уул., 3-гэр баар поликлиникабыт үлэлиир, ол гынан баран, ыарыһахтары былаан быһыытынан көрүү тохтотулунна.

Төлөпүөннэр: колл-киин – 21-96-95, «суһал линия» — 8 914 823 52 00.

«Саха сирэ», edersaas.ru анаан Зоя ИГНАТЬЕВА

Ааптар хаартыската

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0