Коронавирус пандемиятын кэнниттэн ким үлэтэ суох хаалыан сөбүй?

09.04.2020
Бөлөххө киир:

Прогрессивнай үөрэхтээһин института коронавирус пандемията ааспытын кэнниттэн туох-ханнык идэлээх дьон үлэтэ суох хаалыахтарын сөбүн чинчийэн көрдө.

Аан бастаан туристическай хампаанньалар уонна экскурсия тэрийээччилэр үлэлэрин сүтэриэхтэрэ. Үгүс авиахампаанньа моҥкуруут баран, үлэһиттэр атын эйгэҕэ үлэ көрдүүргэ күһэллиэхтэрэ. Фитнес-кииннэр үлэлэрэ хааччахтаныа.

Итиэннэ онлайн-сервистэр сайдан, үгүс тэрилтэлэр автоматизацияланан, юристар, баан менеджердэрэ, кумааҕыны бэрийэр хонтуора үлэһиттэрэ үлэлэрин сүтэрэр кутталлаахтар. Электроннай көрүҥҥэ көһөн, полиграфистар үлэтэ суох хаалыахтарын сөп диэн сабаҕалаатылар.

Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru

Хаартыска stolica-s.su

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0