Коронавирус эпидиэмийэтэ тарҕамматын туһугар Ил Дархан кэккэ бопсор миэрэлэри ылар. Оттон ити кэмҥэ маҕаһыыннарга да, уулуссаҕа да киһи үгүс.
edersaas.ru
Дьиэҕэ күнү-күнүктээн олорон үлэлиир киһи быһыытынан, бүгүн күнүс салгын сии тахса сырыттым.
Киһи кыайан эргийэ хаампат массыыната! Куорат уулуссаларыттан биирдэстэригэр олох күөстүү оргуйар. Дьонунан толору. Коронавирустан сэрэнэр киһи баара көстүбэт. Ыраахтан биир-икки мааскалаах киһини көрдөххүнэ үөрэҕин.
Ордук элбэх массыына маҕаһыыннар аттыларыгар туралларын бэлиэтии көрдүм. Дьэ, мустар да буолаллар эбит! Ол аата, маҕаһыыҥҥа бу массыынанан сылдьар дьон толору буоллахтара…
Оптуобустар сырыылара мөлтөөтө дииллэр да, дьону толору тиэммит көлө эмиэ үгүс.
Саатар бүгүн кыра кыһалҕалаах киһи уулуссаҕа тахсыбат халлаана — хаара, тыала диибин диэн. Төһө эмэ кутталлаах дьаҥтан сэрэтии ыытылларын үрдүнэн, хаһан толкуйданар дьонуй? Уонна хайдах өйдөтүү үлэтин ыытыахха сөбүй? Биһиги кыракый куораппытыгар, 14 киһи бэлиэтэммитэ, туһугар, ыксаллаах быһыы-майгы эбээт, доҕоттор! Кытаатыҥ, саатар кэлэр нэдиэлэҕэ, уһун өрөбүллэргэ дьиэҕитигэр олоро сатааҥ дуу…
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ