Сорох дьон тэлэбиисэргэ сонуннары холбоон, подъезтары дезинфекциялаатыбыт диэн отчуоттуулларын көрөн кыйаханар. Хлор сыта кэлбэт, көрүдүөр, лиип ырааһыран кылабачыйбыта көстүбэт, ол аата сымыйанан дакылааттыыллар дии саныыр. Бу харантыыҥҥа дьиэҕэ түөрт эркиҥҥэ хаайтаран олорон, кырдьык, хантан билиэххиний, сууйаллар эрэ, суох эрэ.
edersaas.ru
Муниципальнай тэриллиилэр иһитиннэриилэринэн, муус устар 1 күнүгэр өрөспүүбүлүкэҕэ 8 640 элбэх кыбартыыралаах дьиэттэн 7 086 (82%) дезинфекциялаатылар. Дьокуускай куоракка 2 464 элбэх кыбартыыралаах дьиэттэн 2 389 (99%) дезинфекцияланна. Сууйар-сотор үлэҕэ 349 Салайар хампаанньа үлэһиттэрэ, дьиэни бас билээччилэр табаарыстыба-лара кытталлар. Улуустар дьиэлэри дезинфекциялыырга эппиэтинэстээх дьону анаан үлэлэтэллэр.
Ону бэрэбиэркэлээри, Салайар хампаанньабар эрийэ сырыттым, хап-сабар: «Эһиги подъезкытын соппуппут», — диэн хардардылар. “Хаһан?” – диэбиппэр, мух-мах бардылар уонна Управа хонтуруоллуурун, күҥҥэ иккитэ сотуохтаахтарын эттилэр.
6 ТУОННА ДЕЗИНФЕКЦИЯЛЫЫР ТЭРИЛИ БУОР БОСХО БИЭРДИЛЭР
СӨ ОДьКХ уонна энэргиэтикэ министиэристибэтин пресс-сэкирэтээрэ Елена Андросова, улуустар уонна Дьокуускай куорат күн бүгүн хлордаах дезинфекциялыыр тэрил саппааһынан хааччыллыбыттарын туһунан этэр.
Кулун тутар 28 күнүгэр министиэристибэ көҕүлээһининэн, «Водоканал» уонна «Саханефтегазсбыт» хампаанньа өйөбүлүнэн Дьокуускай куорат управаларыгар 6 туонна гипохлорит натрия биэрдилэр. Ити суурадаһынынан кинилэр элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр подъ-езтарыгар санитарнай сууйуу-сотуу ыытыахтара.
Дезинфекциялыыр тэриллээх дьааһыктары управалар Салайар хампаанньаларга уонна дьиэни-уоту бас билээччилэр табаарыстыбаларыгар түҥэтэллэр.
«Министиэристибэ 0,25% гипохлорит натрий суурадаһынынан Салайар хампаанньалары буор-босхо хааччыйда. Куорат управаларын кэрийэ сылдьан, дезинфекциялыыр үлэ хайдах ыытылларын бэрэбиэркэлиибит. Нэһилиэнньэ куттала суох буоларын туһугар күн аайы балаһыанньаны кэтээн көрөбүт», — диэн этэр миниистир Дмитрий Садовников.
Кини билиҥҥи эпидемиологическай балаһыанньаны учуоттаан туран, муниципальнай тэриллии баһылыктарын элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ күн аайы дезинфекция ыытарга ыҥырбыта.
Подъезтары күн аайы сотуохтаахтар
Алдан оройуонугар подъезтары күн аайы сууйарга-соторго үлэһит илии ахсаана тиийбэтэ бэлиэтэннэ. Салайар хампаанньалар биирдиилээн дьону кытта дуогабардаһан, подъезтары дезинфекциялыырга үлэлэтэллэр.
Дьокуускай куорат баһылыгын солбуйааччы Роман Сорокин элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр подъезтарыгар аан тутаахтарын, кириэлиэс кытыытын, лифт кнопкаларын дезинфекциялыыр тэрилинэн хаста да сотоллорун туһунан иһитиннэрдэ.
Дезинфекциялыыр тэриллэринэн улуустары ОДьКХ тэрилтэлэрэ уонна урбаанньыттар хааччыйаллар. Арктика оройуоннарыгар оператор — «ОДьКХ» ГУП, Усуйаанаҕа — «Теплоэнергосервис» АУо. Дьокуускайга, өрөспүүбүлүкэ киин, арҕаа уонна соҕуруу өттүгэр оператор «Бигэ» хампаанньа иһинэн тэриллибит «Арктическай технология» ХЭТ. «Бигэ» хампаанньа сууйар-сотор ууга кутарга гипохлорит натрия 5 % концентратын түҥэтэр.
Роспотребнадзор ирдэбилинэн
Дьиэлэр подъезтарын хайдах дезинфекциялыырга Роспотребнадзор Саха сиринээҕи салаатын ирдэбилин бары муниципальнай тэриллиилэргэ тиэрдибиттэрэ. Ол чэрчитинэн, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр подъезтарын дезинфекциялыыр сириэстибэнэн күн аайы инчэҕэй тэрээпкэнэн сотуохтаахтар. Кирилиэс кытыытын, ааннары, тутаахтары, домофон, лифт кнопкатын, эркинин барытын обработкалыахтаахтар. Нэдиэлэҕэ иккитэ муостаны, ааннары, эркиннэри, батарыайалары хлордаах уунан сууйуохтаахтар.
Подъезтары сууйарга 0,25 % хлору туттуохтаахтар, ону оҥорорго 10 лиитэрэ ууга 500 мл 5% гипохлорит натрий кутуллар.
Түмүк
Ити курдук дезинфекциялыыр үлэ Дьокуускай куоракка уонна улуустарга төһө даҕаны көхтөөхтүк ыытыллыбытын иһин, харантыын кэмигэр нэһилиэнньэ дьиэтигэр олоруохтаах. Оччоҕуна эрэ бэйэтин уонна чугас дьонун доруобуйатын харыстыыр кыахтаах.
Марианна Тыртыкова, edersaas.ru
«Вести Якутии» порталтан Александра Кохан хаартыскаҕа түһэриитэ.
САНААЛАР
ОЛОХТООХТОР ХЛОР СЫТА СУОХ ДИИЛЛЭР
Николай Петров, «Колорит» Салайар хампаанньа кылаабынай инженерэ:
— Дезинфекциялыыр сириэстибэнэн подъезтары күҥҥэ иккитэ сууйаллар. Үгүс олохтоохтор хлор сыта суох, ол аата тустаах үлэ ыытыллыбат дии саныыллар. Санитарнай сууйуу-сотуу кыраапык быһыытынан тиһигин быспакка оҥоһуллар. Аныгы тэриллэргэ гипохлорит натрий кырата 3 % ылар буолан, киһи муннугар сытыы сыт кэлбэт.
МАҔАҺЫЫННАРЫ ЭМИЭ ЭМИНЭН СУУЙАБЫТ-СОТОБУТ
Артур Аргунов, Автодорожнай уокурук салайааччыта:
— Дезинфекция күн аайы ыытыллар, сорох элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри күҥҥэ иккитэ сууйаллар-сотоллор. Ону таһынан, уокурук маҕаһыыннарын, оптуобус күүтэр сылаас павильоннары, нэһилиэнньэҕэ өҥө оҥорор тэрилтэлэри барыларын дезинфекциялыырга болҕомтобутуи уурабыт.
КҮҤҤЭ ХАСТА ДА СУУЙАБЫТ
Зоя Галкина, «Дьокуускай» Салайар хампаанньа сууйууга-сотууга уонна консьержтарга маастара :
— 203 микро-оройуоҥҥа биһиги 16 дьиэни уонна 6 сир аннынааҕы парковкалары, итиэннэ Клара Цеткин 12, Ленин проспегын 4 №-дээх дьиэлэрин көрөбүт-истэбит. Уопсайа 15 уборщица үлэлиир. Дезинфекциялыырга сорудах биэрбиттэригэр бары подъезтарга генеральнай сууйуу-сотуу тэрийэн, эркиннэри, ааннары, түннүктэри, кирилиэс тутуһар сирин, лииптэри кылбаччы сууйбуппут.
Онтон кыраапык быһыытынан, нэдиэлэҕэ үстэ муостаны, лииптэри, дьон илиитинэн тутар сирин сууйабыт. Эбии күнүскү уборщица ыллыбыт, кини күҥҥэ иккитэ подъезтары кэрийэ сылдьан, дезинфекциялыыр тэрилинэн аан тутаахтарын, бастакы этээскэ домофон, лифт кнопкаларын сотор. Консьержтаах подъезтар күҥҥэ үстэ хлордаах уунан бастакы этээһи сууйаллар.
Парковкаларга эмиэ күҥҥэ үстэ киирэр ааннары, лифт ыҥырар кнопкалары сотоллор.