Саха сиринээҕи Роспотребнадзор управлениета коронавирус инфекциятыттан харыстанарга сүбэлэри биэрэр.
Коронавирус (COVID-19) инфекция сибикилэрэ дьыл кэмнэригэр кэлэн ааһар гириип сибикилэригэр майгынныыллар:
— Киһи кыраадыһа тахсар;
— Төбөтө ыалдьар;
— Сэниэтэ суох буолар;
— Сөтөллөр;
— Тыынара ыарыыр;
— Былчыҥнара ыалдьаллар;
— Сүрэҕэ эриллэр;
— Хотуолуур;
— Иһэ ыалдьар.
Коронавирус инфекциятыттан сэрэнэргэ 7 хардыы
1. Уопсастыбаннай миэстэлэргэ (Эргиэн кииннэригэр, спорт уонна сынньалаҥ тэрилтэлэригэр, элбэх киһилээх тырааныспарга) сылдьартан туттунуҥ;
2 Уопсастыбаннай миэстэлэргэ сылдьаргытыгар биирдэ эрэ туттуллар мэдиссиинискэй маасканы (респираторы) туһаныҥ, 2-3 чаас буола-буола уларытыҥ.
3. ОРВИ (сөтөллөр, ытырдар, муннун уута сүүрэр) бэлиэлэрэ биллибит дьону кытары биир дьиэҕэ-уокка сылдьымаҥ уонна чугастык алтыһымаҥ.
4. Уулуссаттан кэлэн баран, атын дьону кытары алтыһыы кэнниттэн илиигитин мыылалаах уунан суунуҥ.
5. Гаджеттаргытын, оргтиэхиньикэни уонна туттар малларгытын сууйа¸ыраастыы сылдьыҥ.
6. Эҕэрдэлэһэргитигэр, төһө кыалларынан, куустуһаргытын уонна илии тутуһаргытын аҕыйатыҥ.
Өссө 5 быраабыла:
1. Туруккут мөлтөөтөҕүнэ, бырааһы ыҥырыҥ, кэнники 2 нэдиэлэҕэ ханна сылдьыбыккытын уонна кимниин алтыспыккытын биллэриҥ. Быраас этиилэрин кытаанахтык тутуһуҥ.
2. Дьону, ордук кырдьаҕастары, оҕолору уонна арҕах ыарыылаахтары кытары алтыһаргытын аҕыйатыҥ. Ыарыһаҕы биир киһи көрөрө-истэрэ ордук.
3. Сөтөллөргүтүгэр уонна ытырдаргытыгар айаххытын сабан баран, биирдэ эрэ туһаныллар салпыакканы уонна кыра былааты (платогу) туһаныҥ. Итилэр суох буоллахтарына, айаххытын саба туттан баран ытырдыҥ.
4. Тус гигиена биридиэмэттэрин уонна биирдэ туттуллар иһити эрэ туһаныҥ.
5. Дьиэҕитин дезинфекциялыыр сириэстибэлэринэн сууйуҥ, элбэхтик салгылатыҥ.
Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru