Коронавирус аан дойдуга. Алтынньы 28 күнүн түмүктэрэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:


Алтынньы 28 күнүгэр аан дойду үрдүнэн COVID-19 дьаҥынан ыалдьыбыт дьон ахсаана 43,34 мөлүйүөнтэн тахсыбыт. Ыарыы саҕаланыаҕыттан 1,15 мөлүйүөн киһи тыына быстыбыт.

edersaas.ru

Саамай элбэх ыалдьыбыт дьонноох дойду АХШ — 8,77 мөлүйүөн, иккис Индия — 7,94 мөлүйүөн, үһүс миэстэҕэ Бразилия — 5,43 мөлүйүөнтэн тахса киһи. Төрдүс миэстэҕэ Арассыыйа — 1,56 мөлүйүөн киһи, бу кэнниттэн 1 мөлүйүөнтэн 1,2 мөлүйүөҥҥэ тиийэ сыстыбыт дьонноох Франция, Испания, Аргентина уонна Колумбия тураллар.

Ааспыт ыйга биир тыһыынча киһиэхэ 2,7 ыалдьыбыт дьонноох Арассыыйа аан дойду дойдуларын иһигэр 57-с миэстэҕэ көспүт.

Егор Карпов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0