Аан дойдутааҕы доруобуйа харыстабылын тэрилтэтэ (ВОЗ) этэринэн, муус устар 7 күн киэһээтин туругунан аан дойдуга коронавируһунан 1,353 мөлүйүөн киһи (кэнники сууккаҕа — 73,6 тыһ. киһи) ыалдьыбыт. Джонс Хопкинс университет көрдөрүүлэринэн, барыта 1,485 мөлүйүөнтэн тахса киһи сутуллубут, онтон 33 тыһыынча кэриҥэ киһи үтүөрбүт.
Туоһуламмыт дааннайдарынан, бүгүн саамай эмсэҕэлээбит дойдунан АХШ буолла. Манна 432 тыһыынча киһи ыалдьыбыта биллэр. Испания иккис миэстэҕэ (148,2 тыһ.), үһүс Италия (139,4 тыһ.), төрдүс Германия (113,2 тыһ.), Франция (83,08 тыһ.) бэһис миэстэҕэ тураллар. Пандемия саҕаламмыт Кытайыгар 82 867 ыалдьыбыта биллэр, олортон 77,6 тыһыынча киһи үтүөрбүт.
Коронавирустан эмиэ Джонс Хопкинс университета көрдөрүүлэринэн аан дойдуга барыта 83 538 киһи өлбүт. Ордук ыар балаһыанньа Италияҕа бэлиэтэммит. Бу дойдуга саҥа ыарыыттан 17 669 киһи тыына быстыбыт.
Хаартыска — https://www.who.int
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1