Арассыыйаҕа бүтэһик сууккаҕа 5642 киһи коронавирустаата. Дойду 78 эрэгийиэнигэр саҥа ыалдьыбыт дьон баара биллибитин туһунан «Российская газета» саайта суруйар.
427 киһи үтүөрэн, балыыһаттан эмтэнэн тахсыбыттар.
Оттон 51 киһи коронавирус дьаҥыттан суорума суолламмыттар: 29 киһи — Москваҕа, 4 киһи — Ингушетияҕа, 3 киһи — Санкт-Петербурга, 3 киһи — Чувашияҕа, 2 киһи — Дагестаҥҥа, 2 киһи — Калужскай уобаласка, 1 киһи — Тульскай уобаласка, 1 киһи — Ставропольскай кыраайга, 1 киһи — Курскай уобаласка, 1 киһи — Воронежскай уобаласка, 1 киһи — Липецкай уобаласка, 1 киһи — Кабардино-Балкарияҕа, 1 киһи — Новосибирскай уобаласка уонна 1 киһи Иркутскай уобаласка.
Ыарыы туруоҕуттан Арассыыйаҕа 456 киһи өлбүт.
edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1