Саха сиригэр өссө биир киһи коронавирустаата

16.04.2020
Бөлөххө киир:

Бүтэһик суукка иһигэр өрөспүүбүлүкэ иһигэр 1000-ттан тахса киһи коронавируска анаалыс туттарда. Алдан улууһугар биир киһи анаалыһа бигэргэтилиннэ, онон Саха сирин үрдүнэн 36 киһи бу дьаҥынан ыарыйда диэн Ил дархан Айсен Николаев бүгүҥҥү брифинигэр иһитиннэрдэ. 

Саҥа ыалдьыбыт киһи хантаактаспыт дьоно быһаарылыннылар, бары анаалыс туттара сылдьаллар. Ыарыһах Алдан оройуоннааҕы балыыһатыгар эмтэнэ сылдьар.

Онон, билиҥҥи кэмҥэ Саха сирин үрдүнэн 21 киһи бу дьаҥтан эмтэнэ сылдьар: 10 киһи — Алдаҥҥа, 5 киһи — Ленскэйгэ, 6 киһи — Дьокуускайга (ол иһигэр биирдии Горнайтан уонна Бүлүүттэн). Уопсайа 15 киһи үтүөрдэ.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0