Дойдуга балаһыанньа хайдаҕын хас биирдии киһи билэн олорор. Өрөспүүбүлүкэ салалтата эрэгийиэн социальнай өттүнэн туруктаах буоларын хааччыйар инниттэн кэккэ дьаһаллары ылла. Итиниэхэ туһааннаах ыйаахха Ил Дархан Айсен Николаев илии баттаата.
Коронавирус тараҕаныытынан сибээстээн Саха Өрөспүүбүлүкэтин экэниэмикэтин туруктаахтык сайыннарыыны хааччыйыыга туһаайыллыбыт дьаһаллар былааннара олоххо-дьаһахха сыһыаннаах эйгэни барытын таарыйар, хас даҕаны бастан турар.
Чопчу үөрэххэ сыһыаннаах миэрэлэр былааннарыгар маннык пууннар хабыллаллар: эбии үөрэхтээһин уонна орто анал үөрэхтээһин тэрилтэлэрин онлайн-формакка уонна оффлайн-контеҥҥа көһөрүү; кыра дохуоттаах ыал оҕолоро оскуолаҕа, орто анал үөрэх тэрилтэтигэр үөрэнэллэригэр федеральнай уонна үөрэх атын онлайн-платформаларыгар босхо хааччыйыы; кыра дохуоттаах ыал оскуолаҕа, орто анал үөрэххэ үөрэнэр оҕолоро харантыын кэмигэр ыраахтан олорон үөрэниигэ көһөллөрүгэр көмпүүтэр тиэхиньикэтинэн хааччыйыы; СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтин иһинэн үлэлиир баазаларга обсерватордар арыллыбыт тэрилтэлэригэр субсидия көрүү; ыраахтан олорон үөрэтэр оскуола, орто анал уонна эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэрин педагогтарыгар ороскуоттарын толуйуу; устудьуоннары таһыы; оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин чааһынай тэрилтэлэрин өйүүр механизмы уларытыы.
Ил Дархан илии баттаабыт дьаһалларын туһунан сиһилии edersaas.ru (“Эдэр саас”) саайтка ааҕыҥ.
Людмила ПОПОВА, edersaas.ru