Анаалыстары оҥорор саҥа лабораториялар аһыллан эрэллэр

Ааптар: 
31.03.2020
Бөлөххө киир:

Олунньу 14 күнүгэр коронавирус анаалыһын миэстэтигэр оҥорорго бары эригийиэннэр Роспотребнадзор уорганнарыгар көҥүл биэрбиттэрэ.

edersaas.ru

Киэһээҥҥи брифиҥҥэ эригийиэннээҕи Роспотребнадзор салайааччыта Маргарита Игнатьева анаалыһы тутуу туһунан маннык билиһиннэрдэ:

Ол көҥүл сүнньүнэн биһиги икки лабораториябытыгар 3 тыһ.  киһиэхэ анаалыстарын бэрэбиэрэкэлээбиппит. Кулун тутар 27 күнүттэн өрөспүүбүлүкэтээҕи 3 №-дээх балыыһаҕа биир лаборатория эбии аһыллыбыта. Бэҕэһээ, кулун тутар 30   күнүгэр, өссө биир лаборатория – СПИД-кииҥҥэ аһылынна. Онон, бүгүҥҥү күннээҕи туругунан сууккаҕа 350-тэн тахса анаалыһы ылабыт.

Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ нэдиэлэ бүтүүтэ аны Мииринэй, Алдан, Нерюнгри куораттарын киин балыыһаларын салалталарыгар коронавирус инфекциятын анаалыстыыр лабараториялары аһарга сорук туруорда. Доруобуйа харыстабылын 24 тэрилтэтигэр коронавируһу диагностыырга туттуохха сөп оборудованиелар бааллар. Онон сууккаҕа 5000 анаалыһы оҥорор кыахтаахпыт.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска — СИА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0