Коронавирус: наһаа аймаммакка кыайыахпыт

28.03.2020
Бөлөххө киир:

1918 сыллаахха «испанка» диэн ааттыыр H1N1 гириипкэ аан дойду үрдүнэн улахан дьаҥ туран, ортотунан 50-100 мөлүйүөн киһи өлбүтэ диэн суруйаллар. 1957 сыллаахха «азиатскай кирииптэн» 2 мөлүйүөн киһи өлбүтэ. Оттон 2009 сыллаахха «сибиинньэ гириибиттэн» 575,400 киһи суох буолбута.

edersaas.ru

Онон наһаа уолуйбакка санааларбытын сааһыланан, бэйэбитин харыстаныаҕыҥ. Олус аймаммакка, бу ыарыыны кыайыахпыт. Билигин тумуу элбиир кэмэ, хас биирдии киһи эппиэтинэстээх буолуон наада, бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһүөҕүҥ, кырдьаҕас дьоммутугар хаһааҥҥытааҕар да улахан болҕомтону ууран, төлөпүөнүнэн билсэ олоруоҕуҥ.

Коронавируска ким баҕарар ыалдьыан сөп, ол гынан баран, 65 саастарын ааспыт дьонно, ааһан-араҕан биэрбэт тына, сүрэх, тымыр ыарыылаах, саахарынай диабеттаах дьонно сэрэхтээх, ыараханнык киирэр.

Коронавируһу эмтиир эмп билиҥҥитэ суох. Ол эрэн, араас дойдуларга вакцинаны оҥорорго үлэ бара турар. Ыалдьыбыт киһи эмтэнэр үтүөрэр.

Өссө төгүл хатылааһын мэһэйдээбэт

Коронавирус уонна гириип вирустара майгыннаһаллар, олгынан баран, генетическэй өттүнэн көрдөххө, олох атыттар. Гириип түргэнник тарҕанар, гириип сибикитэ тумууга сыстыбытыҥ кэннэ 2-3 күнүнэн биллэр. Оттон коронавируска сыстыаххыттан сибикитэ биллэн барар кэмэ (инкубационный) – 14 күн.

Коронавирус – вируһунан тарҕанар ыарыы. Ыарыы эмиэ гириип, ОРВИ курдук саҕаланар. Ыарыы бастакы сибикитэ – киһи түргэнник сылайар, сэниэтэ суох буолар. Тыынара ыарыыр, кыраадыһа тахсар, кураанаҕынан сөтөллөр, күөмэйэ ыалдьар.

Атын дойдуттан кэлбит дьоҥҥо сүбэлэр:

Өскөтүн эн атын дойдуттан кэлбит буоллаххына, 14 хонук дьиэҕэр олор. Кэллиҥ да, 8801001403 төлөпүөҥҥэ эрийэн биллэр Дьиэҕэр, төһө кыалларынан, бэйэҥ олороруҥ ордук. Ол сатаммат буоллаҕына, быстах кэмнээх изоляцияҕа, обсерваторийга миэстэ булан биэриэхтэрэ. Тоҕо диэтэххэ, төһөнөн элбэх киһини кытары алтыһаҕын даҕаны, бу дьонно сыһыарыаххын сөп. Өскөтүн 14 күн иһигэр кыраадыһын таҕыстагына, күөмэйиҥ ыарыйдаҕына, сөтөллөр буоллаххына, «суһал көмөнү» ыҥыр, поликлиникаҕа, балыыһаҕа бэйэҥ барыма.

Хайдах бэриллэрий?

Инфекция ыарыһах киһи ытырдар, сөтөллөр кэмигэр бэриллэр. Ыалдьа сылдьар киһи туппут аан тутааҕыттан, көмпүүтэр, төлөпүөн уонна атын гаджеттартан, илиинэн дорооболоһор, уоһунан, иэдэһинэн сыллаһар кэмнэ сыстыахха сөп. Дьон кирдээх илиилэринэн муннуларын, харахтарын, сирэйдэрин таарыйан, вируһу тарҕаталлар, сысталлар.

Харыстаныы

Коронавирустан хаарыстанар туһуттан илиигин мыылалаах уунан сууна сырыт.

— Кирдээх илиигитинэн сирэйгин, айаххын, хараххын таарыйыма. Маннык быраабылаларга кыра оҕолору эмиэ үөрэт, сэрэт.

— Элбэх киһи мустар сиригэр сылдьыма, уочараттарга атын киһиттэн 3 миэтэрэ ыраах тур.

— Мааската кэт, 2 чаас буола-буола уларыт. Маасканы туттан бүтэн баран, уурунаҕа бырах уонна илиигин мыылалаах уунан суун.

— 65 саастаах дьон төһө кыалларынан дьиэҕэ олорун, онно -манна сылдьа сатааман.Мааска кэтэргитин умнуман.

— Илиигитин уунан дорооболоһуман.

— Маасканы кэтэргэр үөһээ өттө муннугун сабыахтаах, аллараа өттө аллараа сыҥааххын сабыахтаах. Ханан да ха хайагас суох буолуохтаах.

— Дьиэни, үлэлиир сиргитин сотору-сотору салгылатыҥ.

 “Саха сирэ”, edersaas.ru саайтка анаан Ефросинья ДЬЯЧКОВСКАЯ,

Дьокуускай куорат 1 №-дээх поликлиникатын ыарыыны сэрэтэр отделениетын сэбиэдиссэйэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0