Ил Дархан 65-тэриттэн үөһэ саастаахтарга көмө көрүллэрин туһунан иһитиннэрдэ
Бүгүн, кулун тутар 24 күнүгэр, 19:30 чааска Саха сирин баһылыга Айсен Николаев эрэгийиэҥҥэ коронавирус балаһыанньатын туһунан брифинг ыытта.
Айсен Николаев: «Билиҥҥи туругунан, балаһыанньа уларыйбата. Ол курдук, сэттэ ыалдьыбыт киһи ахсаана эмиэ уларыйбата. Дьокуускайга субуота, өрөбүл, бэнидиэнньик устата биэс барыллаан коронавируһунан ыалдьыбыт киһи баара биллибитэ. Кинилэр анаалыстарын чопчу билээри, Новосибирскайга ыыппыппыт. Бу бигэргэнэр түгэнигэр, Саха сиригэр коронавируһунан ыалдьыбыт киһи ахсаана 12 буолар.
Мантан түөрт киһи ЯТЭК хампаанньаны кытта сибээстээх, бастакы ыалдьыбыт киһини кытта хантаактаспыт дьон буолаллар. Кинилэр бары обсерваторга бааллар.
Оттон Америкаттан кэлбит кыыс тута бэйэтин хааччахтаан дьиэҕэ олорбут уонна суһал линияҕа төлөпүөннээн биллэрбит. Кинини кытта көтөн кэлбит дьон бары быһаарылыннылар, анаалыстарын түмүктэрэ ыарыы суох диэн көрдөрбүтэ. Оттон Америкаттан кэлбит кыыс анаалыһа «положительнай» диэн көрдөрдө, билигин түмүк Новосибирскайтан кэлэрэ күүтүллэр.
Бүгүн мин уустук быһаарыныыны ылынным, сарсыҥҥыттан Дьокуускай куорат уонна Жатай 65-тэриттэн үөһэ саастаах дьонун карантин тэрээһиннэрэ түмүктэниэхтэригэр диэри бэйэлэрин хааччахтаан дьиэҕэ олороллоругар ыйаахха илии баттаатым. Тоҕо диэтэргит, аҕам саастаахтарга бу ыарыы ордук кутталлаах. Кинилэри харыстыыр сыалтан бу ыйааҕы таһаардым. Маны өйдүөххүт диэн эрэнэбин. Биэнсийэни хантаактаспакка эрэ түҥэтиэхтэрэ.
Маны тэҥэ, хааччахтаан олорууну тутуспут буоллахтарына, 65-тэриттэн үөһэ саастаах дьоҥҥо биирдэ бэриллэр 4000 солкуобай кээмэйдээх көмө көрүллүөҕэ (2000 солкуобай хааччахтаан олоруу саҕаланыытыгар уонна 2000 солкуобай бүппүтүн кэнниттэн)», — диэн эттэ.
Ил Дархан аҕа көлүөнэҕэ туһаайан иһитиннэрэр:
«Ытыктабыллаах аҕа көлүөнэбит! Тапталлаах ийэлэрбит уонна аҕаларбыт, эбэлэрбит уонна эһэлэрбит!
Бүгүн эһиэхэ туһаайан этиэхпин баҕарабын.
Эһиги эппиэтинэстээх уонна бэрээдэктээх буолуу үтүө холобура буолаҕыт! Олоххут устатыгар араас уустуктары көрсөн кэллигит. Ол да буоллар сөптөөх быһаарыныы ылаҥҥыт үөскүүр уустуктары чиэстээхтик туораабыккыт.
Бүгүн эппиэтинэстээх буолууну инники күөҥҥэ тутар быһыы-майгы үөскээтэ. Аан дойдуну сутуйбут коронавирус Сахабыт сиригэр кэллэ. Эһиги сүрүн болҕомтоҕутун, кыһамньыгытын чугас дьоҥҥутугар уураргытын бэркэ диэн билэбин. Ол эрээри саҥа вирус чуолаан саастаах дьон олоҕор уонна доруобуйатыгар кутталы үөскэтэр. Биһиги эһигини ытыктыыбыт уонна таптыыбыт, эһиэхэ куттал үөскээбэтин туһугар кыһаллабыт.
Өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар нэһилиэнньэ үс гыммыт биирэ олорор. Куораппыт олоҕо тэтимнээхтик устар, кыраныысса таһыттан күн аайы уонунан киһи кэлэр. Ол аата, вирус тарҕанар куттала сүрдээх улахан.
Ол иһин, мин эһигини көмүскүүр туһуттан ылыммыт уустук быһаарыныыбын өйдүөххүт диэн бигэ эрэллээхпин. Кулун тутар 25 күнүттэн 65-тэн аҕа саастаах Дьокуускай куоракка, куорат таһынааҕы пууннарга уонна Жатай бөһүөлэгэр олорооччулар бары булгуччу бэйэни изоляцияланыы режимин тутуһуохтаахтар. Быстах наадаҕа дьиэттэн тахсыбаккытыгар уонна уопсастыбаннай тырааныспарынан айаннаабаккытыгар көрдөһөбүн. Аһыыр аскытын атыылаһарга эбэтэр аптекаттан эмп ыларга чугас дьоҥҥутун көрдөһүҥ. Наада буолар түгэнигэр социальнай сулууспалар уонна волонтердар күүс-көмө буолуохтара. Сарсыарда эрдэ, дьон аҕыйаҕар таһырдьа тахсан салгынна сиэҥ.
Балыыһаҕа да, поликлиникаҕа да сылдьымаҥ. Ыалдьыбыт буоллаххытына поликлиникаҕа эбэтэр «суһал линияҕа» эрийэҕит. Чэпчэтиилээх рецеби дистанционнай көрүҥүнэн суруйан биэриэхтэрэ.
65-тэн аҕа саастаах Дьокуускай куорат уонна Жатай олохтоохторугар бэйэни изоляцияланыы режимин тутуһалларыгар тахсар уустуктары хайдах эмэ толуйар туһуттан биир кэмнээх социальнай көмөну оноруохпут: 2000 солкуобайы бэйэни изоляцияланыы режимэ саҕаламмытын кэнниттэн уонна 2000 солкуобайы бэйэни изоляцияланыы режимэ түмүктэммитин кэнниттэн.
Күндү аҕа табаарыстарбыт! Эһиги үөскээбит быһыыны-майгыны сөпкө өйдүөххүт уонна эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһыаххыт диэн эрэнэбин.
Эдэр көлүөнэ дьоно саастаах дьоҥҥо кыһамньылаахтык, ытыктабыллаахтык сыһыаннаһаргытыгар ыҥырабын. Саастаах дьоҥҥо кутталы үөскэтимэҥ! Эдэр чэгиэн дьон, оҕолор уонна обургу оҕолор ыарыыга хаптарымыахтарын сөп, ити эрээри аҕам саастаах дьоҥҥо өлөр кутталлаах сыстыганнаах ыарыыны сыһыарыахтарын сөп.
Бары бииргэ күндү дьоммутун көмүскүөҕүҥ, доруобуйаларын харыстыаҕыҥ!»
edersaas.ru