Дьокуускайга коронавирус дьаҥын быһаарар үһүс лаборатория арылынна

Ааптар: 
23.03.2020
Бөлөххө киир:

Бүгүн, кулун тутар 23 күнүгэр, Дьокуускайга коронавирус дьаҥын быһаарар үһүс лаборатория арылынна. Бу туһунан вице-премьер Ольга Балабкина телеграм-хнаалыгар иһитиннэрэр.

Үһүс лаборатория СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин иһинэн үлэлээтэ.

Бу иннинэ киин куоракка Роспотребнадзор управлениетын иһинэн икки лаборатория үлэтин саҕалаабыта. Онон, билиҥҥитэ өрөспүүбүлүкэбитигэр үс лаборатория коронавирус ыарыы дьаҥын быһаарар.

edersaas.ru

Хаартыска — РИА Новости саайтан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0