Арассыыйа үрдүнэн 438 киһи коронавируһунан ыарыйда

Ааптар: 
23.03.2020
Бөлөххө киир:

Бүгүҥҥү күн туругун ылан көрдөххө, Арассыыйаҕа өссө эбии 71 киһи коронавируһунан ыалдьыбыта билиннэ. 71 киһи Москваҕа ыалдьыбытын туһунан РФ Роспотребнадзорун саайта иһитиннэрэр.

Эпидемиологическай чинчийии түмүгэр биллибитинэн, бу дьон бүтэһик икки нэдиэлэ иһигэр коронавирус инфекцията тарҕаммыт сиригэр сылдьыбыт. Ыалдьыбыт дьон бары инфекционнай стационарга сытар. Роспотребнадзор иһитиннэрэринэн, анаалыстар түмүктэрэ бэрээдэк быһыытынан бигэргэтиллибит.

Коронавирустаабыт дьон хантаактаспыт дьонун быһаарбыттар, ол дьону мэдиссиинэ кэтээн көрүөҕэ. Билиҥҥитэ  анаалыстары лабораторияҕа чинчийэллэр.

Онон, бүгүҥҥү күҥҥэ Арассыыйа үрдүнэн 438 киһи ыалдьыбыта билиннэ. Бэҕэһээ биир киһи үтүөрбүтүн бэлиэтииллэр.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0