Коронавирус: аэропортарга икки төгүллээх бэрэбиэркэ оҥоһуллар
Кэнники чахчыларынан, аан дойдуга 2019-nCoV коронавируһунан 4 тыһыынчаттан тахса киһи ыалдьыбыт, ол иһигэр, 106 киһи өлбүтэ бэлиэтэннэ. Бастатан туран, Кытай Ухань куоратыгар ыалдьыбыттар. Вирус киһиттэн киһиэхэ бэриллэр буолан, ыарыы аны Японияҕа, Соҕуруу Кореяҕа, Таилаҥҥа, АХШ-ка, Германияҕа, Австралияҕа тарҕанна.
Өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар мониторинг ыытыллар, РФ кыраныыссатын аһардар пууннарга санитарнай-харантыын хонтуруолун күүһүрдэргэ эбии дьаһаллар ылылыннылар. Ол курдук, омук дойдуларын икки ардыларыгар көтөр рейстэргэ мониторинг күүһүрдүлүннэ, сөмөлүөккэ уонна “Дьокуускай” аэропорка көтүү саалатыгар икки төгүллээх термометрия (кыраадыһы бэрэбиэркэлиир аппараатынан бэрэбиэркэ) оҥоһуллар. Ону сэргэ, Хабаровскайтан, Владивостоктан, Благовещенскайтан, Иркутскайтан уонна Новосибирскайтан кэлэр рейстэр пассажирдарыгар уонна экипаж чилиэннэригэр эмиэ термометрия оҥоһуллар.
СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ сэрэтэринэн, коронавирус өрө турбут сирдэриттэн кэлбит дьоҥҥо ОРВИ ыарыы сибикилэрэ билиннэхтэринэ, эмтиир бырааска тиийэн, суһаллык иһитиннэриэххэ наада.
Билигин РФ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин Стратегическай былааннааһын киинэ коронавирус саҥа көрүҥүн детекциялыырга наадалаах тестэри оҥорон бүтэрэн эрэр. Оччотугар саҥа ыарыыны 30 мүнүүтэнэн чопчу быһаарар буолуохтара.
Ыарыы сүрүн бэлиэлэрэ:
Инфекцияҕа сыстыы 90 бырыһыаныгар – киһи кыраадыһа үрдүүр;
80 бырыһыаныгар – сөтөл киирэр;
20 бырыһыаныгар — түөс диэкинэн ыга тутар курдук буолар;
15 бырыһыаныгар – аҕылыыр.
Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ”, edersaas.ru