Вице-премьер дьиэҕэ олорорго сүбэлээтэ

Ааптар: 
19.03.2020
Бөлөххө киир:

Барыллаан чинчийиигэ коронавирус ЯТЭК биэс үлэһитигэр булуллубутун быһыытынан вице-премьер Ольга Балабкина  өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар төһө кыалларынан дьиэлэригэр олороллоругар сүбэлээтэ.  

edersaas.ru

Суруналыыстары кытта буолбут брифиҥҥэ Ольга Балабкина: «Наадалаах бородуукта саппааһа бары маҕаһыыннарга толору баар. Онон чугастааҕы лааппылартан наадалааҕы булуохха сөп. Бу күннэргэ муҥутуур ыксаллаах балаһыанньаны төһө кыалларынан дьиэҕэ олорон аһардарга сүбэлиибин», — диэн эттэ.

14 күн аннараа өттүгэр Арассыыйа тас өттүгэр сылдьыбыт дьон дьиэттэн тахсыбакка, мэдиссиинскэй үлэһиттэргэ көрдөрүөхтээхтэр.

— «Самоизоляция» диэн өйдөбүлгэ холкутук сыһыаннарга сүбэлиибин. ЯТЭК салайааччытын кытта сибээстэспит дьон инфекционнай отделениеҕа сыталлар. Бырабыыталыстыба үс чилиэнэ бэйэлэрин баҕаларынан «самоизоляцияҕа» олороллор. Барыллаан коронавирус ыарыы сыстыбыт салайааччыны кытта  сибээстэспит дьон Новосибирскайга анаалыстара бигэргэниэр диэри  обсерваторга сыталлар, — диэн Ольга Балабкина быһаарда.

Вице-премьер быһаарыытынан, Ленскэй, Нерюнгри, Өлүөхүмэ, Алдан уонна  Мииринэй оройуоннарыгар коронавируска бэрэбиэркэлэммит дьон ыарыыга сутуллубатахтара бигэргэммит. Ол да буоллар, бу дьон 14  күн эмчиттэр болҕомтолоругар сылдьыахтара.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0