Өссө биир киһи коронавирустан үтүөрдэ

Бөлөххө киир:

Бүгүн, муус устар 29 күнүгэр, икки киһи коронавирус дьаҥыттан үтүөрэн, балыыһаттан таҕыста. Күнүс биир киһи Ленскэй балыыһаттан тахсыбытын туһунан иһитиннэрбиппит.

Мииринэй балыыһатыттан биир киһи дьаҥтан этэҥҥэ үтүөрэн, балыыһаттан таҕыста. Кини иккистээн туттарбыт анаалыһыгар дьаҥ суоҕа бигэргэннэ.

Инньэ гынан, бүгүн Ленскэйгэ уонна Мииринэйгэ биирдии киһи үтүөрэн, Саха сирин үрдүнэн 27 киһи коронавирус дьаҥыттан «босхолонно».

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0