Саха сиригэр коронавируһунан ыалдьыбыт киһи үтүөрэн эрэр

Ааптар: 
20.03.2020
Бөлөххө киир:

Коронавируһунан ыалдьыбыта бигэргэммит «ЯТЭК» хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Андрей Коробов «Саха» НКИХ ханаалыгар быһа эпииргэ туруга үчүгэйин туһунан иһитиннэрдэ.

«Туругум үчүгэй. Температурам суох буолбута бэһис күнүгэр барда. Доруобай киһи курдук туруктаахпын. Балыыһа усулуобуйата уонна быраастар сыһыаннара үчүгэй», – диэн кэпсээтэ.

Кини этэринэн, ыарыы боростуой тумуу курдук саҕаламмыт: температурата 38-ка диэри тахсыбыт, мунна бүөлэммит уонна сөтөл киирбит.

«Балыыһаҕа эмп биэрэллэр, температурабын уонна дабылыанньабын кээмэйдииллэр, анаалыстары ылаллар», – диэн бэлиэтээтэ.

Андрей Коробов «ЯТЭК» хампаанньа Роспотребнадзор ирдэбилин толору оҥорорун бэлиэтээтэ уонна ыарыы салгыы тарҕамматын туһугар эрэлин биллэрдэ.

СИҺИЛИИ видео-устууну көрүҥ:

nvk-online.ru саайтан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0