“Коркинныы олоруохха, Коркинныы айыахха”

Бөлөххө киир:

Бу ыйга биһиги өрөспүүбүлүкэбит  ХХ үйэ чулуу киһитэ, саха улуу тириэньэрэ Дмитрий КОРКИН төрөөбүтэ 93 сылын бэлиэтээтэ.

Балаҕан ыйын саҥатыттан, төрөөбүт дойдутугар, айымньылаах үлэтин саҕалаабыт Чурапчытын улууһугар уонна Дьокуускайга араас хабааннаах тэрээһиннэр ыытылыннылар.

Ол курдук, балаҕан ыйын 2-9 күннэригэр киин куоракка “Строительнай” атыы-эргиэн киинин быыстапкалыыр саалатыгар, Саха АССР үтүөлээх учуутала, ССРС, РСФСР, Саха АССР үтүөлээх тириэньэрэ, «Бочуот знага» уонна «Октябрьскай өрөбөлүүссүйэ» уордьаннар кавалердара Дмитрий Петрович Коркин үөрэнээччилэрин ХХI Олимпиадаҕа Чыпчаал ситиһиилэригэр анаммыт, Саха АССР тэриллибитэ 100 сылын көрсө,  “Коркинныы олоруохха, Коркинныы айыахха” быыстапка  үлэлээтэ.

Бу быыстапка уратытынан – манна экспонаттары көрдөрүүгэ туруоруу эрэ буолбакка, нэдиэлэ устата спорт, тустуу эйгэтигэр бэйэлэрэ суоллаах-иистээх дьоннордуун, спортсменнардыын, тириэньэрдэрдиин, Дмитрий Коркин үөрэнээччилэриниин, аатырбыт олимпиецтарбытыныын, спортивнай суруналыыстардыын, Дмитрий Петрович бииргэ үлэлээбит  кэллиэгэлэриниин, кини чугас дьонунуун көрсүһүүлэр, “төгүрүк остуоллар”, Zoom кэмпириэнсийэлэр, улуу тириэньэргэ аналлаах кинигэлэр ааптардарын кытта билсиһиилэр, о.д.а. олус интэриэһинэй тэрээһиннэр ыытыллыбыттара буолла.  Маннык үтүө үгэһи «Хотугу Сулус» оҕо телерадиоакадемиятын салайааччыта, Чурапчытааҕы спортивнай оскуола-интэринээт выпускницата Татьяна Гоголева көҕүлээн, тэрийэн, олохтообута кэрэхсэбиллээх.  Быыстапка Дмитрий Коркин төрөөбүтэ 90 сылыттан саҕаланан, быйыл үһүс сылын ыытылынна.

Тэрээһин былаана олус киэҥ буолла. Тутатына бэлиэтиир наада — быыстапка үлэтин кэмигэр “Саха” национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа архыыбыттан саха тустуутун чаҕылхай түгэннэрэ көрдөрүллүбүттэрэ үгүс дьон болҕомтотун тарта.

Балаҕан ыйын 2 күнүгэр, Саха сирин успуордун сайдыытыгар сурунаалыыстыка оруолун туһунан “төгүрүк остуолга” аһаҕас кэпсэтиини В.Никифоров — Күлүмнүүр аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, суруйааччы,  спортивнай суруналыыс Иван Ушницкай иилээн-саҕалаан ыытта.  Салгыы өрөспүүбүлүкэтээҕи Ем.Ярославскай аатынан холбоһуктаах мусуой фондатыттан Сахабыт сирин успуордун сайдыытыгар анаммыт экспонаттары билиһиннэрии интэриэһи тарта. Кэпсэтиигэ мусуой үлэһиттэрэ кытыннылар. Оттон балаҕан ыйын 4 күнүгэр Монреаллааҕы Олимпиада үрүҥ көмүс призера, ССРС успуордун үтүөлээх маастара Александр Иванов уонна кини бииргэ үөрэммит доҕотторо кыттыыны ыллылар. Бу күн Гаврил Каприн «Дойдум дьоно», Семен Окоемов «Улахан түһүлгэҕэ сылдьыбыт уолаттарым» кинигэлэрин дьоруойдарын итиэннэ  интэринээт-оскуоланы 1973 сыллаахха бүтэрбиттэр бииргэ үөрэммиттэрэ Василий Константиновка анаммыт кинигэ тула сэһэргэһии тэрилиннилэр. Тустуук эдьиийэ уонна кинигэни сүрүннээччи Валерий Лыткин кытыннылар.

Балаҕан ыйын 5 күнэ – чаҕылхай күн — ХХ үйэ чулуу киһитэ, талааннаах тириэньэр ДМИТРИЙ ПЕТРОВИЧ КОРКИН төрөөбүт күнэ. Бу күн кини бастыҥ үөрэнээччилэрин ХХI Олимпиадаҕа Чыпчаал ситиһиилэригэр анаммыт «Коркинныы олоруохха, Коркинныы айыахха» көрсүһүү буолла. Саха тустуутун аан дойдуга, Олимп чыпчаалыгар таһаарбыт улуу тириэньэр Дмитрий Коркин төрөөбүт күнүгэр тэрээһиҥҥэ кини кэргэнэ, олоҕун аргыһа, РФ үөрэҕириитин туйгуна Александра Семеновна Коркина уонна хоту Булуҥҥа Дима Коркины сэттис кылааска үөрэппит учуутала 97 саастаах Мария Гаврильевна Стручкова истиҥ ахтыылары оҥороннор, мустубут дьону уйадыттылар. Бу күн Дмитрий Петрович чулуу үөрэнээччитэ олимпийскай чөмпүйүөн Роман Дмитриев аатын үйэтитиигэ үлэлэспит биир дойдулааҕа, Эдьигээн Бэстээҕиттэн Анастасия Гаврильевна Далакырова кыттыыны ылла. Манна олимпийскай чөмпүйүөн, ССРС успуордун үтүөлээх маастара, сахалар киэн туттар киһибит Павел Павлович Пинигины уонна кини бииргэ үөрэммит доҕотторун кытта көрсүһүү, үөрэппит учууталларын туһунан сэһэргэһии эмиэ олус истиҥник барда. Тэрээһиҥҥэ ИДьМ бэтэрээннэрин «Созвездие» ырыа-үҥкүү ансаамбыла кытынна.

Балаҕан ыйын 6 күнүгэр «Оҕо сааспыт биһигэ «Интэринээт томторо” — өрүү биһиги сүрэхпитигэр!» истиҥ көрсүһүүгэ Чурапчытааҕы спортивнай интэринээт-оскуоланы араас сылларга бүтэрбиттэр уонна бу үөрэх кыһатыгар үлэлээбиттэр — Куоркун хамаандатын ситиһиитин санаһыы буолла. Д.П.Коркин аатынан Чурапчытааҕы республиканскай спортивнай интэринээт-оскуола дириэктэрэ Н.Н. Гуляев салалтатынан оскуола педагогтара, тириэньэрдэр, «Саха Сирэ» хаһыат «Куоркун хамаандатын Далбар Хотуттара» таһаарыытын дьоруойдара уонна ааптар  кыттыыны ыллыбыт.

Тириэньэрдэр халыҥ хамаанданан кэлбиттэрэ үөртэ. Билигин оҕолору эрчийэ сылдьар ССРС, Арассыыйа спордун маастардара, СӨ үтүөлээх тириэньэрдэрэ, Арассыыйа, СӨ физическэй култуураҕа уонна спортка туйгуннара,  үгүстэрэ бу аатырбыт спортивнай оскуоланы бүтэрбит, Дмитрий Коркин үөрэнээччилэрин үөрэнээччилэрэ, сорохторо Дмитрий Петровиһы кытта биир кэмҥэ үлэлээбит дьон – Юрий Афанасьев, Иннокентий Посельскай, Егор Яковлев, Михаил Явловскай, Виталий Корякин, Игнат Сысолятин, Василий Стручков, Петр Кривошапкин, о.д.а. бааллар.

Кинилэр быыстапканы олус сэҥээрдилэр, күннээҕи түбүккэ киһи ардыгар барытын сыныйан көрбөтө баар суол, оттон манна, этэргэ дылы, тутан олорон, бэрт элбэҕи, сонуну көрдүбүт-иһиттибит, аны үөрэнээччилэрбитигэр тиэрдэр, кэпсиир, көрдөрөр наада — “Куоркуннуу олоруохха, Куоркуннуу айыахха”, учууталларбыт Учууталларын үлэтин салгыахха, диэтилэр.

Балаҕан ыйын 8 күнүгэр «Игры Доброй воли» кыайыылааҕа, ССРС спордун үтүөлээх маастара Василий Гоголевтыын уонна кини оскуолатааҕы доҕотторунуун сэһэргэһии буолла. Биир умнуллубат түгэн — чаҕылхай тустуук Захар Чукров олоҕун кэпсиир икки киинэ ааптара, Д.П.Коркин үөрэнээччитэ, ССРС спордун маастара, физико-математическай наука кандидата Дмитрий Егоровтыын көрсүһүү ыытылынна. Итиэннэ бу күн тэрээһиҥҥэ Захар Чукров  туһунан кинигэ  тахсыытын куратора, СӨ үтүөлээх учуутала Февронья Николаевна Егорова, Захар Николаевич оҕолоро, доҕотторо, аймахтара кыттыыны ыллылар.

Эмиэ бу күн Галина Баишева  тэрээһининэн 1976 с. выпусктар Москваттан тиийэ түмсэн, «Дорообо, оскуолам» кинигэлэрин  сүрэхтэниитэ  киэҥ  сэҥээриини  тарта.

Тэрээһиҥҥэ сылдьыбыт дьон СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин кыраайы үөрэтэр салаата туруорбут быыстапкатыгар тустууга аналлаах сэдэх кинигэлэри сэргии көрдүлэр.

Балаҕан ыйын 9 күнүгэр быыстапканы түмүктүүр тэрээһин буолла.

Иван УШНИЦКАЙ, спортивнай суруналыыс:

— Дмитрий Петрович Коркин — талааннаах тириэньэр, улахан тэрээһиннээх, бөдөҥ педагог. Кини бөлүһүөк, бөдөҥ учуонай таһымнаах киһи. Дмитрий Коркин улахан ситиһиилэриттэн атын эйгэ дьоно – промышленность буоллун, наука, култуура буоллун — холобур ылан, кини курдук үлэлиэхтэрин баҕарбыттара, кыайыыга дьулуһуулара күүһүрбүтэ. Кини үөрэнээччилэрин, Олимп чыпчаалыгар тахсыбыт уолаттарбыт Роман Дмитриев, Павел Пинигин, Александр Иванов кыайыыларыттан саҕалаан, Саха сиригэр бары салааҕа улахан хамсааһын тахсыбыта. Биһиги кыайыахпытын, тахсыахпытын сөп эбит диэн, бу өрөгөйдөөх кэм саха кутун-сүрүн көтөхпүтэ уонна саҥа ситиһиилэргэ далаһа уурбута, кынат биэрбитэ! Кини суолтата итиннэ.

Егор ПУДОВ,  СӨ физическэй култуураҕа уонна спортка үтүөлээх үлэһитэ, Д.П. Коркин аатынан СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, Д.П.Коркин аатынан Чурапчытааҕы спортивнай оскуола-интэринээт Албан аат мусуойун дириэктэрэ:

—Бу быыстапкаҕа биһиги мусуойбут биир дьоһуннаах экспоната – Дмитрий Петровиһы талааннаах педагог, тириэньэр, учуонай быһыытынан киэҥник кэпсиир альбом көрдөрүллэр. Бу альбом, спорт энтузиаһа, мас тардыһааччы Сидор Сидорович Попов 50 сыл тустуу туһунан хаһыат ыстатыйаларын кырыйан ылан мунньан, биһиэхэ бэлэхтээбит архыыбыгар олоҕуран, сылынан-күнүнэн көрөн, Национальнай библиотекаҕа уопсайа 900-чэ ыстатыйа куоппуйаланан, оҥоһуллубута.  Ол курдук, Сахааччаҕа, Александр Ивановка аналлаах альбомнар бааллар. Василий Гоголевка альбом оҥоһуллар. Вячеслав Карповка аналлаах матырыйааллар бааллар. Тустуу тиэмэтэ 1956 сылтан саҕалаан, күн бүгүнүгэр диэри мунньулла сылдьар.

Үйэтитии үлэтэ ытыктабыллаах Константин Сергеевич Постников “Музей Д.П.Коркина” диэн суруктаах бэйэтэ оҥорбут мас чымадааныттан саҕаламмыта. Кини бу чымадааны туппутунан Сойууһу биир гына сылдьан, Дмитрий Петрович олоҕун-үлэтин, саха тустуутун пропагандалыыра. Бу барыта тустуу историята — тириэньэрдэргэ, ыччаттарга айымньылаах үлэлэригэр улахан көмө буолар.

Татьяна ГОГОЛЕВА, “Хотугу сулус” телерадиоакадемия салайааччыта, бырайыак ааптара:

— Бу нэдиэлэ устата уопсайа 600-чэ киһи – спорду сэҥээрээччилэр, ыччаттар, бүгүҥҥү бары ирдэбиллэри тутуһан, кэлэн көрдүлэр. Хамсык кэмигэр сөп диибит. Тэрийсибит, көмөлөспүт тэрилтэлэрбитигэр — “Строительнай” атыы-эргиэн киинигэр, СӨ Сүүмэрдэммит хамаандаларын бэлэмниир кииҥҥэ, Роман Дмитриев аатынан Олимпийскай эрэллэр училищеларыгар, Д.П.Коркин аатынан Чурапчытааҕы спортивнай оскуола-интэринээккэ,  Албан Аат мусуойугар,  Дириҥ нэһилиэгин мусуойугар,  Ем.Ярославскай аатынан Хотугу норуоттар устуоруйаларын уонна култуураларын холбоһуктаах судаарыстыбаннай мусуойугар, “Саха” НКИХ-э, СӨ Национальнай бибилэтиэкэтигэр,  салайааччыларга барҕа махталбын тиэрдэбин. Олимпиецтарбытыгар махтал.

Павел Пинигин балта Мария Павловна Баягантаева-Пинигина убайа оҕо сылдьан кэппит, ийэтэ тикпит тэлэгириэйкитин, этэрбэстэрин аҕалан көрдөрбүтэ интэриэһи тарта. Улуу пехлеваммыт Александр Николаевич Иванов дьиэ кэргэнигэр махтанабын, быыстапканы куруутун өйүүр, көхтөөхтүк кыттар. Михаил Друзьянов Булуҥ  Бороҕонуттан Дима Коркин хоту көһөрүүгэ тиийэн үөрэммит кэминээҕи паартатын аҕалан көрдөрбүтэ барыбытын олус долгутта.

Ити курдук, бэлиэ түгэн элбэх. Быйылгы быыстапкабыт иитии-үөрэтии, сырдатыы өттүнэн сыалын-соругун ситтэ дии саныыбын.

ХХХ

Быыстапка далааһына олус киэҥ, суолтата дириҥ, хайысхата сөхтөрөр. Улуу тириэньэр үөрэнээччилэрин үөрэнээччилэрэ дойдуларыгар элбэҕи толкуйдаан, саҥаны былааннаан тарҕастылар.  Үтүө үгэс, көлүөнэ үлэтэ салҕанар. “Коркинныы олоруохха, Коркинныы айыахха”!

Татьяна МАРКОВА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0